Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо

Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо


Скачать книгу
кытта, Зана аны уолу бэйэтин хоһугар дэллэриппитэ. Кип-киэҥ, сып-сырдык хос ортотугар сүүнэ улахан маҥан сабыылаах орон мин аҕай бу баарбын диэбиттии киэптээн аҕай турара. Тула хас да кириэһилэҕэ сымнаҕас сыттыктар күөдэл курдук быраҕыллыбыттар. Олорго сүүрэн тиийэн лах гына олоро түһээт, синньигэс илиилэрин даллаҥнатан, кыыс уолу бэйэтигэр ыҥыра олорбута.

      – Зана, мин киһилии кэпсэтээри кэллим. Мин эйигин кэргэн ылыах буолбатаҕым, оннук кэпсэтии суоҕа…

      – Тыый, Толя, тугун бэрдэй, оттон «чыычаах» дии-дии ким миигин уураабытай-сыллаабытай, өссө «таптыыбын» диэбитэй?! – Зана харахтара кэҥээбиттэрэ, икки уоһа тэллэйэн, ытаары мэрбэҥнээбитэ.

      – Суох, ол эйигин эппэтэх буолуохтаахпын…

      – Эн уонна мин эрэ баарбыт ол түүн, Толя! Атын ким да суоҕа буолбат дуо? Неужели эн миигинниин утуйбуккун мэлдьэһээри гынаҕын?!

      – Суох, мэлдьэспэппин эрээри… мин утуйбатах буолуохтаахпын… – уол булкулла сыспыта, сатала суох кэпсэтии тахсан эрэрин сэрэйбитэ.

      – Заночка, доченька, тебе вредно нервничать, – диэбитинэн, туох да тоҥсуура да, ыйытыыта да суох Розалия Аманатовна мичээрдээбитинэн субу устан киирбитэ. Сиэдэрэй сибэкки ойуулаах маҥан солко халаата тэлээрбитинэн кыыһыгар тиийбитэ. Көбүс-көнө кыргыылаах кылгас баттаҕа илиҥҥи дойду кырасаабыссатын санатарын бэркэ билинэр быһыылаах, онуоха сөп түбэһэрдик туттан-хаптан кыыһын имигэстик кууһан ылбыта:

      – Толя, будь мужчиной, потерпи маленькие капризы своей невесты. Она ведь в «марьяжном интересе», – диэбитэ уонна эмиэ кубус-кураанаҕынан мичээрдээн ылбыта. – Хотя, ты уже доказал, что ты настоящий мужчина и уже преуспел в интимном плане… что весьма похвально. Зана, Толяҕа эттиҥ дуо, что ресторан заказан?

      – Суо-ох, кини миигин таптаабат, маама! – Зана «чыычаах» ытыы олорбута.

      – Толя, я буду конкретна. Өскөтүн Зана аата алдьаннаҕына, кэргэнэ суох төрөөтөҕүнэ, тебе не видать ни учебы, ни карьеры, ни жизни. Повсюду наши связи, ни одна душа тебя не подпустит хоть к какой-то работе. Үлэтэ суох хайдах киһи буолуоҥуй, тоойуом? Раз ситуацию решила ваша юная кровь, придется породниться с вами и воспитывать своих внуков. Өйдөөтүҥ? – Розалия Аманатовна, тимир-тамыр этээт, уол диэки кытаанахтык көрбүтэ.

      Итиннэ туох өйдөммөтө баарый? Акаары да буолан абыранар ээ. Арааһа, ол түүн, Ульзана барахсанныын утуйа оонньоон, олоҕун тиэрэ эргиппит соҕотох кини, бэйэтэ. Кэргэн ылар туһунан хаһан да оройдоппот бэйэтэ, дьэ, түбэстэҕэ.

      Аанчык, оо, Аанчык, эрэйдээхпин даа… Чахчы атаҕастаммыт, хата, Аанчык буолла. Олус сэмэй, килбик, ыраас санаалаах, чараас дууһалаах кыыс эбээт.

      Хайдах бу балаһыанньатын киниэхэ этиэй?! Толя Аанчыкка убаммыта оччото, кинилиин куруук чэпчэки, холку буолааччы. Олус таптыыбын диэҕин, эмиэ да омуннаах, уохтаах буолбатахха дылы… Көннөрү, наһаа истиҥник санаһар буолан, бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнэн хаалбыт курдуктар. Аанчык хаһан да кинини туохха да күтүрээбэт, мөҥүттүбэт. Уол бардаҕына барар, кэллэҕинэ кэлэр. Кулуупка бардым диэтэҕинэ,


Скачать книгу