Аҕа. Семен Маисов

Аҕа - Семен Маисов


Скачать книгу
«Сэмэн, хотуургун миэхэ уларыс, эн миэнинэн дайбаан көр эрэ», – диэн тургутан көрөллөрө да, букатын сиппэттэрэ. Онон оту чахчы кыайа-хото охсор сатабыл диэн биир эмэ дьоҥҥо айылҕаттан анаан бэриллэр улахан дьоҕур, идэ буолар. Ол дьоҕурга эбэн кэбиһиҥ – сатаан, табан эллэнэн оҥоһуллубут уус киһи хотуурун…

      Иккис убайым Сэргиэй бэһис кылааһы бүтэрэн баран, аҕатын кытта эмиэ сибэниэ чилиэнин быһыытынан оттоһон барбыта. Оччотооҕу хонуу биригэдьиирэ Өлөксүөйэп Болуодьа, Сэргиэй улахан дьонтон хаалсыбакка үлэлэспитин иһин, хамнаһын тэбис-тэҥҥэ аахпыт. Сэргиэй онно букатын оҕо буоллаҕа. Аҕам от охсоллоругар, манастыырдаан батыаккалаһан бардахтарына, уолун бүтэһиккэ ыытара үһү. Бэйэтэ буоллаҕына мэлдьи Сэргиэй иннигэр сылдьара эбитэ. Аҕам охсоро бэрт буолан, уола хаалаары гыннаҕына, Сэргиэй кэлиэхтээх сирин ойо дайбаан биэрэн баран, аны бэйэтин суолун салгыыра үһү. Сэргиэй ол аҕата охсубут ырааһыгар диэри тиийэн баран, сүүрүүнэн түһүнэн аҕатыгар чугаһаат, суолун салҕаан охсон кулупаайдаабытынан барара эбитэ. Устунан охсо үөрэнэн, түмүгэр, букатын харыс да хаалсыбат ньургун охсооччу буолан хаалбыт. Ити буолан эрдэҕэ, оҕону сатаан табан үлэҕэ үөрэтии үтүө түмүгэ. Биһиги кытта төрөөбүттэртэн бастыҥ охсооччубут Сэргиэй.

      Аҕабыт биһиэхэ тугу эмэ үлэлэттэҕинэ хайаан да сорук туруорара: күҥҥэ баччаны үлэлиэхтээххин, итиччэни толоруохтааххын диэн. Чэ, холобурдаан ыллахха, от үлэтигэр да буоллун, оҕону ходуһаҕа киллэрэн баран, мээнэ, үлүбээй оҕус, мус диэн баран баран хааллахха, туох да улахан түмүгэ, туһата суоҕа биллэр суол. Оттон бүгүн баччаны охсуохтааххын эбэтэр мунньуохтааххын диэн ыйыы-кэрдии этэн, өссө кэмнээн-кээмэйдээн биэрдэххинэ, соруйдаххына – оҕо талаһардаах, дьулуһардаах, соруктаах буолан, эйиэхэ этиттэриитэ, соруйтарыыта да суох, ис-иһиттэн бэйэтэ баҕаран, үлүһүйэн туран сонно тута үлэтигэр ылсыбытынан барар. Биир кэм хабытайданыы. Төрөппүт ону көрөн бэйэтэ да астынар. Оҕо соругун, күннээҕи үлэтин бүтэрдэҕинэ, түмүктээтэҕинэ тугу баҕарар гынара көҥүл. Аны улаатан, ситэн-хотон истэҕин аайытын, күннээҕи үлэтин соруга эмиэ улаатар. Итинник сылдьан оҕо устунан хайа да үлэҕэ үөрэннэр-үөрэнэр: сыыйа-баайа үлэһит дьон сатабылларын, үөрүйэхтэрин, албастарын сомсор, билиитин-көрүүтүн хаҥатар, үгүскэ-элбэххэ уһуйуллар. Үлэ үлүскэнигэр, үөрүүтүгэр ылларан барар. Түмүгэр тиийэн, кыралары бэйэтэ үлэҕэ такайар киһи буолан хаалар.

* * *

      Аҕам кыраҕа да, улахан да тутууга барытыгар дэгиттэр уус этэ. Уонна олох эгэлгэ эйгэтигэр, барыга-бары наһаа көхтөөҕө. Сонуну, саҥаны түөрэтин олус сэҥээрэрэ. Урут харахтаабатах сээкэй тиэхэникэтэ эҥин кэллэҕинэ, сүрдээҕин дьиктиргээн тутан-хабан, сыныйан көрөр-истэр үгэстээҕэ.

      Маайыс Аһыктаатыгар (Арҕаа Күөлгэ), Бэрэҕэ олорор эрдэхтэринэ, аҕам маһынан кыһан-кыладыйан холкуос сэппэрээтэрин, иистэнэр массыынаны үүт-үкчү үтүгүннэрэн оҥорбутун билиҥҥэ диэри дьон олус сөҕөн-махтайан ахталлар. Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ – ол иистэнэр массыыната, эрийэн тыккырдаттахтарына, өрбөҕү дьөлүтэ баттыалаан тэһэн


Скачать книгу