Дьолго баҕаран. Айталина Никифорова
эрэ харата барара. Эдьиийигэр этиэн эмиэ толлоро. “Баран айдааны таһаардаҕына, аны иэстэһэ сылдьыахтара”, – дии саныыра.
Лилия түргэнник куорат дьахтара буолбута. Маанытык таҥнар, дохсуннук туттар-хаптар буолбутун билэр дьоно бары бэлиэтииллэрэ. Зоя дьүөгэлэрэ кини тулаайах кыыска тиксиэхтээх күндү түүлээх бэргэһэлэри, саҥыйахтары уларыта сылдьан кэтэр, тарбахтара билэр көмүс биһилэхтэринэн күлүмүрдүүр буолбутун көрөллөрө. Истэригэр сөбүлээбэтэхтэрин иһин, тулаайах кыыска көмөлөспөт аата, хайдах олоҕор орооһуохпутуй диэн саҥарбаттар этэ. Лилия төһө да үөрэҕэ суох буоллар, сытыы-хотуу, дьону бэйэтигэр тардар тыллаах-өстөөх буолан, сотору атын, үрдүк хамнастаах үлэҕэ көспүтэ. Кини олоҕунан толору дьоллоох курдуга.
Арай чугас дьүөгэлэригэр: “Ити тулаайах кыыһы көрөн бэйэм олохпун оҥостумаары гынным”, – диэн үҥсэргиир идэлэммитэ. Кырдьыга, кини отутун лаппа ааспыта. Биирдэ куорат таһынааҕы дэриэбиэнэҕэ билэр дьонугар ыалдьыттыы, сир астыы диэн баран-баран, олор аймахтара уолларын кытта билсибитэ. Лилия көрөөт сөбүлээбитэ. “Кини миэнэ буолуоҕа”, – дии санаабыта. Дьахтар санаабыт санаатын хайаан да ситиһэр майгылааҕа. Уолу аҕыйах ыйынан “эрийэн” ылан, күһүнүн сыбаайбалаан ньиргитэн эрэллэрэ эрэ баара. Кини дьолугар, сытыары сымнаҕас майгылаах уол түбэспитэ.
– Эр киһи диэн пластилин курдук, тугу баҕараргын оҥоруоххун сөп, – диир үгэстэммитэ аны кини.
Лиляҕа түбэһиэх, “пластилина” кырдьык да ураты истигэн буолан биэрбитэ. ¥өрэҕэ суох тыа уолун куһаҕана суох үлэҕэ кэпсэппитэ. Кылаабынайа, үүннэрэр кэскиллээх тэрилтэ этэ. Кэтэхтэн үрдүк үөрэххэ киллэрбитэ.
Эдьиийэ Надяттан тугу да ыйыппат буолбута ыраатта. Дьиэҕэ дьиҥнээх хаһаайка – кини этэ. Онон биир үтүө күн дьиэлэригэр туора киһи киирэн кэлбитигэр кыыс соһуйбатаҕа. Киһи киирбитэ да бэрт курдуга. Эдьиийэ кыраттан тымтан хаһыыра сылдьара тохтоон, наар ньылбаарбыт куолаһынан саҥарар буолбута. Күтүөт да баара-суоҕа биллибэт, үчүгэйин-куһаҕанын биллэрбэт.
Надя тугу да гына үөрэммэтэх буолан, эдьиийэ бэйэтин олоҕор умса түспүтүгэр эрэйи да көрдө этэ. Кирдээх таҥастаах, имиллибит кууркалаах сылдьар буолбута.
– Бу кыыс олох акаары быһыылаах! Соруйан киһини саакка киллэрэн, кирдээх таҥастаах сылдьаҕын! Баттаҕын да сатаан сууммат! – диэн биир киэһэ Лиля ыһыы-хаһыы бөҕө буола-буола, кыыһыран-тымтан, тыаһаан-ууһаан Надя таҥаһын устан сууйбута-тараабыта.
Хороччу улаатан эрэр кыыс онно кыбыһынна, бэйэтин сэнэннэ да этэ! Күтүөтэ саҥата суох элэктээбит курдук көрөн олороруттан барыах-кэлиэх сирин булбакка, умса туттан турбута. Онтон ыла таҥаһын хайдах сатыырынан суунар, өтүүктэнэр буолбута.
Надя оскуоланы бүтэрэр сылыгар кинилэр дьиэлэрин оҕо ытаан бэбээрэр саҥата толорбута. Лиля оҕолонон даххаһыйбыта. Надя күтүөтүн кытта кини бары хаппырыыһын толорон сүүрэр-көтөр муҥар түспүттэрэ. Уол оҕоломмут киһи буолан, күтүөт үөрэн уоһа ыпсыбат буолбута. Кинилэр дьиэлэригэр оҕо тыына