Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
тииҥ кытары баар буолааччы.
– Ол аата дьыл оччотугар диэри сайыҥҥылыы халтаҥ дуо?..
– Һээ, солоҥдо курдук баҕайы туох аанньа буолуой.
– Ахсынньы аам-даам тымныытыгар ол халтаҥ «таҥастарынан» тоҥмоттор үһү дуо?..
– Дьэ туох да билбэт, тииҥ буолан хаалар киһи билиэ этэ арай…
Мин күлэн ылабын.
Улахан Баһылай бүгүн, тоҕо эрэ, санаата лаппа көнньүөрбүт. Түүтэ соролоон саппыйааннаммыт тииҥ бэргэһэтин дуомун, ааҕар балаҕаҥҥа сээкэйи баллыгыраһа, сэргэхсийэ баран иһэр эдэр уоланныы, кэтэҕин диэки кыҥначчы уурунан, тииҥи одуулаһан мылтайан олорор салгын сиэн килэрийбит сирэйин көрөн күлүөх санаам кэлэр.
– Көр ол, Аана… Өссө биир тииҥ баар, итинтиҥ доҕоругар ыттыбыт дии, – диэн Баһылай саҥарбытыгар көрбүтүм, тиит төбөтүн диэки хара өҥнөөх, эмиэ «муостаммыт» тииҥ көп кутуруга эриллэн чэрэйэн олорор. Мин уруккуну тэһэ санааммын:
– Биһиги биирдэ, Маарпалааҕы кытта ынах сылгылыы сылдьан, күһүн, биир тииккэ биэс тииҥ олороругар түбэспиппит, – диибин.
– Буолааччы, оннук мустар, түмсэр мастарын «тииҥ оонньуур» маһа диэччилэр. Биир маска уончаҕа тиийэ тииҥ тоҕуоруһааччы, мин оннугу бэйэм көрөн турабын. Ити баҕас дьэ кырдьык…
– Тоҕо элбэҕэй…
– Дьэ элбэх. Күһүн хайа эмит булчут оннукка түбэстэҕинэ табыллар, биир мастан кыратык омуннаатахха туома бэргэһэ аҥаарын бултуйар… һэ-һэ…
– Оттон тииҥнэр, ардыгар, хас да буолан дьукаах кыстыыллар дии, муҥутаан хас буолан кыстыыллара буолуой?..
– Мин дьиэ таһыгар, ити Арыылаахпытыгар тииҥнии сылдьан, киэһэ борукка төннөн иһэн биир уйаны тоҥсуйан биэһи бултаабытым… Өссө элбэх буолан кыстыыллар диэччилэр, ол эрэн оннукка түбэһэ иликпин. Ылдьаа: «Сэттэни өлөртүм…», – диэччи.
– Сэттэ буолан биир уйаҕа сыталлар?!. Эчи элбээбиттэрин… Уйалара дьэ улахан уораҕай буолуо ээ… ээ-э?..
– Ээ суох, наһаа улааппат, ол эрэн элбэх аата элбэх, биир тииҥ хорҕойор уйатынааҕар баҕас киэҥ буоллаҕа.
Улахан Баһылай сааламмат, онон тииҥи анаан дьарык гынан бултаабат, хата, ол оннугар көҥдөй оҥорон эбэтэр хаар бугул тэбэн бэлиэлээххэ чааркаанныыр. Чааркааннааһын – Баһылай сөбүлүүр дьарыга.
Дьонум бэлиэлээҕи эмиэ да кырынаас дииллэр, аны туран куобаҕы табысхаантан атыннык ааттаабат дьон кытары бааллар. Онон ким хайдах таптыырынан саҥарар. Баһылай икки табысхааны аҕаллаҕына оҕолор, хайа эмит тастан киирбит ыалдьыкка: «Убайбыт биир куобаҕы уонна биир табысхааны аҕалбыта…» – диэн күллэрэллэр… Кыра ыамайдар саҥаларын киһи аахсыбат дьоно.
– Тииҥ сороҕо ньырҕа, ситэ илик, оттон бэлиэлээх баҕас барыта ситтэҕэ дии? – диэн билэр да суолбун Баһылайы саҥардаары ыйытабын.
– Бэлиэлээх кылааннаах түүлээхтэртэн ордук эрдэ ситээччилэрэ, алтынньы саҥатыгар хайыы-сахха туус маҥан буолар. Дьэ бэйи, аныгы сырыыбар чааркаан иитиллиэ, тугун ыксаан, күһүн да, кыһын да уһун – бэлиэлээх ыырдаммыт сириттэн сааскыга диэри сир уларыйбат үгэстээх, онуоха-маныаха диэри