Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма
бу биһиги тимирбитин ыллыбыт уонна үс арааска араардыбыт. Көрүҥ эрэ, бу тимир «тыһы тимиргэ» киирсэр уонна барыларыттан саамай табыгастаахтара, үчүгэйдэрэ. Маннык тимиртэн оҥоһулубут хотуур эбэтэр кылыс токурутан баран ыытан кэбистэххэ чиккэс гына көнө түһэр. Ону сахалар эрэ сатаан уһааран, охсон, былыр кыргыс үйэтин саҕана саба түһүүлэртэн кыайыы-хотуу эҥээрдэспиттэрэ эбитэ үһү. Атыыр тимиртэн ыһыыны, үттэни, сүгэни, быһаҕы, анньыыны оҥороллор. Тимир хатыыта халлаан уларыйыытыттан эмиэ тутулуктаах. Ыраас күҥҥэ, киэһэ, сарсыарда, күнүс уонна былыттаах күҥҥэ тимир хатыытын өҥө-туруга араас буолар. Ону өр сылларга хараххынан көрөн үөрэнэн, ымпыктаан-чымпыктаан быһаараҕын, ол ньыма уустар көлүөнэлэрин устун салҕанан бара турар.
– Оо, тоҕо бэрдэй, дьэ былыргылар мындыр да дьон эбиттэр! – ким эрэ саҥа аллайар. – Ол иһин да боотурдар диэн аатырдахтара.
– Кырдьык, оннук мындыр дьон эбиттэр. Ордук киэҥник биһиги төрүттэрбит Хаҥаластар аатыраллара үһү. Онно Сата уустара диэн Ньурбаҕа тиийэн бүтүн аҕа ууһунан дьарыгырбыттара дииллэр, кинилэртэн Сыраан, Маачах, Омтоон уустара сураҕырбыттар. Аны онуоха сөптөөх күүстээх-уохтаах, сатабыллаах балтаһыттар бааллара дииллэр. Ол курдук Сыраан Уус уолаттара Халыына, Омтоон, Суппуунай, Чаачаҥ курдук дьон төрөөн-үөскээн ааспыттар. Дьэ, итинник барыта, кылгастык кэпсээтэххэ.
– Дьэ, аҕабыт барахсан, барыны-бары билэрин-көрөрүҥ да бэрдэ бэрт. Ол да иһин эйигин эмиэ ааттыыр-суоллуур эбиттэр дии, – Өллүөт аҕатын диэки өссө күүскэ сөҕөн, убаастаан, ытыктаан имэрийбиттии сымнаҕастык көрөн ылла.
Үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах дьонтон биирдэстэринэн Орто Алыы Хабырыллата дьонун-сэргэтин эмтээн-томтоон, арчылаан, араҥаччылаан абырыыр. Орто Алыы учаастага Тарыҥ Үрэх бөһүөлэгиттэн аҕыс биэрэстэ эрэ курдук тэйиччи, Индигиир өрүс хаҥас биэрэгэр баар. Бу кэрэ-мааны көстүүлээх, ис-иһиттэн киһини бэйэтигэр тардар абылаҥнаах күүстээх сиргэ Кырбаһааҥкын атыыһыт бэйэтэ туттарбыт чочуобунатын кириэһэ ыраахтан дьону ыҥыра, кэрэхсэтэ, угуйа турара. Айан суола ааһар сирэ буолан Алыы Хабырыллалаахха дьон-сэргэ өрүү таарыйар, ону кинилэр төһө да кырыымчыктык олордоллор, былыргы үгэһинэн өрүү баалларынан-суохтарынан ыалдьыттаталлар-маанылыыллар.
Хабырылланы эмиэ да эмчит, отоһут, көрбүөччү уонна сэрэбиэйдьит буоларын билинэллэрин ааһан, өссө ойуун быһыытынан кистии-саба аатырдан-сураҕырдан кырдьаҕас Өймөкөөҥҥө киэҥник тэнитэллэр. Ол чахчы.
Биирдэ Чыычаах Харахха олорор Ыстапаан Бэриэскин иһинэн ыалдьан бэрт уһуннук эрэйдэнэн баран, ыксаан эмчит Омуокай Хабырылланы ыҥыртарар. Онон тыынан тиийэн Орто Алыыттан киһилэрин аҕалбыттарыгар, ыарыһаҕы сыгынньахтаан тиэрэ сытыаран баран үөттүрэҕинэн оһоҕу булкуйа-булкуйа, тугу эрэ өр баҕайы алгыстыыр дуу, ааттаһар дуу курдук гыммыт. Ол кэннэ бүтүүтүгэр оһоҕуттан хоруорбут маһы ылан баран Ыстапаан иһин кириэстии соппут уонна: «Сотору үтүөрµіҥ!» – диэбитэ, кырдьык, аҕыйах хонугунан ыарыһаҕа үтүөрэн үлэ-хамнас киһитэ буолан хаалар. Хаста да улахан тыа баһаара буолбутугар, Алыы Хабырыллатын