Көһөрүллүү. Василий Гоголев-Уйулҕан

Көһөрүллүү - Василий Гоголев-Уйулҕан


Скачать книгу
түөрт уон биир диэ! – диэн көбүөлээтэ сөҥ куолас уонна кэпсэтии бүппүтүн туоһулаан туруупка тыаһа халыр гынаат, биир кэм «туук-туук» тыаһаата. Онно эрэ өйдөнөн, мүччү тутуом диэбиттии, ыга тутан турбут туруупкатын ылан төлөпүөн үрдүгэр талыр гына бырахта. Бөппүрүөскэтин ылан, айаҕар уобаат, испиискэтин көрдөөн сиэптэрин хасыһан хачыгырайда.

      Истиэнэҕэ ыйаммыт төгүрүк хара араадьыйаҕа диктор куолаһа уоттаах сэрии хаамыытын туhунан сводканы билиһиннэрдэ. Маннык иһитиннэриилэр дөрүн-дөрүн оҥоһулла турар буоланнар, оччотооҕу кэм тыҥааһынын өссө кытаатыннаран биэрэллэрэ.

      – Атырдах ыйын 11 күнэ үүммүтэ. Обком мунньахтыыр саалатыгар бюро чилиэннэрэ аа-дьуо мустан барбыттара. Сотору бары оннуларын булан олорбуттара. Мунньаҕы партия Обкомун холкуостары көһөрөр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Сир наркома Алешин арыйбыта. Кини көрүллүөхтээх боппуруостар бэбиэскэлэрин билиһиннэрбитэ. Мунньах сэкирэтээрин кичэйэн суруйар бөрүөтүн тыаһа ыраас кумааҕыга сурдурҕаабытынан барбыта.

      «Протокол № 213. Заседание бюро Якутского Обкома ВКП(б).

      От 11 августа 1942 года…»

      Обком үрдүк өһүөлээх саалатын ыарахан аана лиһигир гына сабыллан, киэҥ уораҕайыгар туох эрэ сүдү содуллаах боппуруоһу кистиирдии ньим барбыта.

      Көһөрүүнү тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Алешин, бюро чилиэннэрэ Бурҕааhайап, Бастаахап кэннэ уонча киhи уонна Чурапчы оройуонун салалтатыттан састааптаах делегация мунньахтарын саҕалаабыттара.

      Бурҕааһайап кыһыл бүлүүс сабыылаах остуолга нүһэрдик сабыччы көрөн олорон, мунньаҕы салгыы ыытан испитэ. Биир аҕамсыйбыт киһи уоттаах сэрии сводкатын билиһиннэрбитэ. Кэнники үүммүт кэккэ кураан сылларга Чурапчы оройуонун холкуостарын туруктарын туһунан уонна ону туоратарга иһитиннэрии оҥоһуллубута.

      Бурҕааһайап тор курдук хара бытыгын имэринэн, олоппоһуттан орҕостон туран кэлбитэ, Алешин диэки ньылбаархайдык тоҥхох гынаат, хоруомабай хаачыгырас саппыкытынан лиһиргэхтээн тиийэн, багдаллыбыт сүүнэ бэйэлээх трибунаттан ылыннарыылаах сөҥ куолаһынан саҥаран лиҥкинэтэн барбыта:

      – Сибиир уонна Дальнай Восток өрүстэригэр балыгы бултааhыны сайыннарар туhунан Партия Киин Комитетын уонна Советскай Союз Правительствотын уурааҕа таҕыста. Партия уобаластааҕы комитета бу уурааҕы бүгүҥҥү бюроҕа дьүүллэһэн, олоххо киллэрэр дьаһаллары ылыныах кэриҥнээхпит. Фашистскай Германия халабырдьыттара сэриинэн саба түспүттэрэ иккис сыла. Бүтүн сэбиэскэй норуот үрдүнэн ыарахан тыын сабардаата. Арҕаа фроҥҥа биһиги биир дойдулаахтарбыт улуу нуучча норуотун кытта Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр олохторун толук ууран туран хорсуннук кыргыһаллар. Сэбиэскэй норуот уонна уобалас үрдүнэн үөскээбит уустук балаһыанньаны сөптөөхтүк сыаналыах тустаахпыт, – диэн баран, чочумча тохтоон, Чурапчыттан кэлбит делегация диэки кытаанахтык көрөн баран, – Чурапчы оройуонун 41 холкуоhун хоту, Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ оройуоннарыгар, балык булдугар трудовой фроҥҥа үлэ күүhүн быhыытынан туhанарга көhөрөбүт. Онон көһөрүүнү тэрийэргэ уталытыллыбат маннык


Скачать книгу