Киһи соҕотох сүрэхтээх…. Петр Захаров

Киһи соҕотох сүрэхтээх… - Петр Захаров


Скачать книгу
билиэххэ сөп.

      Бу кинигэ – сүрэххэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэр тустарынан сахалыы суруйууга бастакы холонуу. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананан сурулунна.

      Үгүс түгэннэргэ киһи аан туомун сахалыы быһаарыытын П.С. Тумусов (П. Тараҕай) «Киһи аан туома» кинигэтиттэн ааптар көҥүлүнэн, киниэхэ улаханнык махтанан туран, ылылынна.

      Манна даҕатан, саха норуотун тылга биир улуу маастарын Сэмэн Руфов этиитин санаан ааһыахха сөп: «Өскө төрүт тылгын умнуоҥ – өнүйбэккэ ииниэҥ-хатыаҥ, силис тардыах сиргин тумнуоҥ – симэлийэн сүтэн барыаҥ».

      Ааҕааччыга ордук өйдөнүмтүө буоллун диэн медицина нууччалыы тиэрминнэрэ эмиэ ыйылыннылар. Бу кинигэни аахпыт киһи сүрэх уонна сүрэх ыарыыларын туһунан билиитэ кэҥиэ, эдэр сааһыттан бэйэтин уонна атын дьон сүрэҕин харыстыырга дьулуһуо диэн эрэнэ саныыбын.

      Кинигэ суруллуутугар уонна бэчээккэ тахсыытыгар көмө, тирэх буолбут бииргэ үлэлиир кэлэктиибим үлэһиттэригэр уонна «Бичик» кинигэ кыһатын салалтатыгар, үлэһиттэригэр дириҥ махталбын тиэрдэбин!

Петр Захаров,Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа,медицинскэй наука дуоктара

      Сүрэх туһунан өй-санаа түҥ былыргыттан билиҥҥи үйэҕэ тиийэ сайдыыта

      Сүрэх туһунан XIX үйэ саҕаланыар диэри толкуй

      Сүрэх уонна киһи ис туруга1 ыкса ситимнээхтэрэ арҕааҥҥы да, илиҥҥи да култуураҕа баар чахчылар. Бу туһунан устуоруйа докумуоннарыгар, научнай суруйууларга, литэрэтиирэҕэ, уруһуйга уонна норуот айымньыларыгар олус элбэхтик ахтыллар, этиллэр уонна дьүһүйүллэр. Грек номоҕор Эрос туһунан, Рим номоҕор Купидон туһунан дьүһүйүүлэр сүрэҕи кытта ыкса чугас алтыһаллар. Былыргы египтяннар сүрэххэ үҥэллэрэ, кинилэр сүрэҕи киһиэхэ тус бэйэтигэр баар таҥара дии саныыллара. Египеккэ киһи өлүгүн көмпүт сир үрдүгэр ууруллубут тааска, анараа дойду туһунан фрескаҕа киһи суута буолара көрдөрүллэр. Онно шакал төбөлөөх Анибус (оҕус биир көрүҥэ) таҥара уонна Ибис (от бииһин ууһун биир көрүҥэ) төбөлөөх мындыр буолуу таҥарата баалларына, өлбүт киһи сүрэҕин ыйааһыҥҥа ыйаан көрөллөрө уонна киһи күн сиригэр олорон оҥорбут айыытын-харатын билэллэрэ. Былыргы египтяннар сүрэҕи үөрэтэн, сүрэх ыарыыларын эмтииллэрэ, киһи анатомическай тутулун (аан-туомун) олус үчүгэйдик билэллэрэ, сүрэҕи киһи сүрүн, киин уоргана диэн билинэллэрэ. Кинилэр өйдүүллэринэн, сүрэххэ киһи өйө, санаатын күүһэ2 уонна ис тутула3 түмүллэр.

      Ацтектар култуураларыгар сүрэх улахан суолтаны ыла сылдьыбыт. Кинилэргэ киһини өлөрөн толук ууруу4 сүдү улахан суолталааҕа, ол иһин толук бэриллибит киһи сүрэҕин быһан ыланнар таҥараҕа аныыллара. Бу курдук сүрэҕи быһан ылыы майя култууратыгар эмиэ баара биллэр. Киһи сүрэҕин хостоон ылан толук биэрии онно туһуламмыт араас ритуальнай церемонияларынан доҕуһуолланара. Америкаҕа Колумб тиийиэн иннинэ, олохтоох норуоттар таҥараҕа толук бэриллибэтэҕинэ сир-дойду бүттүүнэ эстиэ дии саныыллара, онно анаан өлөрбүт киһилэрин


Скачать книгу

<p>1</p>

Эмоции

<p>2</p>

Воля

<p>3</p>

Сознание

<p>4</p>

Жертвоприношение