Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов

Таптыыбын… Шёпот сердца… - Коллектив авторов


Скачать книгу
Бүөккэ табаҕын үрдүгэр түһэр.

      Миичик кыргыттары сайыспыттыы батыһыннара көрөн хаалла. Онтон табах сытын ылан, уолаттарын диэки эргиллэн:

      – Дьаабы да дьоҥҥут. Табах буортутун миигиннээҕэр ордук билэҕит да, син биир табахтыыгыт…

      – Миичик, бүт эрэ, эмиэ үөрэтэн эрэҕин дуо? Эн курдук биһиги спортсмен буолбатахпыт уонна …

      Уолаттар үһүөн ах бардылар. Миичик санаатыгар олох тэтимэ эмискэ тохтуурга дылы гынна. Остуоруйа кэрэчээнэтэ, олоҥхобут куота диэн, арааһа, бу иһэр буоллаҕа. Кини хаһан да маннык кэрэ кыыһы бу Орто дойдуга төрөөн баран, көрө илик эбит. Кыыс киһи соһуйуох, ып-ыраас, муус маҥан ньуурдаах сирэйдээх, ыйаастыгас соҕус эрээри саһархайдыҥы харахтаах, уулаах дьэдьэн уостаах, уһун синньигэс курбуу быһыылаах.

      – Эс, маннык кэрэ кыргыттар бу сиргэ төрүүллэр эбит дуу? Дьэ, мөккүөр быһаарыллар буолла, – Коля сибигинэйэ былаастаан саҥа аллайбытыттан бары «өйдөнөн» кэллилэр.

      Эмискэ алларанан иһээччилэр уолаттар саҥаларыттан биитэр бэйэлэрэ тугу эрэ кэпсэтэ иһэллэриттэн эбитэ дуу, күлэн саһыгырастылар. Сааскы сылаас күн уота кинилэр оҕолуу ыраас сирэйдэрин, хаһан да сүтүө суох айылаах көмүс солотуунан дуйдаабыттыы, сандаарыччы сырдаппыта көрүөххэ ордук кэрэ этэ. Икки кыыс сэрэнэ былаастаан, тоҕо эрэ тохтоон үөһээҥҥи түннүк диэри хантайа одууластылар.

      – Ээй, үс саарбах соҕус дьон түннүккэ мылаҥныы олорор эбит дуу, үөдэн, сэрэниҥ эрэ, халтархай буолуо, сууллан хаалаайаххытый? Аны искитин хайа түһүөххүт, сэрэниҥ! – кыра кыыс күлэ-күлэ хорсуннук чобуорхайар.

      – Ок, кыргыттаар, биһиэхэ көстө сатыыгыт дуу, тугуй? Тоҕо төннөн иһэҕит, биһиги түннүкпүт анныгар туоххутун умуннугут? – Бүөккэ хаһыытыы былаастаан ыйыталаһааччы буолла.

      – Кинигэлэрбитин төнүннэрээри УЛК бибилэтиэкэтигэр баран испиппит да, хатанан хаалбыт, эһиэхэ эрэ наадыйбаппыт. Хата эһиги туоххутун сүтэрэн олороҕут? – кыра кыыстара хап-сабар кинилэртэн хардары ыйыталаһар.

      – Эн наһаа дакылааттаама эрэ, билбэт уолаттаргар. Бүт, кэпсэтимэ-хайаама, хааман ис, хас саҥарбыт киһи аайы эппиэттээн иһимэ, – уһун кыыһа дьүөгэтин сөбүлээбэтэхтии холус соҕустук тардыалаһар.

      – Оттон тугу баарыҥҥыттан мыҥыы-мыҥыы күнү-күннүктээн олороллоруй? Мин эмиэ билиэхпин баҕарабын. Улахан эбит, – биирэ өһүргэннэ.

      Уһун кэрэ кыыс уолаттары кытта кэпсэтэр санаата суоҕун биллэрэн, иэдэс биэрэрдии түҥнэри хайыһан турда.

      – Кыра кыыс, бырастыы гын. Ол гынан баран ити уһунуҥ ханнык улуустан сылдьарый? – боппуруоһу түргэнник быһаараары Коля өрүсүһэ соҕус ыйытар.

      – Хас бастакы билбэт киһибэр эппиэт биэрэр санаа да, баҕа да суох, – чахчы уол болҕомтотун билбит кырасаабысса бытааннык сыыйан, улахамсыйбыттыы саҥаран унаарытта.

      – Ээ, оттон биһиги хайа улуус саамай кырасыабай кыыстааҕын быһаарабыт ээ, – Бүөккэ, түннүктэн түөс аҥаара быган туран, буруйдаммыттыы сэрэнэн-сэппэнэн хардарар.

      – Оччотугар Чу-рап-чыт-тан. Өйдөөтүгүт? Биһиги иккиэн чурапчыларбыт, – кэрэ кыыс мөккүөрү түргэнник


Скачать книгу