Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов
Сэргэлээх 12-с куорпуһун 416-с хоһун аһаҕас түннүгүн нөҥүө Михаил Семёнов кэрэ кыыс туһунан ырыата иһиллэр. Бу хос үс хаһаайыныттан биирдэстэрэ, иккиc куурус устудьуона Мичил Харахутов, атыннык Миичик, тугу да гынара суоҕуттан уонна эксээмэнэ чугаһаан, наада дии санаан, оронугар сэбиэскэй былаас, автономия Саха сиригэр олохтонуутун туһунан параграбы арыйан, кинигэ аахпыта буола сытта. Ойуунускай, Аммосов, Барахов, Аржаков курдук чулуу дьон мэтириэттэрин сыныйан көрдө. Онтон дьэ, общественнай-политическай олохторун сырдатар сирэйи арыйан, ааҕа сатаата. Ол эрээри кулгааҕар туора санаа киирэ турар. Тугу ааҕарын улаханнык өйдөөбөт. Өйдөппөттөр да диэххэ сөп. Ол төрүөтүнэн хоһугар бииргэ олорор уолаттарын уочараттаах мөккүөрэ буолла. Лаппычах уҥуохтаах, кэтит сарыннаах Коля Никитин хара бараан сирэйин мылата-мылата, түннүгү сэгэтэн, табахтаан бусхатар. Табахтыырын быыһыгар Кэбээйи соботун туһунан күүстээх тылларынан дакаастаан тугу эрэ кэпсээн үллэҥнэтэр. Киниэхэ кыһыллыҥы маҥан, уһун синньигэс Амма уола Бүөккэ Ракитин кыттыһар. Кэнникинэн дьоно үлүһүйэн, аны кыыс тиэмэтигэр тиийдилэр. Коля саамай кырасыабай кыргыттар Өлүөхүмэҕэ, оттон Бүөккэ Аммаҕа бааллар диэн буолла. Миичик кинигэ ааҕарын тохтоторго күһэлиннэ.
– Эһиги бүтэҕит дуу, суох дуу? Ааҕан да диэн, барыта эһиги айдааҥҥыт. Дьаабы дьоҥҥут дии, дьэ. Ханна баҕарар кэрэ кыыс элбэх. Баҕа баҕатын, чоху чохутун син биир хайгыыр.
– Эс, даа, оттон Өлүөхүмэҕэ бааһынай кыыс син биир элбэх. Сымыйанан мөккүспэтин. Амма «бааһынайдарын» да билиллэр. 205-с хос кыргыттара диэ, хата, хап-хара барабыай курдук «бааһынайдары» этэр, – Коля кыайбыт киһилии туттан, табахтаан бүтэн, орон үөһээҥҥи дьаарыһыгар ытынна.
– Эс, уопсайынан диэн этэбин ээ мин. Ити 205-с хос кыргыттара быраабылаттан туораабыт дьон буоллахтара. Аммаҕа бааһынай кыыс син биир элбэх. Дойдум дьонун эйигиннээҕэр мин ордук билэр инибин. Нууччалар биһиэхэ 17-с үйэттэн олохсуйан, оҕо-уруу төрөтөн олороллор. Киһи барыта ону билэр. Арай эн, инникитин историк ааттаах, билбэккин. Сааппаккын даҕаны. Сайдыыҥ, билииҥ таһыма намыһаҕа итинтэн да көстөр. Уһун муннуҥ эрэ аннын көрө сырыттаҕыҥ.
Коля иннин биэрэр санаата суох:
– Өлүөхүмэҕэ аан бастаан нууччалар кэлбиттэрэ, ону баара.
– Эс, Аммаҕа. Өлүөхүмэҕэ арыый хойут ини…
Миичик соччо солуута суох мөккүөртэн салҕан барда. Уолаттара мөккүстэллэр эрэ хайалара да, кимиэхэ да иннин биэрбэттэрин бэркэ диэн билэр. Ол иһин тыҥааһыннаах боппуруос дириҥии илигинэ тохтоторго сананна.
– Даа, табаарыстар (тоҕо эрэ уолаттарыгар тугу эмэ ордук тоһоҕолоон этээри гыннаҕына бу курдук ыҥырар), мөккүһэн бүттүбүт. Билигин иккиэн түннүк диэки чугаһаатыбыт эрэ. Биһиги түннүкпүт аннынан хас күн аайы сүүһүнэн кыыс ааһар. Оннук?
– Буоллун даҕаны… – уолаттар туох эрэ көрүдьүөс буолаары гыммытын сэрэйэн, сирэйдэрэ-харахтара туран, дьээбэлээхтик мүчүҥнэстилэр.
– Таак, – Миичик боччумурбута сүрдээх. – Билигин түннүкпүтүн күүскэ нэлэччи арыйабыт. Бары аллара