Сүрэх кистэлэҥэ. Дайыына

Сүрэх кистэлэҥэ - Дайыына


Скачать книгу
ханна да халбарыйыа суохтаах сиэстэрэ, бэйэтэ буруйдаах эрээри, суоһурҕанан, хаһыытаабытынан киирдэ.

      Аанчык, дьигиһис гынаат, оҕотун көтөхпүтүнэн, эргиллэ түстэ.

      – Мин… аккаастаммаппын киниттэн… Бу мин оҕом, өйдөөтүгүт?!

      «Маама топпот!»

      Бүгүн туох эрэ ураты күн. Сарсыардаттан ийэлээх аҕалара иһирдьэнэн-таһырдьанан сыбыытаһаллар. Ботур-итир кэпсэтэллэр. Иһит-хомуос лыһыгырыыр.

      Аҕалара тыһаҕастарын, Маҥаачыктарын оҕотун, тоҕо эрэ далга баайбыт. Ону улахан уол, сэттэлээх Костя таһырдьа тахса сылдьан көрдө. «Ынахтар суохтар ээ, хотоҥҥо киирбиттэр. Уу, эрэйдээҕи тоҕо баайдахтарай, тоҥуо дии…».

      Уол хаарга халтарыйан охто сыһа-сыһа, тыһаҕаска сүүрэн тиийдэ.

      – Оокко, Оокко!

      Ооккото күөх оту курдурҕаччы сии турар эбит. Төбөтүн өрө көтөҕөн «ким кэллэ» диэбиттии көрдө, үгэһинэн килиэп көрдөөн муннунан анньыалаата. Онтон «пус» гына тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, отун сиэн киирэн барда. Ити аата «килиэбэ суох» диэн өйдөөтө. Костя санаатыгар Оокко барытын өйдүүр, арай тыла эрэ суох. Эрдэттэн анаммыт уонна ааттаабыт киһи быһыытынан Костя «мин ньирэйим» диир толору бырааптаах.

* * *

      Агрофирматтан ылан аан бастаан ынахтаммыт буоланнар, Маҥаачыктара төрүүрүн өр да кэтэспиттэрэ. Биирдэ ийэлэрэ түүнү быһа утуйбатаҕа, дьиэттэн хотоҥҥо, хотонтон дьиэҕэ сыбыытаабыта. Онон туһанан оҕолор эмиэ утуйбакка, түүннэри оонньоору тэринэн, мөҕүллүбүттэрэ. Костик: «Ньирэй диэн кыра ынах. Муостааҕа буолуо дуо? Хантан кэлэрэ буолуой? Ийэтин иһиттэн хайдах тахсарый?» – диэн саныы сытан, утуйан хаалбыта.

      Сарсыарда уһуктаат, бастакы санаата «ньирэйим!» диэн этэ.

      – Маама, маа-ма, Маҥаачык төрөөбүтэ дуо?

      – Төрөөн, төрөөн. Чэ, тур. Таҥын. Аһаан баран тахсан көрөөр, – диэбитэ уутун хамматах ийэтэ. Костик кыл-мүлчү таҥна охсоот, остуолга чугаһыы да соруммакка, таһырдьа элэс гыммыта. Кэнниттэн хаһыы эрэ иһиллэн хаалбыта.

      Саас этэ. Сып-сырдык чаҕылхай күнтэн киһи хараҕа саатара. Муус-маҥан сыа хаар сымнаан, тилэххэ сыстар буолбут этэ. Кырыыһалартан дьэҥкир муус чопчулар куоталаспыт курдук номнуо таҥнары чоккураспыттар. Күн сардаҥатын тутан ылан, күөх халлааны күөннэригэр тэйитэн, муус чопчулар саас кэлбититтэн үөрэн-көтөн, кылыгыраччы күлсэр курдуктара. Салгын сыта, эчи, минньигэһин! Маннык үчүгэйгэ, ама, дьиэҕэ хаайтаран олоруоҥ дуо!

      Ыбыс-ыарахан ааны хара сорунан аһан, биирдэ им балайга баар буола түспүтэ. Хотон ньиксик сыта саба биэрбитэ. Суох, Костик куттаммат. Бүтүн биэс саастаах киһи хараҥаттан куттана сылдьыа дуо? Ханна эрэ тыастаахтык ынах тыынара, муннукка туох эрэ маҥхайара. Уол илиитин иннин диэки ууммутунан, ийэтин улахан холуоһатын ханаабаҕа хаалларан кэбиһэ сыһа-сыһа, ол диэки барбыта.

      Уп-улахан харахтаах маҥан ньирэй ырыган атахтарыгар үктэнэн салҕалыы турара. Сииктээх муннунан түбэһиэх үҥүлүйэн баран, уйуттуммакка умса баран түспүтэ. Уолчаан кыракый сүрэҕин дьикти иэйии хам туппута, бэйэтиттэн мөлтөҕү,


Скачать книгу