Дьолго баҕаран. Айталина Никифорова
үтүө күн дьахтар оҥостон-туттан баран наар кредит ылар бааныгар тиийбитигэр урукку иэскин төлөөтөххүнэ биирдэ биэрэбит диэн аккаастаан ыыппыттара. Манныгы истэн баран Туонньа соһуйан эрэ хаалбыта. Эмиэ билсиилээхтэринэн сүүрбүтэ.
– Антонина, бу эн хаһан тохтуугун? Мин сөбүн көмөлөспүт курдук саныыбын ээ. Билигин атын кэм. ¥п-харчы кытаанах хонтуруолга киирэн эрэр. Онон көмөлөһөр кыаҕым аны суох, – диэн хас тылын ыйааһыннаан эрэрдии сыыйбыта эрэммит үрдүк сололоох киһитэ.
Баан биэрбэт буоллаҕына ханнык эмит баай тэрилтэттэн көрдөөн көрүөххэ сөп. Туонньа дьону абылыыр бары сатабылын киллэрэн, аны биллэр-көстөр тэрилтэ салайааччыларынан сүүрбүтэ. ¥үнэн эрэр коммерсант дьахтары өйүүр дьон көстүбүттэрэ. Онон улахан эрэйэ суох үбү-харчыны булан эмиэ айаҥҥа туруммута. Бу сырыыга Москубаҕа баран, бүтүн вагонунан табаары тиэйбитэ. Дьокуускай кэлиилээх-барыылаах, элбэх киһи аалыҥнаһар автовокзал оройуонугар кыра маҕаһыыны куортамнаан, үлэтин-хамнаһын саҕалаабыта. Биллэн турар, кини тыа маҕаһыынын курдук буолбатах. Табаара хамаҕатык атыыланар. Ол эрээри итирик-кутурук, хаамаайы дьон сүгүн үлэлэппэттэр эбит. Олортон көмүскэнэргэ анал киһи тутуохха наада дии саныы сырыттаҕына, биир хараҥа күһүҥҥү киэһэ тирии кууркалаах, биир кэм ыстаан дьаллаҥнаабыт уолаттар көтөн түспүттэрэ.
– Биһиги эйиэхэ “крыша” буолуохпут. Киэһэ аайы киирэр үпкүттэн сүүрбэ бырыһыанын биһиэхэ отстегивайдаан иһиэхтээххин!
– Оччоҕуна ити үлэбэр мэһэйдиир бырадьаак дьонтон көмүскүөххүт дуо?
– Олор диэн букашкалар буоллаҕа дии. Оннооҕор буолуохтан крышалыахпыт!
– Арай мин аккаастыым?
– Оччоҕуна манна үлэлиэҥ суоҕа. Бу биһиги миэстэбит. Маҕаһыыныҥ манна турарын иһин төлүөхтээххин. £йдөөтүҥ дуо?!
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.