Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов

Таптыыбын… Шёпот сердца… - Коллектив авторов


Скачать книгу
хаhан да эн олоххун аймыа суох буолан тылбын биэрбитим, онтубун дьэ бу кэhэн эрдэҕим… Ол күн сарсыҥҥытыгар үлэбэр тиийэн, кэргэниҥ карточкатын булан, аадырыскытын, ааккытын-суолгутун сурунан ылбытым, бу буоларбын билбит курдук. Петя, быраhаай! Хом санаама! Оҕобутун харыстаа, эрэнэбин, соҕотохтуу хаалларыма, тулаайахсытыма!

      Маайыс»

      Бүөтүр ыган кэлбит хараҕын уутун кыатаммата, сүрэҕин имэриммэхтээтэ:

      – Кэл эрэ, доҕор, бу диэки… Атаҕым уйбат курдук, – диэтэ.

      Дьулус аҕатыгар чугаhаан, икки илиититтэн ылла, иннигэр тобуктаан, уу-хаар баспыт харахтарын кистии-саба, төбөтүн аҕатын ньилбэгэр уурда уонна иhиллэр-иhиллибэттик: «Аҕаа, дорообо», – диэтэ. Аҕата уолун төбөтүттэн сыллаан ылла, түөһүгэр ыга тутта…

      Күн киирэн, сөрүүдүйдэ. Верка сибиитэрэтэ суох тахсааччы буолан, тоҥо быһыытыйан, тута дьиэтигэр төннөргө сананна. Дьонум утуйбуттара буолуо диэн, олбуор аанын тыаhа суох сабан, сэмээр үктэнэн, тэпилииссэ аттынан ааhан иhэн, хараҕын кырыытынан ийэтэ олорорун көрөн, соhуйда, хаhыытаан иhэн айаҕын саба тутунна.

      Ийэтэ саппаҕырбыт сирэйин көрөн, били мааҕыын кэлбит уолу өйдөөн кэллэ. «Туох абааhы уола кэлэн, дьоммун үрүө-тараа тутта», – дии санаата.

      Ийэтэ саал былаатын ылан кыыhын санныгар бырахта уонна:

      – Вера, эн биhикки эмиэ биэрэк диэки хаамсан кэлиэх эрэ, – диэтэ.

      – Оттон сарсын эрдэ дьэдьэннии барыах буолбуппут дии? – Вера өсөһө барбата, ийэтин батыста.

      – Дьэдьэннии даа, чэ, ол хааллыын-хааллын! – ийэтэ кыыhын санныттан кууhан, иккиэн биэрэк диэки хаамса турдулар. Биэрэккэ тиийбиттэрэ – ким да суох. Арай сөрүүн тыал эрэ илгийэр.

      – Хата, ким да суох эбит! Вера, манна олоро түhүөх… онно кэпсэтэллэр… Эн биhикки эмиэ кэпсэтиэх…

      – Ийээ, туох буоллуҥ? Күн аайы кэпсэтэр курдукпут дии! Уонна ити туох уола кэллэ, вообще-то?

      – Ити мээнэ уол буолбатах, тоойуом… Аҕаҥ уола быhыылаах. Умса уур, тиэрэ уур, отой аҕаҥ мэтириэтэ дии… Хаhан эрэ син биир маннык буолуохтааҕа…

      – Хайдах, ол аҕам атын кэргэннээх этэ дуо? Туох буолуохтааҕай?

      – Кэргэннээх эрэ, кэргэнэ суох эрэ, хайа эрэ Маайыс баара… Оннооҕор утуйа сытан, ханнык эрэ Маайыhы ыҥыран тахсаахтыыра.

      – Оттон… Ханнык Маайыhы ыҥыран тахсаҕын диэн ыйытыаххын? Эбэтэр эбэттэн сураһыаххын?

      – Оннук ыйытар бырааптаах үһүбүн дуо, чыычаах? Барыта оннук чэпчэки буолбат… Вера-а, эн эмиэ улааттыҥ, эн эмиэ биири билиэхтээххин… Бүөтүр эн аҕаҥ буолбатах…

      – Туох даа? Онтон Васильева Вера Петровна диэн мин буолбатахпын дуо?

      – Мин эмиэ хаhан эрэ эн курдук эдэр, акаарычаан этим. Ийэтэ, аҕата суох киhи баhым ханна саллайарынан сылдьарым. Оскуоланы бүтэрээт, тута куораты булбутум. Дьиҥэр, үөрэхпэр куhаҕана суоҕум, үөрэххэ чэпчэтиилээх да киирэр кыах баара. Оннук өй угар киhи суоҕа. Тыа оҕотун куорат көр-нар олоҕо иилэ тардан ылбыта. Барыта бырааhынньык курдуга. Үс сайыны быhа көрүлээhин… Саша диэн куорат уола


Скачать книгу