Сүрэх кистэлэҥэ. Дайыына
Куйаарга эҥин араас ииччэх-бааччах санаалар көтө сылдьалларыттан, сорохторун иннэлэрин төбөлөрүнэн илимнээн тутан ылара. Онон сороҕор буолуон иннинээҕини өтө көрөн билэрэ.
…Быйыл Куйаарга туох эрэ уларыйбыт. Туох эрэ иэдээн имэ биллэр курдуга. Онтон куттанан иэнэ кэдэҥнээбитигэр, сүүһүнэн чэгиэн иннэлэрэ хатан, бытарыһан түспүттэрэ… Күнтэн күн ол иэдээнэ чугаһаан иһэрин билэн, дьиппинийэн, тыҥаан турбута.
Оттон Титирик Уол онно эрэ кыһаммата. Кини улаата охсон, баҕалаах сырдыгар тиийэн, ойуур үрдүттэн тулатын көрүнүөн баҕарара. Сураҕа, ойуур хаһан да бүппэт, бардар бара турар үһү. Оттон үөһии-үөһэ кылайан көстөр сырдык, көҕөрдөр көҕөрөн, кэҥээтэр кэҥээн, букатын муҥура суох дииллэр. Оо, ол күөххэ чугаһыыра буоллар ньии! Сып-сылааһынан угуттуур, олох илгэтин бэлэхтиир Сырдык Күн уотун дуоһуйа иҥэринэрэ буоллар! Үөһэттэн, үрдүктэн ырааҕы, атыны, дьиктини көрөрө буоллар ньии! Кини билэр, сэрэйэр, иннигэр туох эрэ улахан, дьикти, ураты күүтэрин. Ол туоларын туһугар түргэнник улаата охсуохха наада. Атын мастары куотан, уһулуччу үрдүөххэ, сонуохха, чорбойуохха наада. Оччоҕо Сабарай Тиит курдук Орто дойду очумааһа, үрдүк халлаан өһүөтэ буолан, олох үтүөтүн сомсон ылыах, туох эрэ уратыны билиэх-көрүөх, дьиктини оҥоруох этэ!
Ол ыра санаата туоларын туһугар оччугуй бэйэтэ күүһэ-кыаҕа тиийэринэн сыалын чугаһата сатыахтаах, хас чаас, хас мүнүүтэ аайы күүс-уох эбиниэхтээх.
Бу олоххо сыал диэн баар – олоҕу хамсатар күүс, тугу эрэ ситиһэргэ бастакы үктэл. Ол сыалга араас ыра санаа кыттыстаҕына, туох барыта кыаллар тоҕоостоох.
Сабарай Тиит били сибикилиир, бүтэйдии куттанар түгэнэ чугаһаатар чугаһаан испитэ. Бастаан дэбигис арааран иһиллибэт туох эрэ дьикти тыас ыраахтан, мастар төбөлөрүнэн куугунаан иһиллибитэ. Онтон улам улааттар улаатан, чугаһаан испитэ. Мастар, төһө да Сабарай Тиит курдук эрдэттэн сибикилээн билбэтэллэр, туох эрэ атын, биллибэт, ону сэргэ кутталлаах иһэрин сэрэйэн, суугунаһан барбыттара. Бары ити туох тыаһа буоларын, тоҕо чугаһаан иһэрин таайа сатаабыттара. Мээнэ айдааран, устунан этиһэн барыах курдук буолбуттарыгар, Сабарай Тиит өрөөбүт уоһун өһүлэн, хоммут уоһун хоҥнорон, дьэ саҥаран барбыта:
– Мин куһаҕан битим тарпыта ыраатта… Туох эрэ атын, биллибэт күүс иһэр. Биһиэхэ ол тугунан дьааһыйыа биллибэт. Тимир чаҥырҕас тыаһын истэбин. Үчүгэйинэн ааҥнаабат быһыылаах. Биһигиттэн туох да тутулуга суох. Чэ, оҕолоор, туох сүбэ-соргу баарый, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ! Элбэх өй тугу эмэ тобулуо.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.