Таайыллыбат дьикти күүс. Огдо

Таайыллыбат дьикти күүс - Огдо


Скачать книгу
суох барахсаттара.

      Кыра Маайа эдьиийинээн Дуунньалыын – биир ыал оҕолоро. Дуунньа барахсан ыарыһах көрүҥнээх. Оттон Маайа – саҥа туран эрэр кыыс оҕо – баабый үлэһит, эдьиийигэр илии-атах буолан элэстэнээччи. Бэйэтэ үрүҥ аһы астыыр сэппэрээтэргэ сыһыарыылаах. Улахан атахтаах сэппэрээтэр, бастакы хоҥнорууга эрийэргэ ыарахан да буоллар, кэлин тэтимин ыһыктыбакка бардахха, чэпчэки буолар.

      Балаҕан иһигэр туох элбэх мал-сал кэлиэй: уһун аһыыр остуол, иһиттэрэ-хомуостара, ороннорун таҥаһа – бүттэҕэ ол. Балаҕан дьиэҕэ сыһыары ас астыыр, үүт ытыйар үгэх баар. Таһырдьа элбэх тутуу суох. Арай ампаар баар, онно тоҥ арыыларын лаабыс ороҥҥо уураллар. Бүгүн сарсыардаттан ураты күн – сүпсүлгэн бөҕө, эдэр кыргыттар элэстэнэн олороллор. Киэһэлик хотонтон киирэн, үүттэрин сылытаат, ытыйа охсон, сорох бэҕэһээҥҥи сүөгэйи иирдэн-арыылаан, улахан таастарга таптайан, ампаарга таһааран уурдулар. Үрдүгэр чыыһылатын туруоран, кириэс-мараас тардан кэбистилэр. Дьэ уонна, сэмээр сылдьан эрэ, Миитэрэй оҕонньору күүтүү-кэтэһии. Буолумуна даҕаны, дьоннорун тустарынан, өстөөх сэриитэ ханна тиийбитин истээри, кулгаах-харах буолан сырыттахтара.

      Хата, Миитэрэй өр күүттэрбэтэ. Таһырдьа ыт үрэн иһэн тохтоотун кытары, атах тэбэнэр тыас күндүтүк иһилиннэ. Аһыллыбыт ааҥҥа тымныы салгыны будулутан, Миитэрэйдэрэ киирэн кэллэ. Дьиэлээхтэр эҕэ-дьэҕэ буола түстүлэр. Оһох уотун эбии күөдьүтэн, сонун истээри, остуол тула мустан олордулар. Миитэрэй сыгынньахтанан, оһох иннигэр илиитин саратан иттэ түһээт, холтуунун хостоон, хамсатыгар табах уурунан, сыпсынан кыһыл чоҕу ытыттаран ылан табаҕын уматтан, соппойо түстэ уонна көхсүн этитэн баран, аҕалбыт куулун сүөрэн, кыргыттарга эр-биир мөһөөччүктээх кэһиилэрин туттартаан кэбистэ. Оҕолор ойон тураат, оҕо-оҕо курдук быыс кэннин диэки көтө турдулар. Отур-ботур кэпсэтэллэрэ эрэ иһиллэр.

      Улахан өттө остуол тула ыһыырынньык уотугар сонун истэ хааллылар. Миитэрэйдэрин кэһиититтэн кыратык сып да гыннардылар. Күө-дьаа кэпсэтэн бардылар. Ол олорон Миитэрэй: «Хайа, бүгүн түүн Сэмэн оҕонньордооххо бит-билгэ буолар дуо?» – диэн ыйытта. «Буолар, буолар, мааҕын оҕонньор эппитэ», – диэн Захар төтөлө суох хардарда. «Ээ, чэ бэрт, туох дьыл-хонук иһэрин, сэрии хаһан бүтэрин билиэхпит буоллаҕа», – хайалара эрэ эбии тыл кыбытта.

      Ол курдук, балайда олоро түһээт, түүн үөһэ буолуута чугас ыалларыгар субустулар. Кыра Маайа, баҕарбатар да, батыста. «Хата, сэрэбиэйдэниэҕиҥ», – дэһэн, өтөх сэргэтин таһыгар тохтоон, боччумуран туран хаар сиидэлээтилэр. Бу миэнэ, оттон бу эйиэнэ дэһэн баран, дьоннорун эккирэттилэр. «Сарсыарда эрдэ дьоммут иннинэ көрүөхпүт», – дэһэн сүбэлэстилэр. Баран иһэн Даайа кыыс, сылгы сааҕыттан иҥнэн, умса туруйалаан ылла да, хата охтубата. Онтуттан халлааны сатарытан алларастаан иһэн, эмискэ соһуйан айаҕын саба тутунна. Бөтө бэрдэрдилэр, куттаннылар: арба бүгүн чуумпутук иһийэн сылдьыллыахтааҕын умнубуттар. Ханна эрэ мутук тостон ылла, тымныы салгын сирэйдэрин хаарыйталаата.

      «Уччаа-а!»


Скачать книгу