Аҕа. Семен Маисов

Аҕа - Семен Маисов


Скачать книгу
киһи тыраахтарынан бэйэтэ таһан, сүгэ тутан тутуспута. Ол кулууп күн бүгүҥҥэ диэри дьэндэйэн турар. Сэбиэскэй былаас баар кэмигэр, өтөрдөөҥҥө диэри, аҕыыт биригээдэлэр тиийдэхтэринэ отчуттарга, сүөсүһүттэргэ онно кэнсиэртииллэрэ, киинэ илдьэн көрдөрөллөрө.

      Аҕам барахсан үлэттэн ордон дьиэтигэр-уотугар, хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт кэриэтэ, түстээн-түптээн сынньалаҥ олоҕу олорботох киһи. Наар чэҥкир, мэлдьи, олоҕун устатын тухары, хара үлэни кытары өрө тустубут, бэйэтин букатын харыстамматах, этэргэ дылы сиэри таһынан баламат үлэһит киһи этэ. Дэлэҕэ да дьоно-сэргэтэ: «Туох туһугар ити айылаах умса-төннө түһэрэ буолуой!» – диэн сөҕүөхтэрэ, саллыахтара дуо. Мин итинэн олус диэн киэн туттабын.

      Обургу кылааска тахсан баран, тутууга, окко үлэлии сылдьан, аҕам барахсан үлэҕэ такайбыт оҕото, ону сэргэ Сэбиэскэй саҕанааҕы мургун үлэһиттэрдээх киинэлэри көрүүнэн, кинигэлэри ааҕыынан олуһун диэн умсугуйбут оҕо, үлэҕэ олус үлүһүйэн хаалыллара. Ардах түһээри ыксатан, хастыы да хонугу быһа от кэбиһиитигэр эҥин букатын түүннэри сылдьарбыт. Күһүн ходуһаттан тыраахтар пааратын уотунан тахсыылар кытта бааллара. Биригээдэ дьоно арыый эрдэлээн бүтээри гыннахтарына, оскуола ыамайа аата, бу обургу: «Ээ, кэбис, маны бүтэрэн, итини түмүктээн баран биирдэ тахсыаххайыҥ, барыаххайыҥ», – диэтэхпинэ, сорох дьон: «Бу да киһи, аҕатын курдук үлэҕэ охторо буолуо, ситтэҕинэ-хоттоҕуна, биригэдьиир эҥин буоллаҕына – дьону сиир, үлэҕэ суулларар киһи тахсан эрэр», – дэһэллэрэ…

      Ахсыс кылааһы бүтэрэн баран, эксээмэннэрбин туттараат, сол нөҥүө күнүттэн, сүгэбин тутаат, тутуу биригээдэтигэр киирсэн, сүүс сүүрбэ ыанньык ынах турар хотонун тутуспутум. Биригэдьиирбит, үгэс курдук, аҕам. Баҕанатыттан саҕалаан туох баар үрдүн, муостатын маһын түөрэтин билэрээмэҕэ бэйэбит эрбэппиппит. Ол күһүнүгэр, балаҕан ыйыгар, хотон үлэҕэ киирбитэ. Ортотугар, от ыйыгар, аҕам биһикки кэтэх сүөһүбүтүгэр оттоммуппут.

      Аҕам үлэҕэ сүрдээх ирдэбиллээҕэ. Сайын от кэмигэр тутуу биригээдэтин дьоно эмиэ от үлэтин эрэсииминэн сылдьыахтаахтар диирэ. Сарсыарда тоҕустан киэһэ тоҕуска диэри биир туруу. Күнүс дьиэбитигэр кэлэн кыл түгэнэ (дьэ, чахчыта да, ыксал-тиэтэл, харбыалаһыы да эбит) эбиэттии охсоот, төттөрү түһүнэрбит. Биэстээҕи аһылыкпытын, ийэбит уонна эдьиийдэрим бэлэмнээбит ыһыктарын, онно үлэлии сылдьан аһыы охсон ыларбыт.

      Үлэ кэмигэр, кыратык тыын ылан сынньана да түһэр кэмҥэ сыҥааҕырт да сыҥааҕырт буолары аҕам сөбүлээччитэ суох. Ол иһин дьааһыйар да буоллахха кистии-саба, тиэрэ хайыһан баран дьааһыйарбыт.

      Аҕабын кытта бэрт элбэх араас тутууга сылдьыспытым. Ол иһигэр ыаллар кэтэх дьиэлэрин тутуутугар эмиэ.

      Сэбиэскэй кэм саҕана, үгэс курдук, нэдиэлэҕэ хаста да, киэһэ аҕыс чааска кулуупка киинэ көрдөрөллөрө. Сайын сынньанар оҕолор, учууталлар, сололоох дьон онно субуһаллара. Оҕо-оҕо буоллаҕым, ханнык эрэ санаа дэгэтигэр, туос иллэҥ оҕолору ордугургуу, ымсыыра көрөрүм…

      Ийэм үлэттэн, түбүктэн быыс-арыт булан кулуупка киинэҕэ сылдьыбыта да ахсааннаах. Холобур,


Скачать книгу