Көһөрүллүү. Василий Гоголев-Уйулҕан
кэннигэр Күөрэгэй Сүөдэрин, оо, хаһан да ыыппатарбын диэбиттии, ыксары кууһан сытар.
– Сүөдэр, биһиги хайдах буолабыт? Лөгөнтөй быйыл сайын өссө улахан кураан сатыылыа диир. Эн сарсын аармыйаҕа бараҕын, сэгэриэм, туох-туох буолар, – оргууй хараҕын уута халыйан кэлбитин Сүөдэр сэрэнэн сото-сото:
– Күөрэгэй, доҕоччуок, дойдубун, дьоммун көмүскүүр ытык иэһим буоллаҕа дии. Көрөөр, сотору эргиллэн кэлиэҕим, дьоллоохтук олоруохпут, оҕо бөҕөтүн төрөтүөхпүт. Биһиги да алааспытыгар өҥ дьыллар кэлиэхтэрэ, – Сүөдэр Күөрэгэйин сүр сымнаҕастык кууһан, уураан ылла. Күөрэгэй арыый уоскуйа быһыытыйан, сэгэрин кулгааҕар сыста түһэн:
– Доҕоор, ыл, бигээн көр эрэ, эн уураабыккар хайдах эрэ бэрт дьиктитик мөхсөн ылла, аҕатын саҥатын истээхтиир быһыылаах, – диэн сипсийдэ. Онуоха Сүөдэр күүстээх үлэттэн чэрдийбит модьу ытыһынан Күөрэгэйин иһин оргууй имэрийэн көрдө, онтон истиҥник мичээрдээт:
– Тыый, хамсыыр дии. Күөрэгэй, олох харыстана сырыт, тоҥоойоххунуй-хатаайаххыный. Этэҥҥэ буолар ини.
– Сэгэриэм, эн эрэ этэҥҥэ буол, сураҕа олус сүрдээх, суостаах сэрии дииллэр дии. Биһиги, манна тыылга хаалар дьон, этэҥҥэ буолуохпут…
Тапталлаахтар түлэй бараан, арахсар бүтэһик хараастыылаах түүннэрин аймаабакка, харыстаан, кэлэри, кэрэни эрэ ыралана, хойукка диэри ботур-ботур кэпсэтэ сыппыттара.
Оттон Туллук Сүөдэр бэлэхтээбит атын бобо кууһан сытан, тугу эрэ, оҕо саас дьоллоох түгэннэрин түүлүгэр көрөн, минньигэстик мичээрдээн, саҥа таһааран күлэн ылан баран, салгыы утуйан, муннун тыаһа буккураабытынан барбыта.
Ыам ыйын 15 күнэ үүммүтэ. Үөһэ күн уотуттан кубарыйбыт былаахтаах холкуос кэнсилээрийэтин дьиэтин иннигэр дьон-сэргэ атаарыы миитинигэр мустубуттара. Бүгүн Хайахсыт нэһилиэгин тоҕус чулуу ыччаттара иккис хомуурга бэбиэскэ тутан, арҕаа фроҥҥа аттанаары, ботуоҥкаларын сүгэн, стройдаан тураллар. Бары лиҥкинэһэн, талбыт курдук күөгэйэр күннэригэр сылдьар туруу эр бэртэрэ. Кинилэр дьиппиэрбит сирэйдэригэр булгуруйбат кытаанах санаа көстөрө. Нэһилиэк олохтоохторо саха дьонун сиэринэн ыччаттарын харыстаан, аһара аймаммакка, кыана туттан турбуттара. Оройуонтан тахсыбыт байыаннай таҥастаах киһи уонна нэһилиэк бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Бөтүрүөбүс мустан турар дьоҥҥо сэрии тыҥааһыннаах сводкатыттан иһитиннэрии оҥордулар. Онтон байыаннай таҥастаах киһи эмискэ: «Равняйс! Смирно!» – диэн хамаандалаан сатарытта уонна полевой суумкатыттан испииһэги таһааран, биир-биир ааттаталаан субурутта:
– Илларионов Николай!
– Баарбын!
– Марков Илья!
– Баарбын!
– Софронов Дмитрий!
– Баарбын!
– Решетников Егор!
– Баарбын!
– Кондратьев Николай!
– Баарбын!
– Прокопьев Федот!
– Баарбын!
– Барашков Василий!
– Баарбын!
– Протодьяконов Федор!
– Баарбын!
– Флегонтов