Сүрэх кистэлэҥэ. Дайыына

Сүрэх кистэлэҥэ - Дайыына


Скачать книгу
холуочуйан баран утуйбуттара. Ол арыгы содула буолуо дуо? Ситэ эмтэммэтэх, биллибэккэ сылдьан кэрбээн сиир инфекционнай ыарыытыттан төрүөттээх дуу? Кэргэнигэр да баар эбит этэ. Кэлин иккиэн эмтэммиттэрэ. Киниэнэ киниэнин курдук, бастакы түүнтэн ыарахан буолан, ол иннинэ холбоһор туһунан санаабакка сылдьыбыт дьон ыксалынан сыбаайбалыырга күһэллибиттэрэ. Онтулара, дьэ, бу…

      Онтон аны оҕотун хайдах ылан таһаарарын, хайдах эмтэтэрин, туох ыарахаттар күүтэллэрин тобула сатаата.

      Кэргэнин дьоно көмөлөһүөхтэрэ суоҕа, ол чахчы. Ону ааһан, туора көрүү, кынчарыйыы, киһи кэннигэр хобугунаһыы, саҥарсыы баар буолуо. Хотуна кинини уолугар тэҥнээбэтин билэр. Аан бастааҥҥыттан тоҕо эрэ сөбүлээбэтэх сурахтааҕа. Баҕар, уолуттан түөрт сыл аҕатын иһин буолуо? Бэйэтэ бас билэр дьиэтэ-уота суох диэн дуу?! Дьиҥэр, икки үрдүк үөрэхтээх, киһи мыыммат үлэлээх, эр дьон уулуссаҕа эргиллэн көрөр, хоп курдук дьахтар эбээт кини… Билэр дьонун ортотугар эмиэ хобугунаһыы, аһыммыта буолуу, үөрбүт курдук сонун оҥостон атын дьоҥҥо кэпсээһин, ырытыһыы саҕаланыа… Оҕону дьоҥҥо көрдөрөр да кыбыстыылаах, дьэ иэдээн.

      Араас санааларга баттатан, тулуйан-тэһийэн сытыа суох буолан, оронун куруһуунатын кыычырҕаппакка гына сатыы-сатыы, ыараханнык тайанан турда. Палаататыгар өссө үс дьахтар сытар. Көрүдүөр уотун умуруорбуттар, түгэххэ биир эрэ лаампа симик уота кыламныыр. Ол диэки дьуһуурунай сиэстэрэлэр баар буолуохтара. Кини эргиллэн, уота суох, хараҥа түгэх диэки хааман салбырдаата. Түннүккэ тиийэн, утуйбут куораты үөһэттэн одуулуу турда.

      Чаҕылыҥнас уоттар, харах ыларынан, ыраахха диэри киирэн бара тураллар. Кымырдаҕас уйатын курдук кыараҕас дьиэлэргэ араас да дьылҕалаах, олохтоох дьон утуйа сыттахтара. Дьол даҕаны, сор даҕаны, быстахха былдьаныы, харчыга харбыалаһыы, бэйэ күүһүнэн олоҕу оҥостуу – барыта баар эбээт дьоллоох аатырбыт Дьокуускай куоракка!

      Ол онтон биир сордоох олох киниэхэ тигистэҕэ. Баар буолуо дуо кини инники олоҕор дьол кыыма? Таҥара кинини тоҕо маннык накаастаата?! Туох буруйун иһин?..

      Ыар санаалары тулуйар кыаҕыттан тахсан, Аанчык бопторон ытыы турда. Тымныы түннүккэ соҕотох дьахтар күлүгэ харааран көһүннэ.

* * *

      Сарсыныгар Аанчык, тулуйбакка, оҕолор ытаан бэбээрэр хосторугар барда. Аһыыр кэмнэрэ буолбут быһыылаах, уонунан куолас эһээхэйдиир. Истэргэ минньигэһэ сүрдээх! Дьахтар кытааппыт, нүөлүйэн ыалдьар эмиийдэрэ эмиэ тэстэн, үүтэ халаатын өтөн тахсан, хатыччы хаппыт тумугун устун аллара сүүрдэ. Ону хайыай, курун ыга тардынан баран, атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, палаата аанын диэки үөмтэ.

      Хата, дьуһуурунай сиэстэрэ суох эбит. Сып-сырдык, кэҥэс соҕус хоско өстүөкүлэ курдук дьэҥкир оҕо уйалара кэчигирэспиттэр. Олорго ыгыччы сууламмыт оҕолор эрэйдээхтэр кытара-кытара ытаан бэбээрэ сытаахтыыллар. Мөхсө сатыыллар даҕаны туһа суох, сууламмыттара кытаанаҕа бэрт буоллаҕа.

      Аанчык сэрэниин-сэрэнэн, атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, мэктиэтигэр тыыммакка даҕаны, бэтэрээ баһыттан оҕолору кэрийэ барда. Оо, араас да оҕолор


Скачать книгу