Аҕа. Семен Маисов

Аҕа - Семен Маисов


Скачать книгу
ыксаан, ыгылыйан сүүрэн тэлэмээттэнэн иһэн, силискэ, мутукка тарбаҕыҥ ыырааҕын быһа тэптэххэ, оо, ол силиигэр тиийэ дьаралыйар ыарыыта абытайа диибин диэн. Аны лаҕыай курдук халыҥ чэр ырдьаччы хайдыбыта оһо охсон биэрбэтин оҕото сыттаҕа.

      Суолбут ортотугар, Тырыкаат диэн көлүйэ күөлгэ, эһэм Көҥөс оҕонньор инитэ Сэмнэх Баһылай диэн киһи олорбут өтөҕүн онно баар. Баһылай өссө сэрии иннинэ өлөн турар. Сэмнэх диэн аат киниэхэ эдэр эрдэҕинэ иҥмит, онто бэйэтэ туспа кэпсээн. Баһылай бэрт дьээбэ, бэтиэхэ майгылааҕа үһү. Биир сайын Арҕаа Күөлгэ үгэһинэн туулаабыт, собоҕо ардьа укпут. Тырыкааттан бара-кэлэ сылдьара эбитэ. Маайыс Аһыктаата былыр-былыргыттан эһэ сөбүлээн аарыыр, төрүүр-ууһуур сирэ. Кыһын ханна да барбыта биллибэккэ, суолун күһүҥҥү көмүк хаарынан саптынан, халыҥ тыатын хайа эрэ хонноҕор-быттыгар бүгэн кыстыыр. Эһэ, урут киһини бадьыыстаабатах бэйэтэ, ол сайын Баһылай туутун көрөн, күөнэҕин, быччыкытын итигэстээн ылан сиэн кэбиһэр адьыната киирбит. Кэллэҕин аайы илии тутуга суох, кураанах ыыталаабыт. Тыатааҕы биллибэккэ-көстүбэккэ кистээн сиибин-аһыыбын диирэ ырата буолуо: ороон ылан көрбүт тууларын төттөрү уган кэбиһэрэ да, тылбыытын сатаан хараҕалаабата үһү.

      Баһылай суолугар баар биир өҥкөҕөр тииккэ (эһэ оонньуур маһа диэн ааттыыллара) ойуурдааҕы кырдьаҕас арай бэлиэ охсубут: тыҥыраҕынан үөл мас хатырыгын этигэр тиийэ хастыы тардан суолун-ииһин хаалларбыт (ардыгар аһыытынан хадьырыйара эбитэ үһү). Ону көрөн, киһи дьээбэтигэр чохороон сүгэтинэн эһэ тыҥыраҕын суолун үрдүнэн олук охсон кэбиспит: «Кини баҕас наай гыннар эмньик кулун эрэ саҕа күүстээх ини…» – диирэ эбитэ үһү. Төһө дэ дэрдэм, киһиргэс майгыланнар бэйэтин билинэр, лаппа кыанар буолан, итинник тыллаһан эрдэҕэ. Ол курдук, кэлэ-бара, сүгэтинэн хас ойо оҕустаҕын аайы, тыатааҕы үөһэнэн тыҥыраҕын суолун хаалларан бэлиэтээн испит.

      Биир үтүө күн, киэһэ күн дьааһыгырыыта, Баһылай эмиэ туутун көрө барбыт. Били өҥкөҕөр тиитигэр чугаһаан эрдэҕинэ, ычык ойуур иһиттэн күтүр улахан эһэ сүгүллэҥнээн тахсан кэлбит да: «Һөө!..» – диэбитинэн үөс-батааска биэрбэккэ үрдүгэр түспүт. Сонно тута иттэннэри баттаат, балык салыҥыныы сыраана санньылыйбытынан хайа түбэһиэх хадьырыйбытынан барбыт. Көмүскэнэн, тыын былдьаһан өрө мөхсө, часкыйа сытар киһини эһэ кэтэҕин аһыттан ылан саралыы тардыбыт. Куйахатын тириитин кытары бииргэ хаҥас хараҕын көмүскэтин иһиттэн оруу тардан таһаарбыт, ону кытары муннун өҥүргэһин эмиэ уҥуоҕуттан арааран кэбиспит… Баһылай, эһэ маҥнай саба түһэн охторон хайа түбэһиэх хабыалыыр кэмигэр, хата, эр бэрдэ буолан, таһы-быһа өйүн сүтэрэн уолуйбакка, этэрбэһин оһугар туоска кыбыта анньан укта сылдьыбыт, тутум эрэ уһуннаах быһыччалааҕын ылан, кыылы харса суох суптурута анньыалаабыт, ол эрэн, ойуурдааҕы куйахатын хастыы тардаатын амырыын ыарыыттан өйүн сүтэрбит… Төһө өр сыппытын билбэтэх, биирдэ өйдөнөн кэлбитэ: боруор-ириэр буолан барыгылдьыйан ырааппыт эбит, кыыла суоҕа үһү. Өйүкү-төйүкү да бардар, хайыы-сахха хатан түүрүччү тардыбыт куйахатын


Скачать книгу