Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (4 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
эмээхсин, баар-суох уолун сэриигэ сүтэрэн баран, билигин да таҥаратыттан көрдөһө олордоҕо үһү. Таҥарата киниэхэ көмөлөһүөҕэ… Ол бэйэлээҕэ абырыырыгар соҕотох оҕото сэриигэ өлүө дуо. «Сүрэх» кэтэрдэн ыыппыт үһү, онон хайаан да тыыннаах эргиллэн кэлиэхтээҕин курдук. Оннооҕор буолуох ымыылаахтар, арчыламмыттар эргиллибэтилэр ини. Бэл «толору оҥоһуулаах», торума көтүрүллэн, төннүбэт амырыын алдьархайа буоллаҕа…

      Айыыны, таҥараны куһаҕаннык, сидьиҥник ахтары хайа да киһилии киһи сөбүлээбэт суола. Таҥара туһунан дьон эҥини-эгэлгэни бары ыаһахтаһааччылар.

      Кырдьаҕастар Курустуос туһунан биир дьикти үһүйээни кэпсэтэр буолаллара. Онно маннык кэпсэнэр. Ысыыттар Курустуоһу дэлби сынньан-сынньан бараннар: икки илиитин, икки атаҕын мас кириэскэ тимир тоһоҕонон батарыта саайталаан тиирэн кэбиспиттэр. Арай туран бүтэһиккэ, быарын туһунан тоһоҕолооботубут быһыылаах диэн эргиллэн көрбүттэрэ – Курустуостара хаба ортотунан тэһэ сааллан хоҥкуйан турара үһү. Ысыыттар сиэрин ситэрбит эбиппит диэн баран хаалбыттар. Онтулара баара Курстуос иһигэр күөх сахсырҕа түһэн олорбута эбитэ үһү… Ити иһин күөх сахсырҕаны өлөрөр – аньыы диэн этии былыр-былыргыттан баар. Ону сорох дьон билигин умнубуттар…

      Эбэм куораттан тахсыбыт ньүдьү-балай тыллаах ыалдьытын ахсарбата тас дьүһүнүттэн да көстөр, отой сэҥээрбэт быһыылаах. Эмээхсин – өстөөҕө суох киһи, киирбити-тахсыбыты, сылдьыбыты эрэ барытын чэйдэтэр үтүө үгэстээх, ол кинилэр туох да диэн дойҕохтоотуннар.

      Мин иһиппин тигэ-тигэ, боломуочунай кэпсэлин истэбин. Тыла-өһө ньуолбара, түргэн-түргэнник чапчык-чапчык гынан халтаһаларынан оонньуу-оонньуу саҥаран-иҥэрэн сабдыгыратара сүрдээх. Барыны-бары түөрэ эргитэн: баһы – атах, атаҕы – бас гынан араастаан эридьиэстээн, тылын-өһүн ыпсаран сатаан сааһылаан саҥарары баҕас сатыыр ахан киһи быһыылаах. Ол да иһин боломуочунай, аҕытаатар аатыран субу-субу кэлэн-баран тиэстэн эрдэҕэ. «Ынкыбыдыга» үлэлии сылдьан хайа эрэ «норуот өстөөҕүн» бириигэбэрин иннинэ дьаһайан кэбиһэн, «ол эйгэҕэ» үлэлиир бырааба быстыбыт курдук кэпсииллэр. Хата кинини ол буруйун иһин сууттаабатахтар даҕаны, хайыахтарай, син биир өлүөхтээх киһини арыый эрдэлээн түргэтэттэҕэ эрэ…

      Бу кэлэн олорор Миитэрэй Ыкынаачайабыс диэн ааттыыр милииссийэлэрэ сэрии кэмигэр, биһиги эргин холкуостарга, нэһилиэк дьонун дьолугар эбитэ дуу, улаханнык кэлбэтэҕэ-барбатаҕа. «Свердловка» иккитэ хаста тахса сылдьыбыта үһү. Ол да кэлэн барыылара киниэнэ, суола-ииһэ суох хаалбатахтар… Сэрии саҕаламмыта иккис сылын күһүнүгэр, добдурҕа саҕана, «Свердловтан», Маахарап Ньукулай диэн эдэр уолу кытары атынан аргыстаһан иһэн, өссө биир, сокуоннайын саҥа туолбут уолу бэбиэскэннэн куоракка илдьэ киирээри, айан суолуттан туораан, Лоһороҥдо диэн күөлүнэн эргийбиттэр. Лоһороҥдоҕо, Купчугур Куруступуор диэн сүүһүн ааспыт кырдьаҕас аҕалаах Тэрэпиимэптэр диэн ыаллар, туруорбах балаҕаҥҥа икки ыал буолан дьуккаахтаһан, сылгы иитиэхтээн олороллоро үһү…

      Баһылаайап


Скачать книгу