Аҕа. Семен Маисов
сылдьара.
Оччолорго «Крупская» диэн ааттаах холкуоспут киинэ Бэрэттэн түөрт-биэс биэрэстэ кэриҥэ ыраах Орто Сурт диэн эбэ өтөҕөр баара. Өтөх-өтөх, алаас-алаас аайы арҕам-тарҕам, ойдом-сойдом ыһыллан олорбут ыаллар сыыйа-баайа, сылын ахсын Орто Сурка көһөллөрө. Биһиги, тоҕо эрэ тардыллан, уһаан-тэнийэн хаалбыппыт. Аҕабыт сэриигэ баран, дьиэ-уот көһөрүнэр да кыах суоҕа. Аас-туор, сут сыллар үгэннэрэ этэ…
Түөрт уон үс сыл. Атырдьах ыйын ортото. Төрүттэрим олорбут өтөхтөрүгэр, Маайыс Аһыктаата эбэҕэ, Бэрэттэн уунан сылдьан бурдук быһабыт. Өтөххө хас да ампаар баар. Бэрт өрдөөҕүттэн хараллыбыт дьон уҥуоҕа бачыгыраһаллара. Эһэм Маайыс оҕонньор уҥуоҕун уһун мас кириэһэ ыраахтан, бу баарбын диэххэ айылаах, өрө дьоройон көстөрө. Дараҕар сарыннаах, бөдөҥ уҥуохтаах, төбөтүн оройо тараҕай, арыы саһыл сырдык хааннаах тимир ууһа оҕонньор этэ. Уһанар балаҕанын халҕана сайын чуумпу күн өрүү тэлэччи аһаҕас буолара. Салгыбакка «тоҥ-тоҥ» тоҥсуйар, «бал-бал» балталыыр тыаһын истибитинэн уһуктарбыт. Бэрт кыра ыамай аата күөрт күөртээн көмөлөһөрүм. Сүрдээх сылаалаах үлэ. «Бу уол бэркэ күөртүүр ээ», – диэтэҕинэ, сүрэҕэлдьээн сөллөйүөх курдук буолбут оҕо сэргэхсийэ түһэрим, онно эбии эһэм тойуу саахарын амтанын минньигэһэ сыттаҕа.
Маайыс Аһыктаатыгар (Арҕаа Күөлгэ) олорбут ыаллар кыһын эбэни эргийэ өтөхтөргө кыстаан баран, сайын бары биир өтөххө түмсэн сайылыыллара. Ол иһин эбэҕэ баар, хатыҥ чараҥынан быысаһа сыһа-сыһа барар улахан өтөх Сайылык Өтөҕө диэн ааттаммыт. Өтөх ортотуттан тыа саҕатыгар диэри дьон уҥуохтара кэчигирэһэллэрэ, үксэ хомурҕан (кус бөтүөнэ) уҥуохтар. Тимир кириэстэрин уус оҕонньор эһэм оҥороро. Кэлин Сэбиэскэй былаас уутугар-хаарыгар киирэн, сири-сибиири бүтүннүү сабардаан, артыаллар, холкуостар тэриллэн тиҥинээбит-таҥынаабыт кэмнэригэр, Нуучча Ньукулайа диэн бэрт дэрдэм санаалаах, мин өйдүүрбүнэн, бэл, кыһыннары сүүһүгэр кыһыл сулустаах хороох (будьуоннапка) бэргэһэтин баһыттан араарбатах, бассабыык «баараҕайа» киһи баара: «Аньыы, абааһы суох, таҥара диэн сымыйа, хаалбыт үйэ хаалынньаҥ көстүүтэ…» – дии-дии, Сайылык Өтөҕөр баар дьон уҥуохтарын тимир кириэстэрин сүллүгэһинэн булгурута сынньыбыта «эһиги бу айылаах кэбилээтигит» диэххэ айылаах иҥнэл-таҥнал, күөрэ-лаҥкы түһэн санньылыһан тураллара өтөххө киирбит эрэ киһи хараҕар тута быраҕыллара.
Хайыы-сахтааҕы дьаһаллыбыт дьон уҥуоҕун сөргүтэр аньыы буоларын иһин ким да көннөрө, самыы тута барбатаҕа. Нуучча Ньукулайа кэлин сэриигэ ыҥырык тутан баран баран сураҕа суох сүппүтэ.
Арҕаа Күөл хоту кэриитинэн кэлэн Хоту Күөл (Хондокуут) диэки иэҕиллэн былыргы аккыырай аартыга ааһара. Билигин букатын оһон хаалбыт.
Сонуок боотулу бүтэйин таһыгар маттаҥаа, дьирики, кутуйах хороон хастан хара сири биир гына сүргэйэллэрэ. Мин ийэбин батыһа сылдьан күтэр, кутуйах хаһааһын көрдөөн булан хомуйарым. Күтэр хаһаастаах сирэ бэлиэ, кырыһы атаххынан үктээтэххинэ кутаҥныы сытар буолар, уһуктаах мас тоһоҕонон астахха «сыып» гына түһэр. Оттон