Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (4 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
кэмэ буолан, уол болтуо сонун сыттанаат да, уһун, унньуктаах айантан өлөрдүү сылайан, оллоонун ыксатыгар, хантаччы түһэн утуйан хаһыҥыраан хаалбыт. Аргыһа саас ортолоох, сырыыны-айаны сылдьыбыт, бэйэтин холугар лаппа кыанар, күүстээх-уохтаах киһи эбитэ, өртөммүт аттарын быаларын-туһахтарын көннөрөн кэлэн баран, итии чэйи сыпсырыйан иһэ-иһэ, тоҕо эрэ уута кэлбэккэ, хойуу үөт төрдүгэр ону-маны олоотоомохтоон олорбут. Арай, ол олорон эмискэ түбэһэ көртө, били, айаҕын аппытынан хантаччы түһэн утуйа сытар уолун сирэйин устун сир быртаҕа сүр түргэнник сүүрэн кыймаҥалаан кэлэн киһи айаҕын иһигэр киирэн хаалбыт… Утуйа сыппыт уол чачайбыкка дылы хахсайаат сир мундутун ыйыстан кэбиспит… Чэй иһэ олорбут киһи иһитин тоҕо быраҕаат да сонно тута аргыһын уолугуттан ылан өрө илгиэлээн туруорбут, онтон туох да саҥата суох, өртөнөн аһыы сылдьар атыгар үүнүн эрэ кэтэрдээт, сыбыдахтыы, торҕо бөтөрөҥүнэн айан суолунан тибилиннэрэ турбут… Бу кэмҥэ, муннун анныгар ньуолах бытыга саҥа бытыгыраан эрэр уол сордоох куртаҕа түрүтэ тыытан өҕүй да өҕүй буолбут, аһаабыт аһын түөрэтин хотуолаабыт… Өр-өтөр буолбатах, түөрт атах түһэрбит аттаах доҕоро төттөрү ханаһытан сүүрдэн кэлбит уонна аҕылаан өрө мэҥилии сылдьар атын оллоон ыксатыгар үөккэ баайан кэбиспит… Сотору ат уоскуйан, ахчаччы тэбинэн туран ииктээн күүгэнирдибит, ону аҕам киһи иһиккэ тоһуйан ылаат да сылаастыы уолугар иһэрдибит… «Дьэ нөйөн… утуйа сыттаххына айаххынан искэр күлгэри үөн киирдэ… бу ииги итиилии түөрэтин ис, абыраатаҕына бу эрэ абырыа, эн дьолгор санаа хоту Дьөһөгөй оҕото түбэспитигэр ымыыгар махтан!!.», – диэбит. Уол кутталыттан, хараҕын быһа симэ-симэ, били, доҕоро иһиккэ тоһуйан ылбыт атын иигин түөрэтин иһэн киллиргэппит… Инньэ гынаатын кытта өс киирбэх куртаҕа быһыта тыытан ыалдьара ааһан хаалбыт… Нөҥүө күнүгэр уол хойуутун кытта, дыгдаччы барбыт күлгэри ньолҕойон түспүтэ үһү…

      Айаннаан кэлбит сылгы иигин былыр-былыргыттан өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнииллэр. Сылгы сааҕа кытары эмп буолар: итии ууга көөнньөрөн илии-атах ыарыытын угуттууллар; ол-бу дэҥ, оһол искэнигэр сылаастыы баанан уртаналлар…

      Эмиэ кэпсээнтэн-кэпсээн. Баҕа – сир мундутун курдук куттала суох уу үөнэ эрээри, дэҥ, сэдэхтик – киһини «ытырар» адьынаттаах. Аны туран баҕа ытырбыт киһитин ыыппат. Хайдах да ууннары тардан араара сатаабытыҥ иһин – уоппут айаҕа хоҥнубата үһү.

      Арҕаа Кыргыдайга, «Социализм суола» холкуос киһитэ Дьөөйөө Дьөгүөр диэни, биир сайын, этэрбэһин устан баран от охсо сырыттаҕына сыа тилэҕин баҕа ытырбыт. Баҕа киһини ытырара – куһаҕан битэ былыр-былыргыттан биллэр. Дьөөйөө Дьөгүөр хайдах да тардыалаһа сатаан баран, өттүгэр эйэҥэлии сылдьыбыт кыыннаах быһыччалааҕын ылан алчаҕы баһын быһан араарбыт. Ити түбэлтэ кэнниттэн киһи атаҕынан аһааҕыран хаалбыт… Күһүнүгэр, суол турбутун кэннэ куоракка байыаннай хамыыһыйаҕа ыҥырбыттарыгар, сылтах көстүбүччэ сыарҕалаах атынан көрдөрө киирэн баран, эмчиттэр чыыскалааннар балыыһаҕа сыппыт уонна ол сытан


Скачать книгу