Сүрэх кистэлэҥэ. Дайыына

Сүрэх кистэлэҥэ - Дайыына


Скачать книгу
Зоя Космодемьянскаяны санаатаҕа үһү. Кинини ньиэмэстэр муҥнаабыттарын биир да ынчыга суох тулуйбутун оҕо сылдьан сөҕө-махтайа аахпыта. «Мин тулуйуом этэ дуо?» диэн үгүстүк эргитэ саныыра. Суох, тулуйуо суох буолан, саҥа таһааран ытаан, хаста да хаһыытаан ылла. Акушерка аны иһин баттаан киирэн барда…

      Һуу! Туох эрэ төлө көтөн тахсарын кытары чэпчээбит, сырдаабыт курдук буолла. Сибилигин аҕай быһа кумалаабыт ыарыыта, сымыйалаабыт курдук, сүтэн хаалла, арай, кыратык нүөлүйэн ыалдьар. Тула уу чуумпу буола түстэ. Хайа? Оҕо тоҕо ытаабатый? Быраастар тугу кэпсэтэллэр?

      Аанчык түүл-бит курдук сытан баран, тулатын дьэ дьэҥкэтик көрөн кэллэ. Оҕотун көрүөн баҕарда да, быраастар хаан-сиин буолбут кып-кыһыл оҕону таҥаска суулаан, антах илтилэр. Букунаһалларын быыһыгар сибигинэһэн кэпсэтэр саҥалара иһилиннэ:

      – Хайа бу… Урод дии… чиччик оҕо… эрэйдээх…

      Бу тыллар, бириигэбэр кэриэтэ, ийэ эрэйдээх сүрэҕэр этиҥ буолан саалыннылар. Маны сэргэ оҕо ытаан эһиэнньэхтиир саҥата иһилиннэ. «Эс, ама хайдах?! Кими этэллэрий? Сымыйа ини?! Ытыыр дии… Сымыйа буолуо!!!»

      – Покажите! Покажите мне его!!! – дьахтар хаһыытаабытынан олоро түһээт, илиитин ууммутунан сиргэ үктэниэх курдук буолла. Иһигэр уурбут муустаах грелкалара муостаҕа түһэн лиһигирээтэ. Онуоха сиэстэрэ сүүрэн кэлэн санныттан ыга баттаата.

      – Хайдах буолаҕын? Сыт, түргэнник!

      – Көрдөрүҥ диибин, көрдөрүҥ! – Аанчык бөтүөхтүү-бөтүөхтүү ытаан, устунан истиэрикэлээн барда. Кинини уоскутаары буолуо, оҕону көтөхпүт акушерка остуолга чугаһаан кэллэ.

      Аанчык, оҕотун көрөөт, хараҕа хараҥарда, кулгааҕа чуҥкунаата, ханна да барбытын билбэккэ хаалла…

* * *

      Бу кэнниттэн түүл-бит курдук икки күн ааста.

      «Оҕоҕуттан аккаастаныаххын сөп. Син биир эрэйи көрүөҥ. Оҕо дьиэтигэр ылыахтара эбэтэр инбэлииттэр дьиэлэригэр биэрэн эмтиэхтэрэ. Киһи буолбата буолуо. Өссө да эдэргин дии, оҕолонуоҥ буоллаҕа». Бу тыллар ааспакка-арахпакка төбөтүгэр эргийэллэр. Син биир аккаастаныа диэн буолуо, оҕотун киниэхэ аҕалбаттар.

      Оронугар тиэрэ түһэн, маҥан оппуохалаах дьиэ үрдүн көрө сытан, түүннэри утуйбакка, ыарахан санааларын – субурхай суһуохтарын тарыыр.

      Күнү быһа үүт хайдах киирэрин, оҕолорун хайдах аан бастаан көрбүттэрин, хайдах эмтэрбиттэрин, кэргэннэрэ хайдах үөрбүтүн, туох бэлэҕи оҥоруохтааҕын кэпсэтэн тахсар бииргэ сытар дьахталлара утуйбуттара ырааппыт. Кини диэки аһыммыт, ардыгар аһаҕастык сэтэрээбит да курдук көрдөллөр, оо, атыттар, олох атыттар, киниттэн атын-атын кытыл нөҥүө-маҥаа тураллар. Кинилэр дьоллоохтор, оттон кини – сордоох. Дьоллоох сордооҕу кытта аргыстаспат, тоҕо диэтэр, биирин дьол үөһэ өрө көтүтэр, тулатын барытын сырдатар, иккиһин сор аллара умса баттыыр, хараҕын бүөлүү түһэн, күн сырдыгын даҕаны көрдөрбөт.

      Түүн үөһүн лаппа ааһыыта туолбут ый албын сирэйэ ньалҕарыйан кэлэн, түннүгүнэн өҥөйөн көрөр. «Хайа, бу эн утуйбакка сытар эбиккин дуу?» диэбиттии ымайар, уолан хаалбыт көмүскэтин түгэҕиттэн


Скачать книгу