Таайыллыбат дьикти күүс. Огдо
түһэллэр, сылгыларым, умсугуйбуттуу кулгаахтарын чөрөтөн, иһиллии аҕай тураллар эбит. Ити кэмтэн ыла айылҕалыын ыкса ситимнээхпин өйдөөбүтүм. Мин олохпор араас дьикти-дьиибэ буолан барбыта. Ол курдук, түүлбэр диэхпин эмиэ да илэ курдук, түүн көтөр буолан хаалбытым. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, утуйа сытар ороммуттан, үөһэ халлааҥҥа, турар бэйэм көтөн тахсар этим. Хайдах оннук тахсарбын бэйэм да өйдөөбөт этим. Ол курдук көтө сылдьан, араас сирдэргэ тиийэрим. Ойуурга көтөн тиийэн, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хайдах сылдьарын, кинилэр олохторун сэҥээрэн көрөр этим. Сороҕор оннук көтө сылдьан, атын дьон хараҕар көстүбэт тас эйгэ дьоно кэлэн, өлбүт киһи дууһатын дьиэтиттэн илдьэ баралларын көрөрүм. Аҕыйах хонон баран, кырдьык, ол дьиэҕэ ким эрэ өлбүт буолааччы. Ол оннук, киһи дууһатын илдьэ барааччылар сороҕор хап-хара, сороҕор туман курдук буолан көстөллөр. Кинилэр тэпилииссэ салапаанын нөҥүө көстөр күлүк курдук сылдьаллар.
Улааппытым кэннэ, бу дьиибэ дьоҕурум өссө сайдан киирэн барбыта. Аны аттыбар олорор киһи тугу саныырын, туох кыһалҕалааҕын – барытын билэр-көрөр буолбутум. Ол курдук, ханна эмэ уочаракка туран эбэтэр таксинан айаннаан иһэн, аргыс киһим ис туругун, эниэргийэтин билэр уонна ону көрөрбүттэн олус сылайар, илистэр буолбутум. Кэнники бэйэбин харыстаан, сабынарга үөрэммитим.
Билигин миэхэ араас кыһалҕалаах, көмөбөр наадыйар дьон быыстала суох кэлэр, сүбэлэтэр. Кыаҕым баарынан барыларыгар көмөлөһө сатыыбын. Ардыгар, сүбэлэтэр киһим былыр үйэҕэ өлбүт төрүттэрэ илэ бэйэлэринэн киирэн кэлэн, тоҕо итинник диэбэтиҥ, тоҕо маннык гымматыҥ, оннук гынныннар, маннык гынныннар диэн мөҕүттэр да түгэннэрэ баар буолааччы.
Оттон ыарыһаҕы эмтиирбэр, миэхэ кини туга ыалдьара биллэр. Холобур, ыарыһах бэгэччэгэр баар тымырын тарбахпынан баттаатахпына, кини ыалдьар уоргана миэхэ бэйэбэр ыалдьан биллэрэр. Ол оннук кини туга ыалдьарын билэбин. Билигин, пандемиянан сибээстээн, ыарыһахтары ыраахтан эмтиибин. Хаартыска нөҥүө ыалдьар уорган ньэгирин (эниэргийэтин) хомуйан ылан, тарбахпынан тутан-хабан ыраастаан, көннөрөн, эмтээбитинэн барабын. Эмтиирбэр түүн эрэ эмтиибин. Коронавирустаан өлөрө чугаһаабыт, ыарахан ыарыыга ылларан, куомаҕа өйө суох сытар да киһини атаҕар туруорбут түгэннэрим элбэхтэр. Эмтиирбэр, бэйэм уонна эмтиир киһим өбүгэлэриттэн, хайаан да көҥүл ылабын. Көҥүлэ суох эмтиир кыаҕым суох. Көҥүл биэрбэтэх ыарыһахтарыгар алгыс түһэрэн, ыарыытын мүлүрүтэн, чэпчэтэн биэрэбин. Алгыһы түүнүн буолбакка, күн оройугар түһэрэбин. Ол маннык буолар: ыарыһах хаартыскатын көрөн олорон, ыалдьар уорганын ньэгирин хомуйан ылан, илиибинэн имэрийэн-томоруйан көннөрөбүн уонна күн сардаҥатын түһэрэбин. Күн сардаҥатынан туолан сылыйбыт ньэгири төттөрү уоргаҥҥа ылан угабын. Ити курдук үлэлиибин.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на