Көһөрүллүү. Василий Гоголев-Уйулҕан
align="center">
Уот
Бэс ыйын саҥата үүммүтэ. Олох бэйэтин хаамыытынан салҕанан, устан испитэ. Кураан дьыл сатыылаан, сотору-сотору улахан уот турара. Инньэ гынан холкуостаахтар кыанар өттүлэрэ уонна улахан оҕолор ойуурга тахсан уоту умуруорууга сыралара-сылбалара баранара. Киэһэ хойут дэлби таҥастара хоруо, күл буолан, таныылара, бэлэстэрэ уот аһыйан төннөллөрө. Күн ыыс-быдаан буруо быыһынан кып-кыһыл төгүрүк тэриэлкэ курдук буолан көстөрө.
Биир оннук күн Ньукуустаах хас да буолан Улахан өтөх сиһигэр турбут уоту умуруорар сорудахтаах айаннарыгар туруннулар. Күнүскү омурҕан саҕана ыыс-быдаан буруо, уот суоһа күҥкүйэн онто да суох куйаас күнү өссө ититэн, суостаахтык куугунуу, таһыргыы көрүстэ. Уот, кыһыл моҕой үөн курдук, тииттэргэ өрө эриллэҥнээн, хара хоруоҕа кубулутан, чачыгырыы күлэргэ-үөрэргэ дылыта. Ньукуустаах уоту күөйэ, аҕыйах мастаах сирдэри талан, ханааба хаһан, титириктэри охтортоон, тиритэ-хорута сырыттылар. Yлэлэрин үгэнигэр аралдыйан, халлаан тыалырбытын өйдөөбөккө хааллылар. Уот, өлгөм аһылыктаах сис тыатын быыһыы сатыыр дьоҥҥо уордайбыттыы, умайа сылдьар мас лабааларынан кыыдамнаан, халлааҥҥа өрө куугунуу күүдэпчилэнэр итии суоһа Ньукуустааҕы сабыта биэртэлээтэ.
Баһылай онно эрэ өй ыла охсон, «барыаҕыҥ, куотуҥ» диэн хаһыытаан эрдэҕинэ, сүүнэ мас төбөтө уот түүтэх курдук куһуурбутунан Ньукуус аттыгар кэлэн түстэ. Уот итии төлөнө, ыһылла түспүт кыһыл кыымнара уол сирэйин салаамахтаан ылбыттара. Бары уоттан куотан, иннилэрин хоту түһүнэн кэбиспиттэрэ. Оттон уот үөһээнэн мастан маска ыстаҥалаан, кинилэри икки өттүлэриттэн күөйэрдии, аһыҥастаах көтөр кыыл курдук эккирэтэн, биир кэм күүдэпчилэнэн, өрө уһууран бу ситэн кэлбитэ.
«Тыый! Уокка тыыннаахтыы былдьанар буоллубут буолбаат!» диэн санаа барыларын үүйэ-хаайа туппута. Иэдээн! Уот иннилэрин күөйэ, быһа түспүтэ. Ньукуус ыыс быдаан буруо быыһыгар инники сүүрэн иһэн, ыксалыгар көрбөккө, силистэн иҥнэн умса баран, сирэйинэн тымныы ууга бар гына түспүтэ. Онтон өйдөнөн, буруоттан чачайан сөтөллө-сөтөллө, дьонун ыҥыртаан хаһыытаабыта. Дьоно бөтүөхтэһэн, буруолуу сылдьар таҥастаах сырсан кэлээттэрин кытта:
– Ууга! Ууга киириҥ! Сыта охсуҥ! – диэн хаһыытаталаан, сорохторун, уолуйан иннилэрин хоту уокка сүүрэн эрдэхтэринэ ууга түҥнэри тардыталаабыта. Оттон уот тилэх баттаһан, ойуур кыра ырааһыйатын сэтиэнэҕэр кэлэн буорах курдук күлүм гынан, көхсүлэрин салаамахтаталаабыта. Дьон, төбөлөрүн хам туттан баран, тымныы ууга умса түспүттэрэ. «Булдун» мүччү тутан абарбыт уот моҕой, үрдүлэринэн балайда умайа сылдьар мас лабааларын тамнааттаан, өрө куугунаан, улуйбахтыырга дылы гынан, ыыс быдаан буруо, күл-хоруо олбохтонон, салгыы бара турбута. Ньукуустаах уот суоһа ааһаатын кытары, тобуктарыгар диэри ууга олоро биэрэн, тыын ылан, сөтөллөн бөтүөхтэспиттэрэ, умайан буруолуу сылдьар көхсүлэрин уунан сабыта ыһыспыттара. Бу кинилэр дьоллоругар үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүт, ойуур хотоолугар уолбакка ордон хаалбыт, балаҕан оннун саҕа маар уутугар махтана санаатылар. Оттон мүччү