Көһөрүллүү. Василий Гоголев-Уйулҕан

Көһөрүллүү - Василий Гоголев-Уйулҕан


Скачать книгу
араадьыйатын дириэктэрэ Тарас Лукич Тарасовы көрсөн, бу кэнники сылларга үлэм син иннин диэки хамсаабыта. Кини убайын Иван Лукич Тарасовы, көһөрүллүү тыыннаах кыттыылааҕын көрсөн, кэпсэтэн, кини ахтыыларын, кэпсээннэрин бэлиэтэммитим. Уонна дьэ бу холонон көрдүм. Араас ахтыыларга олоҕуран биир саха ыалын дьылҕатын суруйдум. Бэйэм ити кэпсиир сирбэр бииригэр да сылдьыбатаҕым, көрбөтөҕүм. Онон туох эмэ сыыһа баар буоллаҕына, өйдөөн, баалаабаккытыгар көрдөһөбүн.

      Мин бу үлэҕэ саха норуотун сэрии сылларынааҕы алдьархайын ыарахаттарыттан булгуруйбакка, кырдьыктара кыайбыт Чурапчы чулуу дьонугар сүгүрүйэн туран ылыстым. Араас докумуоннары, ахтыылары, суруналыыс Т. Кардашевскай «Ыар сүтүктээх суолларынан», суруйааччы И.Е. Федосеев-Доосо хомуйан оҥорбут «Чурапчы алдьархайа» кинигэлэрин, ону тэҥэ «Литовцы у Ледовитого океана» диэн хомуурунньугу туһанным.

      Дьон-сэргэ, ыччаттарбыт история ис дьиҥин билиэхтээхтэр, ааспыты сыаналыахтаахтар, харыстыахтаахтар диэн ыра санаалаах айымньым аан тылын түмүктүүбүн.

      Ааптар

      Бастакы чааһа

      Мас ат

      Каунас арҕаа сайдыылаах дойдулары кытары ыксалаһа сытар Литва биир улахан куората. Үөһэ халлааҥҥа харбаспыт очуостар үөрбэлэригэр майгынныыр килэйбит-халайбыт дьиэлэр быыстарынан, сыыйыта тардан кэбиспит курдук ыраас уулуссаларынан, араас дьэрэкээн өҥнөрүнэн оонньуу, быыстала суох массыыналар элэгэлдьиһэллэр. Уулусса икки өттүнэн аата-ахсаана биллибэт үгүс дьон халҕаһалыы анньан аалыҥнаһаллар. Улахан куорат биир кэм өрө ньиргийэн олорор.

      Ньукуус алта уонун аастар да бэйэтин сааһыгар сэнэх көрүҥнээх. Дэлэҕэ да бачча ыраах дойдунан тэлэһийиэ дуо. Улахан уола Дьөгүөссэ, министиэристибэ салайааччыта, аҕатыгар «алта уон биэс сааскын туоларгынан» диэн путевка булан биэрбитэ. Онон, дьэ, төрөөбүт төрүт нэһилиэгиттэн Хайахсытыттан тэйэн, бу кый ыраах, хаһан да харахтаабатах дойдутугар туристическай бөлөҕү кытары үктэннэҕэ.

      Хатыҥ чараҥынан симэммит алаастардаах Чурапчы чуумпу нэһилиэгиттэн кэлбит киһиэхэ, аарыма куорат биир күрүс куугунуур тыаһа, үөрүйэҕэ суох кырдьаҕас киһи төбөтүн куу-хаа гыныах курдук.

      Хата, бүгүн куорат таһыгар бэрт чуумпу, аһаҕас халлаан аннынааҕы музей-пааркаҕа оптуобуһунан экскурсияҕа илтилэр. Биир хоройбут курбуу курдук уһун уолчаан нууччалыы олуттаҕастык Литва норуотун историятын кэпсии, көрдөрө истэ. Онтон Ньукууһу кытары кэлбит хас да саха дьонун диэки бэрт истиҥник көрөн ылаат: «Эһиэхэ, саха дьонугар, биир улахан сюрпризтаахпын», – диэт, биир кэҥэс ырааһыйаҕа сирдээн илтэ. Арай Ньукуустаах иннилэригэр күп-күөх сибэккилээх ырааһыйаҕа саха балаҕана, аана аhыллан, турар эбит. Ону көрөн, соһуйбут туристарга хайыһан, уол:

      – Аҕа Дойдуну көмүскүүр улуу сэрии сылларыгар литовецтары, Рокшинскай, Каунасскай уонна да элбэх оройуоннартан депортациялаан, ыраах хоту балык булдугар көскө ыыппыттара. Онно кинилэри үлүйэр өлүүттэн саха дьоно, балаҕан туттарга үөрэтэн, көмөлөһөн быыһаабыттар. Ол махталын бэлиэтин, дьон-сэргэ көрдүн-иһиттин диэн, бу өйдөбүнньүк памятнигы


Скачать книгу