Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов

Таптыыбын… Шёпот сердца… - Коллектив авторов


Скачать книгу
буолабын диэн. Эйигиттэн аккаастанан, эмиэ атах балай барарбын саныы сыттахпына, Бүөтүр киирэн кэлбитэ. Ийэтэ мин туспунан барытын кэпсээбит быhыылааҕа. Илиибин ылан ыга туппута уонна биир-биэс тыла суох биhиэхэ тахсаҕын диэбитэ, барытын тэрийэн, кыра малбын-салбын тиэйэн таhаарбыта. Бастаан дьиэс-куос туттар этим, онтон сыыйа үөрэнэн, дьиэлэhэн, ыаллаhан барбытым…

      Биир түүн туран Бүөтүр хоhугар бэйэм киирбитим. Эдэргин, толкуйдан диэбитин сөбүлэспэтэҕим. Эн аҕаламмытыҥ, мин кэргэннэммитим… бүгүҥҥээҥҥэ диэри…

      – Уой, маама, эн бачча өр хайдах кэпсээбэккэ сылдьыбыккыный? Уонна аҕам хайдах миэнэ буолуо суоҕай? Кини миэнэ! Ол уол былдьаhаары гынар дуо? Суох, биhиги паапабытын биэрбэппит. Барыах, ийээ, аахсыахха!

      – Вера, уоскуй! Бачча тухары үтүөнү эрэ оҥорбут дьоҥҥо туох диэн мэhэйдиэхпитий? Туораан эрэ биэрэр буоллахпыт дии…

      – Кэтириис, Кээтии, ханна бааргыны-ый? Кэл! Кэлэ оҕус! – чугас Бүөтүр хаhыыта дуораhыйда.

      Кэтириис кыыhын кытта киниэхэ утары сүүрдүлэр. Бүөтүр, аҕылыырын кыатана-кыатана, кэлэн иккиэннэрин кууhан ылла, эргилиннэрэ тардаат, дьиэлэрин диэки дэллэриттэ уонна кирилиэскэ күүтэн турар Дьулуска:

      – Көр, Дьулус, бу ийэбит Кэтириис, оттон бу балтыҥ Вера, саамай атаахпыт диэн буолар. Билсиҥ, – диэтэ. Дьахталлар, ытаhа түһээт, куустуhа түстүлэр.

      – Оо, бу да дьон, ардах суоҕар ардаҕы аҕалан! – дии-дии биир-биир харахтарын уутун сотон, Бүөтүр иккиэннэрин сыллаан-уураан, дьиэлэригэр киирдилэр.

      Били утуйа сытар диэбит эбэлэрэ, хата, кириэhилэҕэ бу чөмчөйөн олорор:

      – Хайа, түүнү быhа сырсыакалаhаҥҥыт турбутунан уол оҕолоннугут дуу? – диэн күллэртээтэ.

      – Аҕыйах ыйынан баҕар үһүстэниэхпит даҕаны, – диэн саайда ийэлэрэ.

      – Кырдьык даҕаны? – Бүөтүр кэлэн Кэтирииґин кууhан, сымнаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылла.

      – Бэрт дии бэлэм ньээҥкэ баар, – Дьулус аны кыттыста.

      – Үчүгэйэ бэрт дии, мин эрэ ньээҥкэлээбэппин, бары уочараттыахпыт буо, – Вера бэрээдэги олохтоото.

      – Тыый, бу дьон биир түүн иhигэр хас уолланаары гынныгыт? Утуйуҥ! Киhини утутуҥ! – эбэлэрэ, сыттыгын кыбынан, хоhугар дьөгдьөрүйдэ.

      – Дьулуска бүгүн бакаа мансаардаҕа оронно оҥоруохха, сарсын быыс быhан, туспа хос оҥоруохпут, – Кэтириис быhаарда.

      – Мансаардаҕа кумаар сүгүннүө суоҕа. Убайдаммыт үөрүүбэр бэйэм ороммун туран биэрэрим дуу, биир эрэ күҥҥэ. Эбээ, бүгүн миигин дьукаах киллэр эрэ-э! – Вера атаахтаабыт куолаhа эбэтигэр тиийдэ.

      – Сыччыый, киир-киир, бииргэ утуйбатах да ыраатта, хобугунаhа түhүөхпүт.

      – Сэкириэттэhэ диэ, – Вера, малын-салын хомунан, эбэтин хоhугар дьылыс гынна.

      – Чэ, чыычаах, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, киирэн утуй, – диэн Кэтириистээх аны Дьулус миэстэтин буллардылар уонна иккиэн, саҥардыы көрсүбүт дьон курдук, ыгыта куустуhан, уохтаахтык уураhан ыллылар уонна бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник мичээрдэспитинэн хосторун аанын саптан, иһирдьэ дьылыс гынан


Скачать книгу