Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
өрө, бултуу бараары Уолбуттан табаларын туттан кэллилэр. Биирдии бэйэлэрэ үстүү турку көлүүр табалаахтар, ону таһынан сэтии таба илдьэллэр. Сылгыһыт уолаттардыын ыҥыырдаах атынан үүрэн, Уолбукка баар хараалга хаайан дөбөҥнүк арааран, улахан эрэйэ суох туттубуттар. Хабырыыл биһиэхэ чэйдээн баран Мундулуҥдатыгар ааста. Булчуттар сиргэ барар тэрээһиннэрэ – биир туспа сүпсүлгэн: дал иһэ таба эҥээнин тыаһынан лаһыгыраабыта истэргэ үчүгэйэ сүрдээх. Кыра Баһылай уучаҕар чуораан кэтэрдибитэ биир кэм чугдаарар.
Биэрэлээх Баһыычаан таҥнан хачыгырайан тахсан хааччахха хааллыбыт табалары көрөн бэркэ саатаатылар. Баһылай сорох табаларын муоһун, сырыыларыгар сылбырҕа буоллуннар диэн, эрбээн сарбыйталаата. Биир табатыгар түөрт муннук моһуоннаах, халыҥ соҕус тимиринэн оҥоһуллубут, ортотугар чуораан курдук болчуохтаах тыллаах халыгырас кэтэртэ, онтута таба эрчимнээхтик хамсаннаҕына, сүүрдэҕинэ халыгырыы тыаһыыр, чуораан курдук чугдаарбат. Мундулуҥдаттан аҕалбыт туркуларын көрүнэн-истинэн, ыҥыырын, көлүнэр быатын-туһаҕын, алатын, ньуоҕутун хат сөргүтэн, оҥостон-туттан, дьаһанан кэбистэ. Курайын лэкэтин уларытта. Баһылай, арай, ыһыгар кыһаллыбат, ону баҕас ийэтэ, кэргэнэ бэйэлэрэ тэрийэллэр. Урут дьоммут сиргэ баралларын чугаһын саҕана суоруна уһун күнү быһа лүһүгүрүүр бэйэтэ, быйыл булчуттарга мэлиллибит сэлиэһинэй бурдук биэрэннэр, биир улахан үлэ тохтоото.
Мин сыарҕа хаара түһүөҕүттэн Настааччыйаны кытта Арыылаах отун тиэйиитигэр сырыттым. Оппутун Маҥан Халдьаайы пиэрмэтин далыгар таһабыт. Үс сыарҕалаах оҕуһунан кыыкырдатабыт…
Оҕустар Маҥан Халдьаайы хотонугар тураллар, киэһэ бурҕалдьыларын булгутан, дөрөлөрүн муостарыгар сөрөөн, далга ыытан кээһэбит, ону ыанньыксыттар бэйэлэрэ аһаталлар.
Кэлэн иһэр кэлэн иһэр курдук – күн аайы тымныйдар тымныйан иһэр. Дьэбир салгын ордук сарсыарда уонна киэһэ биллэр, күнүс үлэлээн хачыгырайан хамсана-имсэнэ сылдьар буолан киһи тымныыны баардылаабат.
Улахан ардаҕа суох сайын ааһан, кураанахтыы кэмигэр хомуллубут оттор күп-күөхтэр. Сөлөгөйдөөх күөх от быыһыгар хонуу араас чэчигэ өҥүн да сүтэрбэккэ бэйэтэ-бэйэтинэн хатан дьэрэкээннэнэн сылдьарын ылан сыллаан көрдөххө – сүрэҕи-быары хаба ортотунан сайа охсон киирэр үчүгэйкээн сыт дыргыйар… Хайыы-сахха сайыны ахтан өрө тыынан ылабын…
Күрүөбүт биир да сиэрдийэтин, тоһоҕотун алдьаппаппыт. Оппутугар кэлэн, оҕустарбытын булгутан, тоһоҕоҕо баайталаан, түүтэҕинэн от биэрэн хабыалатабыт. Сыарҕабытын соһон аҕалан күрүөттэн атыл курдук тэйиччи туруорабыт. Настааччыйа үөһэ ыттан тордуоҕунан тардан от түһэрэр, мин атырдьахтаан ылан күрүө нөҥүө сыарҕабар эһэн тиэйэбин. Сыарҕаны күрүөҕэ наһаа ыкса тартарар сатаммат, инньэ гыннаххына тиэйбит отуҥ түгэҕэ кыра буолан дуоннаах от тиэллибэт уонна ордук кыһыылааҕа, абалааҕа түҥнэстэн хаалан эрэйдиэн сөп. Онон хаһан баҕарар, ханнык да үлэҕэ, нэмин табан, албаһын билэн сырыттаххына эрэ кыайыылаахтык-хотуулаахтык үлэлиигин.
Сөп-сөп тиэйбит оппун тэпсэн, дьиппинитэн биэрэбин. Өр-өтөр буолбат,