Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
күн, бэйэм соҕотоҕун Арыылаахпыттан от тиэйэн тахсан баран Таһарахтыыр оҕонньордооххо, кыра талах туркуга соһон, талкы илдьэн биэрэ бардым. «Эмээхсин талкытын уларыстын» диэн илдьиттээбиттэр. Таһарахтыыр атаҕын дьарҕата бэргээн, (эдэригэр, Түҥ өрүс үөһээ салаатыгар, Тигии Тумса диэн сиргэ эһэҕэ сохсо туруора сылдьан, баттык мас сууллан, бэрбээкэйин сүһүөҕүн үлтүрүппүтэ үһү) букатын соһуллан хаалан, онно-манна барбат-кэлбэт, улахан соругар эрэ, тайахха тэптэрэн хааман дуомнанар. Ойоҕо Ылдьаана кэм арыый да ама киһи дьиэтин күннээҕи түбүгүттэн ордубат. Сылгы тириитэ дуу, тыһа дуу имиттээри гыммыттар. Эмээхсиннээх оҕонньор кэлиҥҥэ диэри кэм тэтиэнэхтэрэ эбитэ, ону биир үксүн оҕолорун да аһыытыгар ньамньыраахтаабыттар. Кыра уоллара Ньукулай сэриигэ өлбүт, Ыкынаачайдара (били, миигин Быркылаахха, Маарыйа эмээхсиҥҥэ аҕалбыт уол), Арҕаа Кыргыдайга сэбиэттии баран баран, иһэ ыалдьан, очоҕоһо бааллан соһумардык быстан турар.

      Үнүр биһиэхэ Былатыанаба Сөдүөрэ диэн дьахтар киирэ сылдьыбыта. Саас ортолоох эрэ дьахтар эрээри отой эмээхсин курдуга, букатын мап-маҥан баттахтааҕа, тугу да сэҥээрбэт буолбут, синигэр түспүккэ дылы ынырык дьүһүннээҕэ. Күнү көрдөрбүт баар суох соҕотох Уоһук диэн уоллааҕа сэриигэ ыҥырыллан, икки сыл курдук сылдьан баран өлбүт. Сөдүөрэ уолун аһыытыгар иэдэйээхтээбит этэ, «муҥнаах муҥатыйарын, сордоох суланарын сөбүлүүр» диэбиккэ дылы: «Аны кэлэн оҕолонор сааспын ааспыт киһибин… Орто дойдуга кэлэн дьүһүн кубулуйаахтаабытым диэн Уоһугум эрэ этэ, чыычааҕым, сүрэҕим ытарҕата, оҕом барахсан уҥуоҕа ханна ый-күн ыһыаҕа буолан ыһыллаахтаабыта биллибэт… Кимим кэлиэй кини кэннэ… олох олороохтоон да диэн… Мин баҕас сынньалаҥ соҕустук «баран» да хаалбыт киһи баар ини…» – диэн иэйэн-туойан муҥнанара. Тустаах киһиэхэ, итинтэн ордук амырыын алдьархай, ыар охсуу ама туох кэлиэй… Иэдээн!.. Барыта сэрии алдьархайа, сэрии содула… Төһөлөөх элбэх харах уутун тохпута, төһөлөөх үгүс – эдэр да, эмэн да олоҕун огдолуппута, кэрэгэй дьылҕалаабыта, түҥнэри түөрэхтээбитэ буолуой – ити айылаах «күн туллар, күһэҥэ быстар» сэриитэ…

      Сөдүөрэ тахсыбытын кэннэ эбэм: «…Сору көрөөхтөөбүт муҥнаах, икки атахтаах хараҕын уута бүппэтэ кэллэҕинэ дьэ бүппэт, элбиир да буолар эбит… Аа, эрэйдээҕим сыыһа, өлүү айаҕын нэтээгинэн бүөлээбиккэ дылы, миэхэ уоскуттараары киирээхтиир буоллаҕа… Муҥнааҕыҥ баара өссө таһараа ыалларыгар ымсыыраахтыыр ээ, кинилэр икки уолларын сүтэрдилэр, ол эрэн кыыстара баар дии, миэхэ буоллаҕына тугум да суох диэн…» – диэн кыһалҕалааҕы аһынан саҥарбыта…

      Туркубар талкыбын соһоммун Талыабай Уйбааннаах тэлгэһэлэрин таһынан ааһан истэхпинэ, дьүөгэм Бороскуобуйа хотонун таһыгар түбүгүрэ сылдьан, миигин түбэһэ көрөн ыҥырбытыгар тохтооммун сээкэйи кэпсэттибит. Борускуобуйа – Талыабай Уйбааннаах, Быркылаах уҥуор олорор Лэкээрэй эмээхсинтэн ылан ииттибит кыыстара. Урут дьукаах олорбут ыаллар кэлин тус-туһунан буруо таһаарыммыттар. Ньаадьылыылар бэйэ-бэйэлэригэр


Скачать книгу