Аҕа. Семен Маисов

Аҕа - Семен Маисов


Скачать книгу
туран: «Эһиги, утуйа сыттахпына, эппин сулуйан уоран сиэбиккит!» – диэн кыыһыран, тымтан туран кэлбит. Итинниги эрэ күүппэтэх дьиэлээхтэр ыксаабыттар, ыгылыйбыттар. Кээтэккээни уоскутан остуолларыгар олордон бииргэ аһаабыттар. «Тыл өс тарҕаныа, саат-суут да эбит, кэбис», – диэн дьиэлээх дьон Кээтэккээҥҥэ ынах буутун биэрэн ыыппыттар.

      Кээтэккээн ынаҕын буутун туркуга соһон баран испит. Баран испит, баран испит. Арай ол баран иһэн, аара тугут сиэтиилээх киһи иһэрин көрсүбүт. Кээтэккээн туран: «Мин эйиэхэ ынаҕым буутун биэриэм, эн миэхэ тугуккун аҕал», – диэбит. Анараа киһи өс хоту сөбүлэспит. Инньэ гынан Кээтэккээн аны тугуттанан хаалбыт.

      Кээтэккээн баран испит, баран испит. Кыһыҥҥы күн арҕаа саҕахха кытара кыыһыыта, Кээтэккээн киэҥ да киэҥ хочоҕо киирэн кэлбит. Им сырдыгар кыһайан өйдөөн көрбүтэ, хочо иһэ адаарыҥнас таба эбит. Кээтэккээн мыраан тэллэҕэр турар биир дьиэҕэ көтөн түспүт. Дьиэлээхтэр аһаары олороллоро үһү. Кээтэккээн аһаспыт уонна: «Мин тугут сиэтиилээхпин, ону ити бүтэйгэ хаайбыт табаларгытыгар холбуу ыытабын дуо?» – диэн ыйыппыт. «Ээ, ыыт ээ», – диэбиттэр дьиэлээхтэр. Кээтэккээн тугутун киэҥ бүтэй иһигэр аһыы сылдьар табаларга киллэрэн ыытан кэбиспит. Түүн ортото, дьиэлээхтэр түлүк ууларыгар үлүгүнэйэр кэмнэригэр, Кээтэккээн сэмээр сыбдыйан тахсан, бүтэй иһигэр ыыппыт тугутун тутан ылбыт уонна иһин хайа соппут. Тугутун очоҕоһун таба муоһун аайы иилбит. Ити кэннэ төттөрү киирэн туох да буолбатаҕын курдук утуйан хаалбыт. Кээтэккээн сарсыарда ааттаах эрдэ туран таска тахсан баран, бэркэ диэн айманан киирбит. «Түүн утуйа сыттахпына табаларгыт тугуппун кэйэн кэйгэллээн ый-күн ыһыаҕа оҥорбуттар! – диэн атын аҕай кыыһыран, тымтан турбут. Итинниги эрэ күүппэтэх дьиэлээхтэр ыксаабыттар, ыгылыйбыттар, итиэннэ Кээтэккээҥҥэ буур талыытын биэрэн ыыппыттар.

      Кээтэккээн ханна барбыта, кэлиҥҥи дьылҕата хайдах-туох буолбута биллибэт…

* * *

      Аҕам тугу эмэ үлэлиир, түбүгүрэр кэмигэр, үксүгэр ис хоһооно иһиллибэтэр да, наар муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы сылдьар үгэстээҕэ. Ол истэргэ хайдах эрэ наһаа үчүгэйэ. Кулуупка сыанаҕа да тахсан ыллыыра эбитэ үһү. Сүрдээх үчүгэйдик. «Үрүмэччи маҥан ат» диэн ырыаны ыллаабытын убайым Майыһыай «Дельфин» диэн лиэнтэ моҕуньотопуоҥҥа устубутун, аҕам хоно-өрүү ыраах окко сылдьар кэмигэр олуһун ахтаммын, төттөрү эрийтэрэ-эрийтэрэ, хат-хат, үрүт-үөһэ холботторон истэрим. Майыһыай эмп кэриэтэ кэмнээн холбуура: үстэ иһиттим да, күннээҕи ирээтим онон бүтэрэ…

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

/9
Скачать книгу