Чуумпу дьол. Александра Спиридонова
салгын сыттаах, кырахымааллаах, хачыгырас-суугунас, мап-маҥан өтүүктэммит таҥаска утуйдулар. Урут Биэрискэ ийэтинээн бииргэ икки киһи утуйар кэтит оронугар хоонньоһон сытар этэ. Махсыым, сылайбыт-аччыктаабыт киһи, тотон, сылааска сууланан, начаас буккураан хаалла. Биэрискэ биир хос чараас араамалаах түннүк нөҥүө иһиллэр түүҥҥү ардах тыаһыгар бигэнэн утуйда.
Түүн ардахтаах былыт баран хаалбыт. Сайыҥҥы эрдэһит күн уота куруһуба түүл, түннүккэ турар сибэккилэр быыстарынан киирэн, көстүүнэй хос сырдык эркинигэр кылбаарыччы анньыллыбыт мас саһархай сааһын килэбэчитэ оонньоото. Онтон уунан саба ыһыллыбыт курдук, килэгир кырааскалаах муостаттан тэйэн, хос иһин көмүс суһумунан сандаарытта.
Тугу эрэ гынан, сурдурҕаан-сырдырҕаан баран, утуйар хоһуттан Аана таҕыста, муоста биир хаптаһына иһиллэр-иһиллибэттик хаачыр гынна. Оҕолор дьыбааннарын таһыгар утуйа сытааччылары одуулаан турда. Дьиибэ дии, субу соторутааҕыга диэри бэйэтэ бас билэринэн дьаһайа сылдьыбыт кыыһа, бэйэлээх бэйэтин эт сорҕото, бэйэтиттэн хаһан даҕаны туспа санаан көрбөтөх оҕото, туора эр киһи хоонньугар сытар!
– Аа-айыкабын ньии! – саҥата улахан баҕайытык иһиллибититтэн бэйэтэ да соһуйда, куукунатыгар ааста. Утуйа сытааччылар ымыр да гымматылар, истибэтэҕэ буолан хаалбыттара эбитэ дуу…
Аана сып-сылаас индийскэй куоптатын кэтэн, күүлэ ойоҕоһун эркинин сырыһыннара туруоруллубут муус маҥан ыскамыайкатыгар олорон, сарсыардааҥҥы сигэриэтэтин иккини утуу-субуу тарта. Массыына эргэ шинатыттан тэлиллибит уонна араҕас кыраасканан дьэрэкээнник сотуллубут кулуумбаларыгар араас сибэккилэри олордуталаабытын, бөлүүҥҥү ардах сууйан-тараан сотон ааспыт, кылабачыһан, сэргэхсийэн тураллар. Билигин күн манна тыга илик эрээри, субу сотору күүлэ муннугуттан күлүмнээбитинэн тахсан кэлиэ. Табаҕын минньигэс буруотун салгыҥҥа үрэ-үрэ, Аана хас эмэ хонуктааҕыта түһээбит түүлүн саныы олордо.
…Төрөппүттэрин алааһа. Балаҕан халҕана аһаҕас, туруорбах эркиҥҥэ тиэрэ сытар. Киирбитэ – ийэлээх аҕата иккиэн бааллар, оһохторун иннигэр олороллор. Аҕата саҥата суох кыыһыгар сапсыйан аһаҕас аан диэки көр диэн ыйда. Аана аһаҕас аанынан көрбүтэ, арай балаҕан иннигэр күтүөтэ уонна кыыһа сүрдээх үрдүк, уһун да уһун, эмиэ да кэтит, күп-күөх оту кээһэ сылдьаллар. Кыыһа күлэр саҥата иһиллэр. «Хаһан да көрбөтөх сиэннэрин хантан билэллэрий» дии саныыр. Аҕата тугу эрэ кэпсиир, мөҕөр курдук. Ийэтэ эмиэ тугу эрэ эттэ да, Аана уһуктаат, умнан кэбистэ. Субу күҥҥэ диэри саныы сатыыр да, букатын өйдөөбөт…
Күтүөт тахсан үргүлдьү тиэргэн таһыгар турар мас- сыынатыгар ааста, Биэрискэтэ күн уотугар сандаарыйар сахсархай баттаҕын ытыһынан баттыы-баттыы, кэтэҕигэр чөмөхтөөн, туттара сатыы турар эбит. Күҥҥэ сирэйин тоһуйан турарын көрөн, Аана сүрэҕин сылаас долгун хамсатта: «Ии, тытааҕым оото!» – диэн кыыһа хаһан да дьиэтиттэн тахсан барбатаҕын курдук хаамыталыы сылдьарыттан манньыйа сылаанньыйда.
Үгүс элбэх саҥата суох сарсыардааҥҥыларын