Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (4 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
омун дьон иттэннэри кэлэн түһэ-түһэ күлүс да күлүс. Баһыычаан обургу киһи буоллаҕым буолан, дулҕа быыһыгар көлөттөн ынчыктыы сытар балтын кэлэн хонноҕун анныттан өрө тардан туруорар:

      – Та-таҥаһын бүтүннүү ки-киртиппит… – диэн, били, бэйэтэ чэнчис, сэбэр ахан киһиэхэ дылы, сэмэлээн татыахайданар. Эргитэн тэлэкэчитэ сылдьан оҕотун ырбаахытын тэбиир, ытырыык эрбэһин хатаммытын ылгыыр.

      Мин туубун төттөрү оннугар уга олорон, халыҥ үөрдээх сорсолор күөл ортотунан тоҕо анньан субу кэлтэрин көрөн:

      – Оҕолоор көрүҥҥүтүүй, кустар!.. – диибин.

      Уолаттар хаптас гынаат, үгэстэринэн тута омуннура түһэллэр, эмиэ «ытыалаан бытырҕаталлар».

      – Па, һаахтаата!.. – диэн Биэрэ хайа эрэ кус холлон кээспитин таба көрөн саҥа аллайар.

      Кустар ааһа көппүттэрин кэннэ, кэмниэ-кэнэҕэс дьэ өйдөнөн Чоойун:

      – Ыа!.. Бу да киһи доҕор!.. Саатын сүкпүтүнэн утуйан турар!.. Итиччэ элбэх, хара баһаан куһу эмиэ ыппакка хаалла…

      – Дьэ бу-буоллаҕа… Тыас таһаарбатах… Мө-мөлтөх булчут, са-сааһыт эбит, итинник буоллаҕына са-саатын тутуохха ба-баар эбит!.. – дии-дии Баһыычаан, Лэгэй саатын, тирбэҕэ быатыттан, былдьаан ылыахтыы холустук тардыалыыр. Кыра уол баар-суох сэбиттэн ытыс соттон мэлийэр күнэ-дьыла ыган тиийэн кэлбититтэн ыксаан, сүгүн, үтүөнэн биэримээри чиккэччи тэбинэн дьирээлэһэр.

      – Баһыычаа-ан! Оҕоҕун бадьыыстаама! – аа-дьуо кутаны кыйа устан дэйбэҥнэтэн иһэн куоласпын сонотон ыһыытыыбын.

      – Ой-ол!.. Иһэллэй!.. – Биэрэ уонча сорсо тыйааҕы кытары дьиэрэҥнэр күөлү кыйа көтөн илигирэһэн, сэмээр иэҕиллэн биһиги диэки хайысхаланан эрэллэрин көрөн, кырачаан сөмүйэтин оҕотунан ыйа-ыйа атын аҕай саҥа аллайа түһэр.

      – Ээ оҕом үчүгэй оҕо. Биир эмит куһу күөрэтиэхпин сааҕын убайгар уларыс, сө-өп… Оҕом үчүгэй оҕо… Хайдах кыһыл ытыспынан бултуохпунуй… Күөнэх үөллэхпитинэ ордук сыалааҕын бэрсиэм… Киэһэ күөрчэхтээх лэппиэскэ эҥин сиэхпии-ит… Чэ уларыс… Сибилигин ытан баран биэриэм… – диэн Чоойун инититтэн, ньуолбар тылынан, мас саатын төлө ыһыгыннарар.

      Чоойун кырдьык-хордьук, элэ-была тылын барытын этэн, араастаан албаһыран көрдөһөр саҥатын истэн сонньуйабын, устунан күлэбин.

      Саа уларсыбыт уол кустар үөһүнэн түһүөхчэ-түспэккэ, тайаара көтөн ааһан эрдэхтэринэ: «Букх!.. Букх!..», – диэн ытыалыыр. – Биир кус ити түстэ! Биир ол хойобуун баран иһэн эмиэ түстэ!.. Икки кустанныбыт!.. Дьоро киэһэ буолла!.. – дии-дии, өрө эккирии-эккирии хаһыытыыр.

      – Оргууй нохоо!.. – диэн уолу буойабын.

      – Биир кус бу сы-сытар, – Баһыычаан доҕорун Чоойуну кытта «кустуу үөрүйэх» киһи «өлөн түспүт куһу» дулҕа быыһыттан, кырдьык-хордьук курдук ылбыта буолан тэлэкэчийэр.

      – Хайна баайый?.. – Биэрэ Баһыычаантан ыйытар.

      – Миэхэ көрдөрүүй… – аны Лэгэй кус көрөөрү, убайын илиитин-атаҕын манаһар.

      Биэрэ арыый обургу киһи, убайдара дьээбэлэнэллэрин дьэ өйдөөн, тиэрэ-маары тылласпытыттан бэйэтэ да сонньуйар, сатамньыта суох саҥарбытыттан саата быһыытыйан


Скачать книгу