Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо

Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо


Скачать книгу
эппэтэх буоллаҕым дии». Иһигэр итинник саныы-саныы, сэрэнэн-сэрэнэн сыыртан түһэ сатыыр. Наһаа туруору сиргэ кэллэҕинэ олоро биэрэр, онтон атаҕын иминэн дугунан, иһин күөйэ туттубутунан, түһэ сатыыр да, хайа тэллэҕэ чугаһаан да бэрт…

      Уһуктан кэлбитэ, хайыы-үйэ сарсыардааҥҥы күн чаҕылыйбыт. Хата, мучумааннаах сырыыта түүл буолбутуттан үөрэн, Аанчык санныттан сүгэһэри түһэрбит курдук сананна. Ону-маны эргитэ саныы барбакка, куолутунан күннээҕи түбүгэр түстэ…

      Марыына эбээ аныгыскы сырыыбар сэһэргэһиэхпит диэбитин өйдөөн, эмээхсин дьуһуурунайдыыр күнүгэр Аанчык күнүс халаачык астаата. Онтун итиитинэ саахары уулларан үрдүгэр саба кутан ордук минньигэс гынна. Эбээни күндүлээтэҕинэ төһө эрэ үөрүөн санаан кыыс мичээрдээн ылла. Ол эйэҕэс түгэни сүрэҕинэн баҕаран бэйэтэ биири да ылан амсайбата, бүтэйдии билэр, син биир сөбүлүөҕэ. Маннык халаачыгы астаатаҕына, Толята наһаа хайҕааччы. Ааспыкка оннооҕор: «Бу кэннэ миэхэ атын туох да аһылык наадата суох», – диэмэхтээбитэ, кууһан туран истиҥник да истиҥник уураабыта. Ол астыныы бэлиэтэ хайҕабыл буолбакка, тугуй? Кыыс бэркэ көнньүөрэн аһын тэриэлкэҕэ тэлгэтэ ууран сойутта уонна, киэһэ нам-нум буолары күүтэ таарыйа, сээкэйин гына сырытта.

      Марыына эбээ бу киэһэ сэһэргэһии ис хоһоонун эрдэттэн толкуйдаабыт кэриҥнээх. Аанчык оҕолонуохтааҕын уонна хайа баҕарар төрүүр-ууһуур аналлаах туҥуй дьахтар тугу билиэхтээҕин, туохтан сэрэниэхтээҕин быраабыла курдук наардаан, оргууй аҕай кэпсээбитинэн барда. Эбээ барахсан үөрэтэрдии такайара олус сатанар, бэйэтигэр наһаа барсар. Кырдьык да, биэнсийэҕэ барыар диэри сааһын тухары учууталлаабыта чуо көстөр, куолаһа сүрдээх намыын, истиҥ уонна ылыннарыылаах.

      Инньэ гынан Аанчык, ийэ-аҕа үөрэҕин ситэри ааспатах дьылҕалаах кыыс да буоллар, манна диэн эттэххэ, хата сорох-сорохтортон орто да быһыылаах. Эбээ Марыына кыһамньылаах үөрэҕэ хайдахтаах да энциклопедияҕа суруллубуттааҕар ырылхайа, астыга уонна, хайа, өйдөнөрө судургута сыттаҕа. Ийэлэр бары да кыыс оҕолорун, эбээ Марыына курдук иннилэригэр тутан олорон, маннык такайбыттара сэрэйиллибэт. Бу олус уустук уонна тустаахха да көһүппэтэх өттүттэн соһуччу сонуну дьахтар эрэ барыта оҕотугар кыайан кэпсээбэт буолуохтаах…

      – Дьэ, тоойуом, эппэтэҕэ диэйэҕин, тулуйа үөрэммиккинэн саҥата суох барытын искэр хаайа сылдьаайаҕын? Киһи тутула чараас, туох баҕарар буолуон сөп. Хайа да түгэҥҥэ, эттэргин эрэ барыны учуоттааччылар, билээччилэр ити быраастар ананаллар. Кинилэр эбээһинэстэрэ эбээт. Онон харса суох мунаарбыккын этинэ сырыт, билбэккин ыйыталас. Эн оннугар ким да ону оҥорботун билэҕин. Хайа, уонна оҕоҥ туһугар барыта этэҥҥэ буолуохтаах, – Марыына бүгүҥҥү уруогун мас-таас курдук түмүктээтэ.

      – Кыра аайы улахан дьону, быраастары кутугунатарым сыыһа буолбатах дуо? – Аанчык саарыыр.

      – Хотуой, ол кыратын-улаханын хаһан төрөөн-ууһаан эн биллэххиний? Өйдөө, хайдахтаах да улуу дьыала, үтүөтэ-мөкүтэ барыта быыкааттан саҕаланар. Дьолуҥ эмиэ оннук, өлүүҥ кытта соннук


Скачать книгу