Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо

Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо


Скачать книгу
түбэлтэлээх, алҕас биллэн, иһиллэн ааспыттаах.

      Былырыын этэ. Розалия Аманатовна, кэм да түбэһиэх быатыгар диэ, тобус-толору суумкалары туппутунан, куттаммыт тугут оҕотун курдук көрбүтүнэн, халтарааҥҥа охтумаары нэһиилэ чирэстэһэн иһэрин көрөн, уол дьиэтигэр тиэрдибитэ.

      Ааны Зана аспыта. Куолутунан омуннуран-төлөннүрэн, чыычаах курдук чыбыгыраан, аара көрсө биэрбит «аанньалы» – Толяны, маамата барахсаҥҥа күүстээх илиитин ууммут дьиҥнээх «джентльмены» уруйдаан-айхаллаан саалаҕа аһара охсубута. Чэйдии олорон кэпсэтиигэ уруккуттан үөлээннээхтэр оҕолоро буолаллара биллибитэ. Толя аҕатын Розалия Аманатовна олус хайҕаабыта, элбэҕи да элбэҕи кэпсээбитэ. «Дьиҥнээх сахалыы өйдөөх, букатын президент буолар киһи этэ» диэн өссө омуннурбута. Онтон уолу ыйыталаһан, токкоолоһон, Толя да үөрэҕэр ой-бото бэрдин истэн сэҥээрбитэ, харахтара дьиктитик оонньоон ылбыттара.

      Онуоха ыал аҕата Томмот Савельевич дьоһуннана-дьоһуннана көхсүн этиппитэ, ол-бу политика, уларыйыы, харчы-хамнас туһунан кэпсэтии таһаардаҕа буолан, аҥаардастыы куолулаабыта. Онтуттан бэйэтэ да астыммыта, утарылаһааччыларын лаппа сабырыйбыт курдук иһигэр санаммыта быһыылааҕа.

      Толя бу ыалга уонна сылдьыбатаҕа, Заночканы да сэҥээрэн ыйыталаспатаҕа. Ону баара, быстахха былдьатыыҥ кыл түгэнэ ээ… Эмиэ биир киэһэ, кулуупка сынньалаҥ кэнниттэн хантан кэлбитэ биллибэккэ эрэ, Заночка баар буолан хаалбыт этэ. Киэһэни быһа үҥкүүлээн, эккирээн сылайбыт уолаттар кыратык эбиммит утахтарыттан илистэ быһыытыйбыттара, утуйар аакка барбыттара. Ким ханна олорбутунан, дьыбааҥҥа, кириэһилэҕэ, остуолга охтубуттара. Толя киэһэни быһа хамсаабакка олорбут кириэһилэтиттэн сыҕарыйбатаҕа, оннук нухарыйбыта.

      Ол эрээри сарсыарда кини дьиэлээх табаарыһын дьонун мааны оронугар Заночка баттаҕын быыһыгар уһукта биэрбитэ. Дьалкыҥнас төбө тугу да тобулбатаҕа, туох буолбутун букатын кыайан өйдөөбөтөҕө. Бүттэхпит ол. Дыҥ курдук төбөтүн иһигэр аатыгар эрэ баар дуу, суох дуу, толкуйа туран хаалбыт, киһи туһаммат буолбут мэйиитэ чабырҕайынан тахсыах айылааҕа:

      – Толюш, Толик, мин эн этиигэр сөбүлэнэбин. Эйиэхэ кэргэн буолабын. Айа, түүнү быһа көрдөстүҥ дии, так что прими мое согласие… Хотя, понимаешь, мы уже муж и жена, раз спим в одной постели, да, милый? – Зана чуораанныы лыҥкынаабыта, көмүскэтиэх курдук көрүтэлээбитэ уолу харааччы булкуйан кэбиспитэ.

      Ити аата туохпутуй? Хайдах-хайдаҕый? Түүл ини, доҕоор? Пахай, суох, баҕарбатаҕыҥ да иһин илэтин билинэргэ тиийэҕин. Зана-Ульзана кини аттыгар илэ сытара. Муус маҥан сыгынньах түөстэрин, сөрүүкэтэр быһыыта эбитэ дуу, хара солко бырастыынанан сабыта охсо-охсо, чахчы соругун сиппит кыыстыы, кыратык да кыбыстан ымыттыбакка, тиэрэ түһэн сыппыта. Өссө үөрэр дуу, үөрэтэр дуу икки ардынан:

      – Толя, биһиги Дьокуускайга олоруохпут суоҕа, сөп? Я бы хотела в Москве или вообще… где-нибудь подальше еще… Эн устроишься в престижную компанию, үлэлиэҥ. А я куплю себе машинку экстра-класса и… буду светской


Скачать книгу