Аҕа. Семен Маисов
диэн силлээбитигэр, дьэ, ыыппыта. Мин бэрт кыра сааспар сылдьан умнубаттыы өйдөөн хаалбыт түгэннэрбиттэн ити биирдэстэрэ…
Арыый улаатан истэҕим аайы, сөбүн көрөн бугул аннын харбааһынтан саҕалаан, субурҕал тардан мунньуһан, өссө кыра-кыралаан от охсуһан барбытым.
Аан маҥнай улахан отчут, сибэниэ дьиҥнээх чилиэнин быһыытынан сэттис кылааһы бүтэрэн баран, 1987 сылга аҕам ааҕы кытары Үгүлээттэн үс көстөөх төрөөбүт түөлбэм ытык эбэтин Муоһааны киэҥ нэлэмэн ходуһатыгар оттоһо барсыбытым.
Оччолорго Сэбиэскэй кэм этэ. Отчуттар омурҕаҥҥа күн сыралҕаныттан, ардахтан хаххаланан атах үөһэ дьэндэйбит сиипир сарай анныгар аһыырбыт. Кыһыл өрбөххө араас суруктаах былакааттары ыйыыллара: сибэниэ сайыҥҥы былаана, биригээдэҕэ сылдьар дьон испииһэгэ. Отчуттар испииһэктэригэр улахан дьону кытары мин аатым эмиэ суруллан турарын көрөн, сүрдээҕин астынарым, киэн туттарым. Сибэниэбит «мэхэниһиирэбэннэй аҥаардаах сибэниэ» диэн ааттанара. Оскуола оҕолоруттан соҕотох этим, ити кэннэ биир да оҕо суоҕа.
Отчуттар килиэптэрин Үһүс Күүлэккэ буһараллара. Төһө да дэриэбинэ көстөр, бэкээринэ баара. Сопхуос субан сүөһүтүн көрөллөрө. Үгүлээттэн сотору-сотору тыраахтарынан ыһык таһаллара. Бэл, Муоһааныга бөртөлүөт балдыгыраан тиийэн, ходуһаҕа түһэн, атыы атыылаан бараллара. Аны санаатахха, Сэбиэскэй кэм саҕана, дэлэгэй да олох эбит.
Ыһык тыраахтара кэлэрэ ордук оҕо киһиэхэ олус күүтүүлээҕэ. Сонун истэн сэргэхсийии, күлүү-оонньуу бөҕөтө буолара. Дьоммутугар кус, сир аһа ыытарбыт. Отчуттарга күөстэнэн сииллэригэр тайах көҥүлэ биэрэллэрэ. Сибэниэ тайах сиэбэтэх сайына диэн суох да быһыылаах. Хайа да күөлгэ илим үттүҥ да, эмис балык дэлэйэ…
Аҕабыт барахсан биһигини ити курдук бэрт кыра эрдэхпититтэн, улахан дьону кытары тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьан, араас үлэҕэ бары үөрэппитэ. Кытта төрөөбүт убайдарым миигиннээҕэр өссө балыс сылдьан оттообут-мастаабыт дьон.
1978 сылга диэри биһиги Үһүс Күүлэт нэһилиэгэр олорбуппут. Дьоҕус учаастак этэ. Онтон сүөһүгэ бүрүсүлүөс ыарыы турда диэн сылтахтанан, дэриэбинэни бүүс-бүтүннүү үс көс ыраах сытар Үгүлээт нэһилиэгэр көһөрбүттэрэ. Дьиҥинэн, үөһэттэн ыйыллыбыт туох да толкуйа суох дьаһал эбит…
Биһиги дьиэ кэргэн Үһүс Күүлэккэ Илин Аһыктаа диэн дьоһуннаах эбэ уонна Орто Сурт (Сылгы Көлүйэтэ) диэн дьоҕус көлүйэ-күөл ыккардыгар баар, икки бурдук бааһыналаах бэрт киэҥ өтөххө олорбуппут. Ол аата мин биэспэр диэри төрөөбүт өтөхпүттэн ханна да барбатахпын. Дойдубутун Тириэтий диэн ааттыы үөрэнэн хаалбыппыт. Онтубут нуучча тылын курдук буолбакка, хайдах эрэ дьиҥ сахалыы аат курдук өйдөбүл буолбут.
Өтөхпүт соҕуруу өттүгэр баар тоҕойдоон киирбит үрдүк тумул тыаны биһиги Аҕаа Ойуура диэн ааттыырбыт. Наар, мэлдьи түмсэн оонньуур сирбит Аҕаа Ойуура буолара. Былыр бурдук ыһар эрдэхтэринэ, аһыыка киирбэтин диэн бүтэйи кыйа кырыс сири түөрэн хаспыттара оллороот-боллороот этэ. Онтулара кэлин оһон, сыл-хонук ааһан истэҕин аайытын, хойуу көтөҕө