Таайыллыбат дьикти күүс. Огдо
былдьаһабыт. Таас дьиэҕэ хаайтаран олорбут киһи, мин эмиэ тиэтэйэ-саарайа таһырдьа тахсан, оҕолор оонньуур былаһааккаларыгар тиийэн, ыскаамыйа баарыгар олордум. Аттыбар оҕо-аймах саҥата чугдаарар. Дьэ бэһиэлэй дьон диэтэҕиҥ.
Сайын кэлбититтэн, ордук оҕолор үөрэр курдуктар. Күнү быһа таһырдьа оонньоон, киэһэ буолбутун сороҕор билбэккэ да хаалаллар быһыылаах. Бу бүгүн эмиэ сүүрүү-көтүү, үөһэ-аллара ыттыы тиһигин быспат.
Оттон мин куолубунан оҕолору одуулуубун. Илдьэ тахсыбыт хаһыаппын тэнитэн, ааҕыах курдук буолан иһэн, төттөрү хомуйа туттум.
Аттыбынааҕы ыскаамыйаҕа уончалаах уолчаан бэйэм курдук оҕолору көрөр, атахтарын хатыйа тутан салгыҥҥа биэтэҥнэтэр. Күн уотуттан симириктиир, сотору-сотору умса көрөр.
– Хайа, доҕоор, оттон эн тоҕо олороҕун, тоҕо оонньообоккун? – уолга хайыһан ыйытабын.
Уолум мин диэки көрбөккө эрэ:
– Ээ, бэйэм, – эрэ диэтэ. Ити курдук иккиэн саҥата суох чочумча олордубут. Сотору буолаат, киһим мин диэки көрөн ылаат, сөмүйэтинэн иннин диэки ыйан:
– Ол киһини көрөҕүн? Бүгүн эмиэ күнү быһа итинник туруоҕа, – диэтэ. Мин уол ыйар сирин диэки көрө сатаатым да, ким да баарын булан көрбөтүм.
– Кими этэриҥ эбитэ буолла, ким да баарын көрбөппүн ээ, – диибин.
– Оол турар дии… Күн аайы наар итинник биир сиргэ турар, – уол дьиэ инниттэн хараҕын араарбат.
Мин дьиибэргээн, соһуйан, туох диэн эппиэттиэхпин билбэппин. Халлааҥҥа харбаспыт үрдүк мэндиэмэннээх дьиэ иннигэр киһи турара көстүбэккэ дылы. Арай, эриэн ыт, ханна эрэ ыксаабыттыы, соруктаах аҕайдык сүүрэн ааспытын көрүмүнэ хааллым. Чочумча буолаат:
– Хайа, киһиҥ билигин да турар дуу? – диэн уолбуттан, мүчүҥнүү-мүчүҥнүү, ыйытабын.
– Турар. Эн кинини көрбөккүн дуо?
– Суох.
– Тоҕо эрэ дьон бары көрбөттөр дии. Оттон миэхэ көстөр ээ, – диэт, уол өрө тыынна. – Кини күн аайы оҕотун көрө кэлэр. Подъезд иннигэр көрөн баран турар.
Мин кыра доҕорум боччумнаах сирэйин тонолуппакка көрөн олорон:
– Кини хайдаҕын миэхэ ойуулаан биэриэҥ дуо? – диэтим. – Сирэйин-хараҕын, таҥаһын-сабын…
– Киһи киһи курдук, – уолум сөбүлээбэтэхтии хардарар. – Сиэрэй ыстааннаах, сырдык халлаан күөҕэ ырбаахылаах. Бачыыҥкалаах. Ачыкылаах. Хара хойуу баттахтаах…
Дьэ дьиибэ эбит. Миэхэ илэ көстүбэт киһини харахпар ойуулуу сатыы олордохпуна, кыра доҕорум ыскаамыйаттан туран, уку-суку туттан, дьалты хаамта. Мин, бэйэбин буруйдаах курдук туттан, нүксүччү түһэн, мас олохпор хам хараҕаланан олорон хааллым.
Бүтэй эттээх биһигинньик дьон харахпытыгар көстүбэт чараас эйгэни кытта ситимнээх, айылҕаттан айдарыылаах дьон туһунан кэпсииллэрин истэр этим. Кинилэр күн сиригэр үөһэттэн этитэн, араҥаччылыыр, арчылыыр үрдүк ыйаахтаах кэлэллэрин, ураты, чэпчэкитэ суох аналлаахтарын өйдүүр буолан дуу, бу бүгүн айах атан кэпсэппит уолчааным оннук дьонтон биирдэстэрэ буоларын эт сүрэхпинэн сэрэйэн, кини инники олоҕо