Аҕа. Семен Маисов
бүтэн, Үгүлээттэн сатыы тиийбиттэр. Сэргиэй Буор Суол кытыытыгар, Көлүйэ ойоҕоһугар мас эрбэнэ сылдьар дьонугар кэлэн, саҥа, сонун тэрил «Дружба» эрбии хайдах үлэлиирин сирийэн көрүү-истии бөҕөтө буолбуттара үһү.
Оҕо киһи наар дьээбэни өйдөөн хаалар үгэстээх. Сөп буола-буола сопхуос тырахтарыыстара Бүлүү куоратыгар «хапытааннай өрөмүөҥҥэ» киирэллэрэ. Ардыгар тардыллан, уһаан-тэнийэн, ыйы-ыйынан сылдьаллара. Дьэ онно аҕам биирдэ, куоракка тыраахтар өрөмүөнүгэр киирэ сылдьан, күлүгээттэргэ түбэспитин туһунан кэпсээннээҕэ. Бүлүүгэ оропкуоп ыскылаата диэн баар. Уһун субурҕа ыскылаат. Киһи ууннаҕына да тиийбэт сүрдээх үрдүк олбуордаах, эбиитин үөһээ өттө, уоруйах киирбэтин диэн, түөрэтэ чаачахай курдук хатыылаах боробулуоха. Арай туран аҕам, кыһын, түптэлэс тымныыга, хараҥаҕа, ол оропкуоп ыскылаатын кыйа түһүк сиригэр тиэтэйэ-саарайа харбыалаһан истэҕинэ, утары икки эр бэрдэ көрсөн тохтоппуттар. Сылтах көрдөөн, түҥ-таҥ тыллаһан харсаахтаһан, атын аҕай экчэҥкэлэһэн түүрэйдээн бараары гыммыттар. Онуоха туран, аҕам биир бөтөс кулгаахтаах кыһыҥҥы көп бэргэһэтин төбөтүттэн туура тардан ылбыт да, оропкуоп олбуорун нөҥүө быраҕан элээрдэн кэбиспит уонна сулбу түһэн куотан сүүрэ турбут. Дьоно сырсан иһэн тохтообуттар. Бэргэһэлэрин ылаары бэйэ-бэйэлэрин сүксүһэ хаалбыттара үһү. Аанньа буолуо дуо, аам-даам тымныыга бас сыгынньах хаалыы диэн. Аҕам ити түбэлтэни кэпсээбитигэр мин быарым быста сыһыар диэри күлбүттээҕим. Аҕам барахсан…
Үһүс Күүлэккэ оскуола суоҕа. Эрдэ, Үнээкээн диэн күөлгэ (Тириэтийтэн көһү эрэ кыайбат тэйиччи) икки дуу, үс дуу кылаастаах оскуола аһылла сылдьан баран, сотору сабыллыбыт. Аҕам бастакы кылааска үөрэнэн иһэн тохтообутум диэн кэпсээччи.
Биһиги сэттиэ буолан кытта төрөөбүттэртэн мин эрэ, Үгүлээккэ көһөн кэлбит буоламмыт, дьиэбэр олорон оскуоланы бүтэрбитим. Эдьиийдэрим, убайдарым бары өтөхтөрүттэн тэлэһийэн сылдьан, интэринээккэ олорон үөрэнэр диэн тугун билбит, Үһүс Күүлэт икки Үгүлээт икки ыккардыгар элбэхтик төттөрү-таары тиэстибит дьон. Эһэлэрэ Сэргиэй хас да туркулаах табанан уонна үксүн аҕабыт тыраахтарынан таспыттар. Ардыгар үс көс сири бөдөҥ оҕолор сатыы да кэлэллэрэ-бараллара үһү.
Аҕам бииргэ төрөөбүттэриттэн Бүөтүр уонна Маарпа эмиэ Үгүлээккэ үөрэммиттэрэ.
Биир күһүн, арай, Бүөтүрдээх маҥнайгы кылааска Үгүлээккэ оскуолаҕа үөрэнэ кэлбиттэр. Интэринээккэ сыттык тиийбэтэ эбитэ буолуо, сыттыктарын илдьэ тиийбиттэр. Дьэ туран, учууталлара батыһыннара сылдьан интэринээккэ олорор хосторун көрдөрбүт, онтон аны оскуолаҕа таһааран бу үөрэнэр сиргит эҥин диэн билиһиннэрбит. Түмүгэр эппит: «Чэ, тоҕойдорум, ити курдук, билигин дьиэҕитигэр баран хаалыҥ», – диэбит. Онуоха туран Бүөтүр ийэтин сурдьа Дьөгүөр уола Өлөксүөйэп Дьарааһынныын, атаһа Билиикэп Уйбаанныын оскуолаттан интэринээккэ тахсан сыттыктарын кыбынаат да, дьиэлэригэр, дойдуларыгар Үһүс Күүлэккэ сатыы түһэ турбуттар. Оҕолор сүппүттэригэр сүпсүлгэн буолан, кэннилэриттэн киһи ыыппыттара,