Аҕа. Семен Маисов

Аҕа - Семен Маисов


Скачать книгу
Үөһээ Бүлүүгэ үөрэнэ сылдьан дьонун, өтөҕүн олус диэн ахтарын туһунан кэпсиирэ. Үһүс Күүлэттэн Үгүлээккэ туох миҥэ көстөрүнэн, Үгүлээттэн Бүлүү куоратыгар сөмөлүөтүнэн, онтон салгыы аны Үөһээ Бүлүүгэ айанныыр. Оччолорго сибээс кэлиэ дуу. Кэпсэтии – суругунан эрэ. Хонньокуулугар Үгүлээттэн Тириэтийгэ барарыгар биир кэм сүүрүүнэн тиийэр эбитэ. Сайыҥҥы өттүгэр киэтэ кэтэн баран, дьонун, дойдутун аһара диэн ахтыбыт ахан оҕо, ырыа-тойук бөҕөтө буолан, аҥаардас чырбайа көтүүнэн өтөҕөр тиийэрэ үһү. Үс көс сири үс чааһынан тиийээччибин диэччи…

      Улахан убайым Махаар букатын кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ көлүллүбүт, такайыллыбыт киһи. Маҥнайгы кылааһы бүтэрэн баран, холкуос оччотооҕу бэрибилээссэйигэр Борокуоппай Такыырапка бэйэтинэн тиийэн тылланан туран, сайын оҕуһунан отчуттарга ыһык таспыт. Ас иҥмэтэх олус хачаайы, баара-суоҕа бастакы кылааһы түмүктээбит оҕо тылын маҥнай утаа соччо баардылаабакка, суолталаабакка буолан баран, улахан киһилии сүрдээх ылыннарыылаахтык дьаныһан туран көрдөһөрө бэрдин иһин, тургутан көрөргө быһаарыммыттар. Дьонун батыһа сылдьан ат, оҕус көлүллэрин эрдэттэн көрбүт-билбит оҕо буолан, ким да көмөтө суох хара маҥнайгыттан бэйэтэ ылсыбыт. Өртүккэ мэччийэ сылдьар Өрүөл Уола диэн сүрдээх үскэл, холкуос ат оҕуһун тутан, көлүйэн, уот ааныттан сорук, дьарык оҥостон, дьаныһан туран үлэлээн барбыт. Маҥнай утаа дөрөтүн сүгэ сылдьара үһү. Онтон дулҕаттан салҕанан, аралтан үктэнэн, тэбинэн оҕуһун миинэ үөрэммит.

      Онон Махаар бастакы кылааһы бүтэрэн баран, Муоһааны эбэ отчуттарыгар уһун сайыны быһа ыһык таспыт. Муоһааны – Илин, Орто уонна Арҕаа диэн үс улахан түөлбэлээх, элбэх тумуһахтардаах, бүтүн хас да холкуос сүөһүтэ дьыл тахсар ото оттонор, сүрдээх көнө, дэхси ходуһалаах, нэлэйэн-хотойон түһэн эбэ да эбэ…

      Махаар өҥүрүк куйаас диэбэккэ, эймэҥнэс үөнтэн-көйүүртэн кыһаллыбакка, сорох ат дулҕаттан төбөтө эрэ быгар, лэкээриҥниир кыра ыамай аата, туохха да аралдьыйбакка оттомноохтук ылсан үлэлээбит. Аны, букатын оҕо эрээри, сиппит-хоппут улахан киһилии барыга-бары сүрдээх болҕомтолоохтук, кыраҕытык сыһыаннаһарын дьон сөҕөллөрө. Көлөбүнэн охсуллубут оту тэбистэриэм диэн, ходуһаны наар эргийэ сылдьара эбитэ, ону отчуттар ыһыытаан, далбаатаан быһа ыҥыран ылаллара үһү.

      Дьаралыга суох ыһыктаах кууллары, иһиттэри бу эйиэнэ, бу киниэнэ диэн эндэппэккэ араартаан, наардаан, сыа-сым курдук тутан үллэрэрэ эбитэ.

      Күһүн, атырдьах ыйын үһүс дэкээдэтигэр, хонуу биригэдьиирэ Өлөксүөйэп Бүөтүр: «Бу оҕо үөрэҕэ чугаһаата, саатар аҕыйах хонукка сынньана түһүө этэ буоллаҕа», – диэн аһынан тохтотоору гыммытыгар Махаар: «Суох, хайаан да ситэри сылдьабын», – диэн туох иһин буолумматах.

      Ити сайын ыһык таспытыгар ылбыт хамнаһын сороҕотунан ийэтигэр лааппыттан «Луч» диэн бэгэччэккэ кэтиллэр чаһыы ылан биэрбит. Кимиэхэ да эппэккэ, бэйэтэ санаатыттан. Холкуос хассыыра буоллаҕына Махаарга хамнаһын, улахан киһилии биэдэмэскэ илии баттатан, тус бэйэтигэр туттарбыт. Ол


Скачать книгу