Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма
иннигэр олорон эрдэттэн бэлэмнээбит маһын сотору-сотору уокка үҥүлүтэр. Ол кэнниттэн хайытыллыбыт кураанах хардаҕаһы ылан эбэн биэрэр. Киниттэн чугас сиргэ тэлгэммит таба тириитигэр Массакы өттүгэстээн атаҕын тыылыы тэбэн, ичигэс уокка сылаанньыйа сытар:
– Бүгүн балайда сири бардыбыт, мин суоттуурбунан 40-ча биэрэстэни айаннаатыбыт, аны сарсыҥҥыттан ыла өссө түһүүлээх-тахсыылаах, кыараҕас суоллаах таас хайалар быардарынан айанныырбыт буолуоҕа.
– Онно кытаатан маска, тааска тэптэрбэтэх киһи. Дьон айан аартыгынан өрүү сылдьыбат буолан суолга мас туора түһэрэ, таас саккыраан бүөлүүрэ баар суол.
– Төһөнөн тиийэрбит буолуой Охуотскайга?
– Ээ, оннук буолуо! Суолу киһи тымтыктанан билбэт, хайа буолар, этэҥҥэ айаннаатахпытына нэдиэлэ курдугунан Майыыда үрэххэ тиийиэх этибит, – Сэмэнньэ төІкөйөн хамсатыгар аһыы табах уурунна. Хата хамсата сиэдэрэй баҕайы, хатыҥ силиһиттэн бэрт нарыннык чочуллан оҥоһуллубут, онто киһи эрэ ымсыырыах курдук.
Ньукулай оҕонньор киһитин диэки сыҕарыс гынна уонна өссө чуолкайдаан кэриэтэ ыйытта:
– Оччоҕо биһиги хас күнүнэн Ураак үрэҕэр түһүөхпүтүн сөбүй? Мин өйдүүрбүнэн ол үрэҕинэн айанныыр, муора тардыылаах буолан, сүрдээх чэпчэки буолааччы.
– Онтон бастаан Майыыда үрэххэ тиийэн баран Юдома өрүһүнэн Юдома кириэһигэр тиийэбит, ол кэнниттэн эрэ Ураак үрэхпит кэлэр. Оччотугар Охуотскайга тиийбит да курдук сананыахпытын сөп этэ.
– Арааһа, кыайдахпытына, 3–4 хонугунан, суолбут-ииспит, халлааммыт туругуттан тутулуктаах.
– Оо, халлааммыт туран биэрдэр ханнык, буурҕа түспэтэр.
Сэмэнньэ аҕата Нуһулган кырдьык ааттаах айанньыт, булчут этэ диэн сэһэргээччилэр. Ол эрээри кини харчыга ымсыыта суох. ДьаарбаІкаҕа сылдьан дьону албыннаабат, сүрдээх көнө киһи этэ дииллэрэ. Тииҥи, кырынааһы элбэҕи сууһарара да эргиниинэн муҥнаммыт табаарын аҕалан дьонугар, табаһыттарыгар түҥэтэн кэбиһэрэ. Онто да чэй, бурдук, саахар, сороҕор кыра арыгы, саа сэбэ буолаахтыыра. Хаста да бэрдээҥки саалары аҕалбыта үһү, онон түөрт сүүсчэкэ хаамыыттан бөрөнү мэйиигэ түһэрэллэр дииллэрэ.
– Тоҕо бэрдэй, былыргы саалар бэргэннэрэ да бэрт эбит!
– Оннук буолбакка, сураҕа ол саалары устууканан анал саа уустарыгар сакаастаан оҥортороллор үһү, – Сэмэнньэ ситэрэн биэрэр.
– Билигин оннук саалар суох буолан эрэллэр…
Ити икки ардыгар Бүөтүччэ хоруорбут тастаах солууртан буруолуу сылдьар таба этин таһааран миискэлэргэ уурталаата. Атыттар сытыы быһахтарын чугас уурунан, мииннэрин куттаран аһаан-сиэн, аччыктаабыт дьон ыла-ыла уостарын быһыахча үлүгэр тэлэ быһан сиэн ыллаҥнаттылар, саҥа-иҥэ аччаата. Ол кэнниттэн иккис солуурчахтан хойуу чэйи иһэ-иһэ дьон олорор тэллэхтэригэр ким өйөнөрдүү, ким сытардыы тыыллаҥнастылар. Күннээҕи сылаалара дьэ киирэн, сорохтор сыҥааҕырдан, утуйардыы бэлэмнэннилэр.
Дьэ итинник күн аайы сирдэрин кээрэтэн төһө