Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (4 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
оҕуспун биэрэбин…».

      Хамначчыт чэгиэн бэйэлээх эдэр кэргэннээх, от-мас үлэтин кыайа тутар киһи, тойонун өтөҕүн кытта хатыҥ чараҥынан быысаһар кыракый өтөххө туспа балаҕаннанан «бур-бур» буруо таһааран олороро эбитэ үһү. Оҕо эрдэҕиттэн үлэһитинэн сылдьыбыт, «убаммыт» баайыттан арахсан туспа сирдэринэн быралгытыйан, тэлэһийэн хаалбатах, онно эбии тойоно хамнаһын ой-бото төлүүрэ үһү, эппит тылыгар баҕас турар баай эбит. Чахчыта да, күүс үлэтин кыайа-хото тутар, ээҕи кытта, тук хоту сылдьар тилигирэс хамначчыт оччоҕо да, баччаҕа да мээнэ көстүбэтэ, ол да иһин бэйэтиттэн тэйитимээри сыһыана сымнаҕаһа эбитэ…

      Баай, хара дьиэттэн, сорук-боллур уолунан, туоһу гынаары, хас да үлэһити ыҥыртаран киллэрэн, олор көрөн турдахтарына, дьиэлээх дьон ортотугар, хамначчытын кытта «эрбэх тардыһан» сакалааттаспыт, ойоҕунан «илии быстарбыт».

      Дьэ онон, баай үлэһитин кытта ити курдук сакалааттаспыттар. Тойон киһи иһигэр: «Хата, быйыл эбэм ходуһатын буор-босхо оҕустарар киһи буоллум…», – диэн күлүгэр имнэммит… Баай, били, оһоҕос түгэҕэ кыра ыамайын, хойуута кылбайдын диэн хас да күнү быһа аҥаардас үрүҥ эрэ аһынан аһаппыт: курупчаакы бурдук алаадьытынан, халбыллыбытынан сүөгэйинэн, көбүөрүнэн, күөрчэҕинэн аҥаардастыы хатаҕалаабыт. Сиэбэтин үрдүнэн сиэппит, аһаабатын үрдүнэн аһаппыт…

      Күн-хонук дьаалатынан устарын туох тохтоппута баарай, сотору дьэ били үлэхтээх күннэрэ тиийэн кэлэр.

      Хамначчыт күннэҕи үлэтин эрдэ үмүрүтэн бүтэрэн-оһорон баран, тойонун ыамайын кытта араа-бараа саастаах уол оҕотун сүнньүгэр сүкпүтүнэн баай уораҕайын диэки бэдьэҥэлээн хаалбытын, чэгиэн бэйэлээх эдэр ойоҕо дьиктиргээн батыһа көрөн эрэ хаалбыт…

      Өс хоту, оҕолор иккиэн ол киэһэ саахтаабыттар. Маҥнай баай уола чохчойбут, дьэ кырдьыга даҕаны, оҕо ыыс араҕас сырдык өҥнөөх баҕайыны эмэһэтин анныгар уурбут туостарыгар эрилиҥнэппит. Дьиэлээх тойон: «Ама мантан ордук кылбаа өҥнөөх баар үһүө», – диэн саҥа аллайбыт. Сотору буолаат аны хамначчыт уола ыгыстыбыт, арай, онно көртөрө – оҕо сааҕа отой, киһи эрэ итэҕэйиэ суоҕунуу, кыытта маҥан эбит…

      Баай – бары дьиэ кэргэнинээн, аҥаардас ынах, сылгы сүөһү этинэн, үрүҥ аһынан уонна күөл быйаҥынан аһылыктанан олорор ыал эбиттэрэ үһү. Тойон – эргэнэ хара тыа көтөрүн-сүүрэрин бултуур дьоҕура суох, булт-алт өттүгэр букатын салаҥ киһи эбитэ… Дьэ, дьиэлээхтэр бары «бэри диэн бэркиһээбиттэр, сөрү диэн сөхпүттэр…». Хара аһы аһылыктана сылдьыбыт хамначчыт оҕото хайдах бу айылаах үрүҥүнэн дэлбэрийдэ диэн бэркэ дьиктиргээбиттэр. Баай сык гына түспүт эрээри, сүүттэрдим диэн сүөм түһэн соччо сөҥөдүйбэтэх, хоттордум диэн хом түһэн хомойбутун биллэрбэтэх, оҕотун сааҕын көрөн тура түспүт, кэтэҕин тарбаммыт уонна: «Хаарыан оҕуспуттан мэлийдэхпин…», – диэбит. Хайыай, бэриллибит, этиллибит мэктиэ тылы кэһэр ыар аньыылааҕын чахчы итэҕэйэр баай, тылын толорон, саҥа лахса эт тутан, үлэҕэ хото көлүллэн эрэр өҕүрүмэр оҕуһун хамначчытыгар биэрбит… «Тугу сиэтэҥҥин оҕоҥ бу айылаах


Скачать книгу