Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
да «саллар». Сайын сайылык оҕустара харсыһан хаан билик буолалларын көрбүт ахан киһи буоллаҕа.
– Кырдьык да оннук эбит, – диэн эбэтэ сэҥээрэр, куобаҕын кулгааҕын тириитин хастыы тардан, өҥүргэһин Баһыычааҥҥа туттарар. Уол кырдырҕаччы ыстаан сиэбитинэн барар.
Настааччыйа ииһин бүтэрэн оһох иннигэр олорон эмиэ табахтыыр.
– Буолкаптаргыт барбыттар буолба-ат?..
– Ээ, ол дьон былыр буоллаҕа, аныаха диэри олоро сылдьыахтара дуо, Сэмэни баччааҥҥа диэри олордубат инигин.
«Свердлов» холкуос идэтийбит алта булчуттаах: биһиги дьоммут таһынан Буолкап Сэмэн сокуоннайын туола илик уола Сэмэҥкэйдиин уонна Намыынап Миитэрэй убайын кытта. Намыынаптар атылыы ааттаахтар, ол иһин кэлин төрөөбүт Миитэрэйи – Ньохо Миитэрэй дииллэр. Улахана буоллаҕына Хоордук Миитэрэй диэн (тугу барытын: «Бу хоордук… ити хоордук…» – дии сылдьарын иһин Хоордук диэн «сүрэхтээбиттэр»). Сурукка, дьыалаҕа-куолуга Миитэрэй 1 (Бастакы), Миитэрэй 2 (Торуой) диэн суруллаллар. Ньохо – биэс уонуттан тахсыбыт, убайа – алта уонун ааспыт киһи.
Буолкап Сэмэн уолунуун бэрт ыраах сиринэн тэлэһийэн сылдьан бултууллар. Оттон ини-бии Намыынаптар дьиэ таһыгар ыырданаллар. Хас да сиргэ, Муҥхаарыма үрэҕин бата үүтээннээхтэр үһү. Сөп буола-буола, уонча эҥин хонукка сүтэ-сүтэ, өтөхтөрүгэр биллэн, кэлэн бараллар. Атын булчуттар курдук эмиэ таба көлөлөөхтөр.
– Миитэрэйдээх сирдэригэр баран кэлтэр дуо? – Улахан Баһылай ыйытар.
– Ньохо бэҕэһээ кэлэ сылдьар этэ, улахана хаалбыт үһү. Таһаҕастарын илдьиммиттэр. Миитэрэй сарсын төннөбүн диэн эрэрэ, бүгүн барда ини…
– Куобахтар күһүҥҥүлэрэ буолан кэм таманнаахтар эбит, үнүргүлэр да ас этилэр, – эбээ сүлбүт биир табысхаанын тириитин аан чанчыгар аҕалан ыйыыр.
Баһыычаан остуолга сытар табысхаан инчэҕэй тириитин убахтаан көрөр, онтон куобах силлибит уоһун сөмүйэтинэн баттыалыыр.
– Уоһа Суох Маарыйа уоһун курдук, – диир.
– Тук, бу да уолу, инньэ диэмэ, кэбис, – диэн Огдооччуйа уолун буойар, Настааччыйа диэки көрө-көрө сонньуйан ылар.
Айдаҥҥа Баһылаайаптар диэн биэс бииргэ төрөөбүттэр бааллар. Кэлин билбитим, өссө ыкса урууларым эбит этэ. Баһылаайаптар аҕалара Буйаа оҕонньор уонна мин эһэм Өлөксөй – бииргэ төрөөбүттэр. Буйаа оҕонньор биэс оҕолоох: Маарыйа, Өксүүн, Ыстапаанньыйа диэн кыргыттардаах, Сүөдэр, Ньукулай диэн уолаттардаах. Сүөдэрдээх Ньукулай иккиэн сэриигэ сылдьаллар үһү. Буйаа оҕонньор өлбүтэ быданнаабыт, ийэлэрэ өссө Буйаа иннинэ «барбыт». Аччыгый кыыс Маарыйа төрүөтэх силлибит уостаах, куобах курдук тииһэ көстөн ордьойо сылдьар, ол иһин Уоһа Суох Маарыйа диэн ааттаабыттар. Маарыйа биһиэхэ сээкэйи баллыгыраһаары өтөр-өтөр киирэр. Миигин уруургуур, балтым диир. Кыайыгас-хотугас, бүгүрү үлэһит дьахтар. Улахан эдьиийэ Өксүүн кэргэннэнэн Халбаакыга барбыт. Онон Маарыйа кыра эдьиийэ Ыстапаанньыйаны кытта иккиэйэҕин олороллор. Ыстапаанньыйа пиэрмэҕэ асчыттыыр.
– Куобах уоһа тоҕо силлибитин билэҕит дуо? – эбээ, үгэһинэн, эмиэ туох эрэ дьиктини кэпсээри оҥостор. –