Аҕа. Семен Маисов
тиийэн, субан сүөһүм отун кыбыыга сүөкэтэлии охсоот, соҕотох оҕуһунан олорор өтөхпөр бардым. Ыалга киирэн чаай иһии эҥин диэн суох, үлэбин үмүрүтэ охсоору биир кэм ис-испиттэн хайдах эрэ наар ыксыы, тиэтэйэ сылдьабын. Ити ыккардыгар күн ортото лаппа ааһан, боруорсуйан барда.
Бэрэҕэ кэлбитим – Сэмэн сириттэн субу кэлбит, туһахтарын көрөн икки куобахтаах. Куобахтарбын астаан күөспэр буһара уурдум. Биир куобах быарын сонно сиикэйдии сэлибирэтэн кэбистим, иккиһэ кыаллыбата…
Чаайдаан баран, хараҥаны хараҥа диэбэккэ, аны бэйэбит кэтэх сүөһүбүтүгэр ходуу тиэйэ соҕотох оҕуһунан Бэрэҕэ киирдим. Ити тухары иһим түгэҕэ ыалдьар-ыалдьар…
Сэтинньи эргэтинээҕи халлыбыт халлаан киэһэнэн эбии тымныйбыта. Хараҥа халлааҥҥа сулустар биир кэм дьирибинэһэ, тырыбынаһа чаҕылыҥнаһаллара.
Оччолорго хат дьахтар бу курдук сылдьара – буолуох буолуохтааҕын курдуга. Эдэриҥ, чэгиэниҥ бэрт буолан киһи улаханнык кыһаллыбата, баардылаабата. Этэргэ дылы, тото аһаабыт курдук эрэ сананыллара…
Дьэ, ходуубун тиэйэн кэлэн сыарҕабын кыбыыга тартаран баран, киһи эрэ буоллар, талыым бэргээн, сүөкээбэккэ дьиэбэр киирдим. Соччо ыгылыйбаппын, долгуйбаппын. Хайдах эрэ өтөр-өтөр тахсан киириэх курдукпун. Хаһыс да сырыыбар хотунум Маарпа кэннибиттэн тахсыста, сэрэйдэҕэ: «Хайа, тоом, ыарыйдыҥ дуу?» – диэн ыйытта. «Һэ-ээ, арааһата…» – диибин. Урут хаһан төрөөн ымпыгын-чымпыгын билиэхпиний. Хотунум Маарпа бэйэтэ эмиэ хас да ыйдаах ыарахан сылдьар. Маарпа дьиэҕэ киллэрэн аан уҥа өттүгэр ороммор олордон кэбистэ, ити кэннэ таһараа ыалга, сурдьун кэргэнэ Маарыйаҕа (Бөлтөөкөпкө) таҕыста…
Бөлтөөкөп киирэн тутан-хабан көрөн баран: «Дьэ, тоом, кэмиҥ кэлбит эбит», – диэтэ. Таһырдьаттан, били, тиэйэн кэлбит ходуубуттан сабардаан кыбынан киллэрэн оронум уот өттүгэр бырахта. Сирэй оһохпут күлэ-үөрэ тигинэччи умайа турар. Тойонум Сэргиэйи уонна Сэмэни хотунум аах ыалга таһаардылар. Ити ыккардыгар мин эмиэ тахсан киириэх курдук буоллум. Бөлтөөкөп: «Таска тахсыма, бэйи, мин…» – дии-дии, оһох чанчыгар турар суунар кытахха барбыта, бии бэйэлээҕэ тобус-толору билгийэн, хараҕын көрөн турар. Маарыйа чаҥ тааһы көтөҕөн бидилиппитинэн таска татыахайданна. Мин талыым буоллаҕына сүрдэннэ, хотуммар өйөппүтүнэн тоҥ ходуу үөһэ чохчойон эрэрим баара да, оҕом бэрт кылбардык ньылбырыс гынан хаалла, тута ытаан ньарылаабытынан барда. Уол оҕо. Бөлтөөкөп тастан тымныы туманын өрүкүппүтүнэн киирэн иһэн биһигини көрөн, кытаҕын талыр гына быраҕаат, сүүрүүнэн кэлэн ходуу үрдүгэр түспүт оҕону көтөҕөн ылла. Уолбут көхсө түөрэтэ хаардаах-муустаах ходуу, ону ылҕаан, ньиккэрийэн кэбистэ. Ороҥҥо олорооппутун Маарыйа уолум киинин быһан иҥииринэн баайда. Хотунум имитиллибит, бүтэй, быычыкайкаан бороҥ куобах тириитэ баарын ылан, сиэнин онно укта, төбөтүгэр самыытын бүк тутан кэбистэ, ол таһынан өрбөҕүнэн суулаата…
Бөлтөөкөп оҕом иҥсэлээхтик эмэрин көрөн эҥиннээн баран, дьиэтигэр таҕыста. Эр дьон киирдилэр. Тойонум Сэргиэй, суулаах оҕону өҥөйөн көрө-көрө, ымманыйар. Сэмэн көтөҕөн көрдө.