Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
сылыйбыкка дылы буола түстэ…

      Онно-манна дэриэбинэ ыалларын балаҕаннарын ураатыттан хойуу буруолар субуллан тахсан, күөл түгэҕиттэн күҥҥэ тардыһан өрө үүммүт уу ото долгулдьуйарыныы, көбүс-көнөтүк халлааҥҥа тараадыстылар. Ханна эрэ таһырдьа оонньуу сылдьар оҕолор саҥалара ньамалаһара, ол быыһыгар дьахталлар күнүс таска аһаппыт көлүүр оҕустарын хотоҥҥо үүрэн киллэрэн сайдыыллара, ыттар ньаҕыргаһаллара, хайа эрэ ыаллар биһиги курдук мас эрбэнэр, хайыттар тыастара барыта холбоспута – сүргэни көтөҕөн, ураты кэрэ иэйиини саҕар…

      Кыра Баһылай табалара далларын иһигэр түөрэ сытынан кэбиспиттэр. Хойуу салаалаах муостара сырдык-хараҥа былдьаһыытыгар симэлийэ-симэлийэ адаарыйан көстөллөр. Таба – сылгы курдук уһун түүнү быһа дьыраччы тэбинэн турбат харамай.

      Нуһараҥнаабыт халлааҥҥа тиритиэхпитигэр диэри үлүһүйэ үлэлээн, икки оҕус сыарҕа маһы хайытан саһааннаан баран, дьиэбитигэр киирдибит…

      Билиитэ үөһэ ууруллубут балыктаах күөс оргуйан саҥа тэппитин эбээ ырбаахытын эҥэлэйинэн кытыыга тардан биэрэр. Настаа үтүлүгүн ытыһын абырахтанар. Огдооччуйа Баһыычааныгар табысхаан уорҕатынан саҥа бэргэһэ тигэр, иһин сирийэр.

      Биһиги күннээҕи сүрүн үлэбитин үмүрүппүт дьон быһыытынан сынньанабыт. Кыра Баһылай, табахсыт киһи, оһоҕун иннигэр олорон табахтаан бусхатар. Улахан Баһылай адарай оронугар иттэннэри түһэн сытан, түбүккэ нүөлүйэ сылайбыт этин-сиинин хамсатан тыыллаҥныыр: «Айа-аа-аам!..» – диэмэхтиир, сылаатын таһааран, ытыстарын холбуу тутан сирэйин ньухханар. Дьиэ уҥа-хаҥас өттүгэр, кылбаччы сотуллубут таастаах, кыраһыын лаампалара умайбыттара сып-сырдыгынан сандаараллар.

      Улахан Баһылай бүгүн Бэрэтин эргийэн кэлбит, бэлиэлээххэ чааркаан эбии ииппит, туһаҕыттан икки табысхааны ылбыт. Эбээ күөһүн көрө-көрө сарсын сиирбитигэр бэлэмнээн табысхааннарын астыыр, сүлэн-эттээн, хол-буут араартаан баран, таска таһааран тоҥорон кээһэр. Баһыычаан куобах быара сиэри эбэтин ыксатыгар чэкэйэн олорор. Булт быара бүлүүһэҕэ ууруллуор диэри икки илиитигэр бобуччу туппут талах оҕустарын харсыһыннарар. Биэрэ уҥа ороҥҥо түүрүллүбүт таҥас үөһэ чөкөйөн, ийэтэ кирпииччэ үлтүркэйдэрэ хаалбыттарыттан эмти охсон биэрбит буорун бэрт минньигэстик салыыр, харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ амтаһыйан айаҕын ньамырҕатар, тэскэйбит иэдэстэрэ, дьабадьыта, кып-кыра муннун төбөтө барыта буор буолбут. Оҕолор бары да буору сүрдээҕин сөбүлээн сииллэр. Саҥа оһохторун муннугун салаан хас да сиринэн оҥхотоору гыммыттарын иһин, Настааччыйалаах оҕолорго оһохтон ордубут кирпииччэ быһаҕастара хаалбыттарыттан эмти охсон биэрэр буолбуттара хас да хонно.

      Биэрэ аҥаар илиитигэр буорун бобуччу тутан салыыр, биирдэһинэн өрбөх кыыһын түһэҕэр көтөҕөн олорон: «Лүү-лүү-лүү… лүү-лүү-лүү-үү…» – диэн ыллаан дуомнанар. «Кыыһын» утута сатыыр быһыылаах, ол быыһыгар дьиэ иһинээҕи дьону «бары бааллар дуо» диэбиттии хас биирдиибитин сүрдээх болҕомтолоохтук кэриччи көрөр. Хаастарын түрдэһиннэрбит кыра кыыс оттомноох


Скачать книгу