Дьолго баҕаран. Айталина Никифорова

Дьолго баҕаран - Айталина Никифорова


Скачать книгу
диэн аатыра сылдьыбыт матырыйаалтан тигиллибит платьета “бүгүҥҥү түгэҥҥэ дьүөрэм суох” диэбиттии Саҥа дьылга күлүмүрдүүрүн “умнан” өлбөөрөн хаалбыт курдуга.

      Надя ким да өйдөөн көрбөтө буоллар диэбиттии саалаҕа кумуччу туттан киирэн, аан аттыгар турар олоппоско олорунан кэбиспитэ. Бүтүн киэһэни быһа ол олоппоско иччи буолан олорбута. Арай аттестатын ыларыгар тура сылдьыбыта. Оо, онно кыбыһынна да этэ! Бэл диэтэр, оскуола директора дьахтар кинини сиилээбит тымныы харахтарынан үүттүүргэ дылыта.

      Бу киэһэ алын кылаастан бииргэ үөрэммит, доҕордоспут кыргыттара туохтан эрэ сэрэммит дуу, сыстыганнаах ыарыыга сыстыахпыт дуу диэбиттии киниэхэ чугаһаабатахтара. “Эчи, бары маанылара да бэрт! Маннык дьоллоох күҥҥэ көҥүл оонньоон-көрүлээн сылдьыахтара суоҕа дуо? Мин кимиэхэ интэриэһинэй буолуомуй? Ыраахтан олорон да кинилэри көрөрүм сөп”.

      – Хайа, бу эн тоҕо үҥкүүлээбэккэ олороҕун? – история учуутала Иван Петрович санаатын быһа түһэн ыйыппыта.

      – Бэйэм. Сатаан үҥкүүлээбэппин ээ.

      – Надя, ханнык үөрэххэ туттарсар санаалааххыный?

      – Ким билэр. Тыл өттүгэр барбыт киһи дии саныыбын. Нуучча тылыгар туттарсан көрөрүм буолуо.

      – Сөпкө толкуйдаммыккын. Эн курдук үчүгэйдик сочинениены суруйар оҕо манна суох. Литература учуутала эйигин элбэхтик ааҕар, начитаннай диэн хайҕааччы. Историяҕа да, активнайыҥ буоллар, үчүгэй буолуохтаах этиҥ.

      Хата, Иван Петрович Надя аттыттан арахпакка, ону-маны сэһэргэһэн санньыар санааларыттан аралдьыппыта. “¥түө да киһи! Соҕотох диэн аһынан кэпсэтэр быһыылаах”, – кыыс махтаммыттыы сылаастык учууталын диэки көрөн ылбыта. Надя биэчэр бүтэрин күүппэккэ, эрдэ дьиэлээбитэ.

* * *

      Лилия кыыһы үөрэххэ киллэртэрэргэ туруммута сүрдээх. Билсиилээхтэригэр барыларыгар эрийэн, ылсыах-бэрсиэх буолар. Надя ийэтин кытта бииргэ үлэлээбит дьахталларга эмиэ эрийэ сылдьыбыта. Урут университекка лаборанынан эҥин сылдьыбыттар билигин хайыы-сах учуонай буолан, миэстэлэригэр ыйааһыннаммыттар эбит. Ону истэн Лилия үөрүүтэ улахан.

      – РО-ҕа киирэр буоллуҥ быһыылаах! ¥рдүттэн үлэлии сылдьар дьон көмөлөспөтөхтөрүнэ, ким көмөлөһүөй! – эдьиийэ омуннаахтык чоҕулуйбут харахтарынан эрилис-туралыс көрөттөөн ылбыта.

      Надя, кырдьык, улахан конкурсу ааһан, баҕалаах үөрэҕэр киирбитэ. Сочинениетыгар ис хоһоонун иһин “биэһи” ылан улаханнык үөрбүтэ. “Лилия эрэ билсиитинэн киирбэтим ини”, – дии санаан ис-иһиттэн чэпчээн ылбыта.

      Аймахтара буоллаҕына Лилияны хайдах хайҕыахтарын булбаттар. “Мөлтөх үөрэхтээх кыыһы сатабыллаах буолан үрдүк үөрэххэ киллэртэрбит ээ”, – диэн буолбута. Онон Лиля эмиэ дьон хараҕыгар харыс үрдээн көстөн санаата көнньүөрэн сылдьыбыта.

      Айылҕаттан, этэллэрин курдук, баардаах киһи олоҕун устата син биир ол дьоҕура арыллар уратылаах. Надя университекка киирэн баран утуйа сыппыт ис кыаҕа уһуктубукка дылы буолбута. Оскуолаҕа үксүгэр точнай наука предметтэрин ыарырҕатар этэ. Оттон филфакка тылы кытта


Скачать книгу