Киһи соҕотох сүрэхтээх…. Петр Захаров
«сүрэххэ» аналлаах тума быһыытынан биллэр. Сүрэх-тымыр ыарыыларыгар олус киэҥник араас норуоттар хас эмэ үйэлэр усталарыгар туттубуттара. Отут биэс үйэ анараа өттүгэр суруллубут папируска (Эберс) чеснок сүрэх ыарыыларын тэҥэ араас искэннэри, быһа ытыттарыылары эмтээһиҥҥэ уонна илиистиги түһэриигэ туттуллара ыйыллар. Гректэр (Гиппократ) уонна римляннар (Улахан Плиний) чесногунан эмтэнэн үтүөрүүнү олус өрө туталлар этэ. Аюрведическэй медицина аҕата Чарака (биһиги э.и. 3000 с. анараа өттүгэр) чеснок хаан эргиирин тупсарар уонна сүрэх үтүө туруктаах буоларыгар көмөлөһөр диирэ.
Сүрэх «дийиэтэтэ» диэн тугу этэбитий? Түҥ былыргы кэмнэртэн дийиэтэни уларытыы киһи эмтэнэригэр да, араас ыарыылар үөдүйүүлэрин уҕарытыыга да туһалааҕын туһунан этэллэрэ. Ол эрээри XX үйэ ортотун диэки эрэ сүрэх-тымыр ыарыыларыгар сөп түбэһэр дийиэтэлэр оҥоһуллубуттара. 1944 сылаахха Kempner рис, фрукта арааһа уонна сок састааптаах сууккаҕа 2000 калорий эниэргийэни биэрэр дийиэтэни оҥорбута. Бу дийиэтэ натрийы 150 мл, белогу – 20 г, сыаны – 5 г диэри хааччахтыыр. Натрий ас састаабыгар олох кыра буолан, бу дийиэтэ хаан баттааһынын бэркэ түһэрэр. Ол эрээри маннык дийиэтэни, ас амтана соччото суох буолан, тутуһар олус уустук. Онон бу ньыма соччо көдьүүһэ суох буолбута. Билигин сүрэх ыарыытыттан көрөн ананар дийиэтэ арааһа балачча элбэх.
Сүрэх тымырдарын ыарыытын 12 эмтээһин
Түөс иһигэр баар ыарыылары өссө Ассирияҕа, Вавилоҥҥа, хойутуу Египеккэ эмтииллэр этэ. Оччолорго ыарыһахтары харамайдар эттиктэриттэн оҥоһуллубут эминэн13 эмтииллэрэ – мүөтүнэн, сыанан, хаанынан, о.д.а. Ону таһынан араас оттору туһаналлара. Сүнньүнэн, маас оҥорон, ыарыһах түөһүн ньалҕаарыччы сотоллоро, алыптаммыт (ритуальнай) дьайыыларынан доҕуһуоллууллара.
Былыргы Грецияҕа ыарыһаҕы массаастыыллара, кыһыл арыгыны иһэрдэллэрэ, дьаныһан сиэкиһинэн дьарыктаныыны сүбэлииллэрэ. Араб дойдуларыгар медицина сайдыбытын кэннэ, 1000 с. диэки, арыгыны туһаныы кутталлааҕын быһаарбыттара эрээри, арыгы ыарыыны мүлүрүтэр ньыма быһыытынан син биир туттуллара. Гректэр уонна римляннар стенокардия туһунан билэллэр этэ. Ыарахан туруктаах инфарктаабыт киһини оччолорго ас киирэр суола14 ангиналаабыт дииллэрэ. Маннык ыарыылаах киһини хаанын сүүрдэн (Гиппократ ньымата), арыгы иһэрдэн (Асклепиад) уонна опий биэрэн (бу туһунан Гомер ахтыбыта) эмтииллэрэ. Урут angina pectoris (грудная жаба, а.э. – стенокардия) диэн түөс иһигэр үөдүйэр хам туттаран ыгылыйыы ыарыыта аатырара. Бу быһаарыы билигин да туттуллар.
Сүрэх быччыҥын ыарыытын – инфаркт туһунан 1912 сыллаахтан суруйбуттара. Аан маҥнай 1867 сыллаахха стенокардияны эмтииргэ амилнитрити, оттон 1879 сылтан нитроглицерини (William Murrell) туһанар буолбуттара. Ол эрэн, уруккуттан биллэр уонна туһаныллар мышьягы, стрихинини, конопляны үтэйбэтэхтэрэ, балар оннуларыгар туттуллубатахтара.
Сүүсчэкэ сыл ааспытын эрэ кэннэ бу ыарыы сүрэх тымырдарын кыарааһыныттан үөскүүрэ быһаарыллыбыта.
12
Ишемическая болезнь сердца
13
Лекарство животного происхождения
14
Пищевод