Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо

Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо


Скачать книгу
суунан-тараанан диэбит курдук, ыраастана оҕуста. Инньэ гыммытыгар тупсаҕай кырааскалаах кэрэчээн харахтара өссө тупсубукка дылы буолбуттар. Таҥаһын көннөрдө, баттаҕын сахсатынна, күөкэгэр моонньун хоҥкук гыннаран фататын кэннин диэки эстэ, үрдүк түөстэрин эргин аатыгар эрэ онон-манан тэбэннэ, синньигэс биилин имэриннэ. Аны, омуна бэрт ээ, икки илиитинэн сараҕар бэйэлээх былаачыйатын тэллэҕин үөрүйэхтик хомуна тарта, үрдүк хобулуктаах, чупчугур тумустаах мааны түүппүлэтигэр чэпчэкитик дугунан, бэрт тэбэнэттээхтик өрө ыстана түстэ, бэтиэхэлээх бэйэлээхтик ырым-тырым көрө-көрө, Толикка баран сөрөннө. Уол бу да сырыыга маннык туттууттан-хаптыыттан тоҕо эрэ соһуйбата, оргууй аҕай кыыһы биилиттэн харбаан ылан иннигэр туруорда уонна:

      – Ульзана, эн миигин кырдьык таптыыгын дуо? – диэн ыйытта.

      – Если честно, сама даже не знаю… – кыыс үчүгэйкээн бэйэлээх сэбэрэтэ сырдыы түстэ, эмиэ үөннээх баҕайытык харахтарын, кыламаннарынан оонньоон, сабыччы көрө-көрө, өрө тэрбэтэн таһааран, уос-тиис оҥостон, моонньун куоҕаҥнатан, күллэ-салла. – Но нет, не дождешься, дорогой, я тебя никуда не отпущу! Вот! Син биир таптыыр буолан сөбүлэннэҕим дии, или ты не просил моей руки, а?

      – Просил?! Руки?! – уол соһуйбута буолла даҕаны, сонно кистэннэ, устунан сонньуйда.

      Ити икки ардыгар:

      – Чэйиҥ эрэ, эдэрдэр, ханнаҕытый? Массыына бэлэм. Оттон эһиги барарга бэлэмҥит дуо? – диэбитинэн кураанах бакаал тутуурдаах аҕамсыйбыт киһи көөһөкөччүйэн киирэн кэллэ.

      – Ух ты, моя ласточка, ну-ка, повернись к папе! Ульзана, ты краше всех, впрочем как всегда, – Томмот Савельевич наһаа астыммыт киһи быһыытынан, икки илиитин саратан, кыыһын кэлэн сыллаата-уураата.

      Бэрт сыыдам туттунуулаах-хаптыныылаах киһи суонугар букатын мэһэйдэппэт. Имигэс-имигэстик эргичиҥнии охсор, тыастаах соҕустук аҕылыырын быыһыгар балачча эбиллибит моҕоҕо илибирээн ылар. Күтүөт уол диэки бу киһи хараҕын кырыытынан да көрбөтө. Толя эмиэ аҕа кылына буолан эрэр тойонтон эйэргэһиини кэтэспэтэ, саҥата суох кыыстаах аҕа мөөмүкэйдэһэллэрин көрөн эрэ турда…

      Сыбаайба сылаалаах этэ. Дьокуускай куорат саамай киинигэр турар улахан ресторан бу сырыыга баҕас, дьэ, кырдьык, киэптэппитэ быһыылаах. Мааны бэйэлээхтик киэргэммит киэҥ сааланы ыы-быччары ыалдьыт мустубутун Толя тоҕо эрэ атыҥыраабыта. Дьон быыһыгар нэһиилэ аҕыйах билэр киһитин ыраахтан көрөн тоҥхох гынан дорооболоспута. Хараҕын далыгар балта кыыс тоҕо эрэ быраҕыллыбатыттан сэрэхэдийэ быһыытыйбыта уонна куруук кытыы сири кыһанан тутуспуттуу, бу киэһээҥҥи эйгэттэн халты соҕус, хайдах эрэ тэйиччи сылдьар ийэлээх аҕатын муодарҕыы көрбүтэ. Ити тоҕотун уол бэйэтэ эрэ билэрэ. Кини ийэлээх аҕатын иннигэр иһигэр олус диэн буруйдаммыттыы санаммыта…

      Тыл этээччи тойоттор, кинилэри хартыына курдук арыаллааччы хотуттар уһуннук да эҕэрдэлээн эккэлэспиттэрэ. Дьүүлүн-дьаабытын арааран өйдүү сатаабыт да киһи бу күүгээҥҥэ, ньамалаһыыга чуо маннык эбит диэн этиини-тыыныыны иилэ хабан өйдүүрүгэр уустук курдуга. Киһи тугу


Скачать книгу