Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
курдук буолуо дуо, киһи сонуну истэ-билэ турар, Өксөөн да өрүү киирэ-тахса сылдьар; ыалларбыт да сээкэйи баллыгыраһаары ааммытын саппаттар. Эмээхситтэр эбэбэр күннэтэ ыалдьыттыыллар…
Арҕаа Кыргыдай атыыһыта Өлөксүөйэп Сиидэр лааппытыгар итэҕэстэнэн хаайыыга барбыт сураҕа иһилиннэ. Сиидэр – кэлии киһи. Илин Кыргыдайтан Бөтүрүөбэ Маарыйа диэн кыыһы кэргэн ылан баран «Социализм суола» холкуоска олохсуйбута. Эмиэ сир-буор аннынан иһиттэххэ, Алампадьыыстаптаах, туох эрэ дьыалы-куолу кумааҕытын бутуйан, хайа эрэ эридьиэстээх албастарынан эргитэн, бэйэлэрэ сиэн-аһаан баран, буруйа суох киһини уган биэрэн түбэһиннэрбиттэр курдук үһү… Дьонум: «Сиидэр кэргэнэ сордоох икки оҕотун кытта хаалаахтаабыт…», – дэһэллэр.
«Бу күннэргэ, Бүлүү байыҥкыбаатыттан ыҥырык ыытаннар, отой аҕыйах хонуктааҕыта, саастара саҥа сиппит уолаттарбыт утуу-субуу бэбиэскэ тута-тута баран, үлэни кыайар күттүөннээх эр киһибит да туома ордумаары гынна…» – диэн Кыргыдайтан, Балаҕаччыттан холкуос соругар кэлэ сылдьар киирбит-тахсыбыт дьон кэпсэтэллэр.
Айдаҥтан Намыынап Миитэрэй (Хоордук) уола Ньукулай ыҥырылынна. Хассабыык кыыс бэбиэскэни соһуччу аҕалан, Миитэрэй бултуу сылдьар буолан, уолун атаарбакка хаалла…
Били, сайын сүппүт күрүөйэхтэр сүппүттэринэн, туох да сурах-садьык иһиллибэт. Куораттан тахсыбыт милииссийэлэр, ол-бу сорукка таҕыстахтарын аайы, диһэртиирдэр дьонноругар, аймахтарыгар сылдьан сээкэйи эргитэн, угаайылаан ыйыталаһа, билэ-көрө сатыыллар да, күттүөннээх түмүгэ суох төннөллөр. Олохтоохтортон биир эмит дьон баҕар син сээкэйи «сибикилииллэрэ» буолуо да, үҥсэн биэрэр дэрдэм санаалаах киһи суох. Атын холкуоска хайа буолуохтар эбитэ буолла. Аны үҥсүбүт, туоһу буолбут киһи дьыалаҕа-куолуга тардыллан сыһыллара-соһуллара диэн эмиэ биир сор…
Мин от тиэйэн кэлэн баран, күннээҕи сүрүн үлэбин бүтэрэн иллэҥсийдэхпинэ, эдьиийбэр Өксөөҥҥө да сылдьабын, Уоһа Суох Маарыйалаахха да баран кэлэбин. Устунан Айдаҥ дьонун барыларын билэр буоллум, сорохторун – көрөн, сорохторун – кэпсэтэн-ипсэтэн.
Өксөөн дьиэтин иннигэр урукку мэлииһэ ампаара турар. Ону Таппаҕаараптар диэн ыал кэтэх ампаар гынан олороллор. Таппаҕаараптар аҕалара Хабырыыл сылгыһыттыыр, ийэлэрэ Маарпа кыра ыамайдарын Татыйдаах Аанатын көрөн олорор. Үс кыыһа: Биэрэ, Лиза, Маайыкка – Балаҕаччыга оскуолаҕа үөрэнэллэр. Маарпа алтыс оҕотун оһоҕостоох сылдьар. Улахан кыыстара Биэрэ миигиттэн биир сыл аҕа, уоннааҕылар балыстар. Ыаллар ийэлэрэ кэпсэтинньэҥ-ипсэтинньэҥ, элэккэй баҕайы майгылаах дьахтар, аҕалара эмиэ саҥалаах-иҥэлээх, күлүүлээх-оонньуулаах биир үтүө киһи. Маҥнай эбэбин кытары сылдьан баран, кэлин бэйэм кэлэ-бара киирэр-тахсар ыалым буоллулар. Маарпа хотонугар таҕыстаҕына оҕолору көрөн хаалабын хайыыбын, онон ыкса билсэн бардым.
Биирдэ, Маарпалыын мэлииһэ ампаарыгар тахса сылдьыбыппыт. Ыаллар кыһыҥҥы таҥастарын, сээкэй бөхтөрүн ууруналлар эбит этэ. Мин хараҕым сандалы сирэйин саҕа уп-улахан мэлииһэ