Киһи соҕотох сүрэхтээх…. Петр Захаров
уонна хаан хамсааһынын туһунан анатомическай чинчийии» диэн 1628 сыллаахха таһаарбыт кинигэтигэр «киһиэхэ биир хаан кини эттигинэн эргийэ сүүрүгүрэр» диэн суруйан, Гален теорията сыыһатын уонна алҕаһын дакаастаабыта XIX үйэҕэ наукаҕа да, практическай медицинаҕа да сүрэҕи үөрэтиигэ уһулуччу суолталаах. XVII үйэҕэ экспериментальнай физиология бэрэстэбиитэлэ Альфонсо Борелли (1608–1676) «мин айылҕа хамсааһына барыта хааны олох кылгас суолунан эргитэр сүрэҕи кытта ыга ситимнээҕин бигэргэтэбин» диэн суруйбута. Кини тыҥа сүрэҕи сөрүүкэтэр диэн теория сыыһатын дакаастаабыта, сүрэх хаҥас өттүн температурата атын уорганнар температураларыттан үрдүгэ суох диэн. Николас Стено аатынан биллибит, аатырбыт датскай анатом уонна физиолог Нильс Стенсен (1648–1686) сүрэх быччыҥнарын сиһилии ырытан, кинилэр хайдах тутуллаахтарын туһунан боччумнаахтык суруйбута. XVII үйэ бүтүөр диэри сүрэх ыарыыларын симптоматическай, ол аата клиническэй эрэ ньымаларынан быһаара сатыыллара, ханнык даҕаны специфическэй эмтээһин көрүҥэ суох этэ. Маннык быһыы-майгы көннөрүллэригэр улахан өҥөнү Джованни Ланчизи (1654–1720) уонна Ипполито Альбертини (1662–1738) киллэрбиттэрэ. Джованни Морганьи (1682–1771), Италия аатырбыт анатома, эрдэ олохтоммут араас түөрүйэни туораппыта. Кини чинчийиилэригэр олоҕуран, сүрэх туһунан сиһилии суруйуу оруннаммыта, кылаапан ыарыыларын үөрэтии саҕаламмыта. XVII үйэҕэ суруллубут хаан эргиирин туһунан үлэлэргэ, сүрэх үлэтигэр сыһыаннаах чинчийиллибит арыйыыларга олоҕуран, Альбрехт фон Галлер (1708–1777) сүрэх быччыҥнара күүрэр, түллэр кэмигэр үлэлиирин дакаастаабыта. Кини этэринэн, сүрэх быччыҥнара хаан киирэриттэн кэбэҕэстик үллэҥнэһэллэр. Ол эрээри Абрахам Энс уонна Луиджи Гальвани эмиэ бу хайысхаҕа дьаныһан дьарыгыраннар, сүрэххэ муммут ньиэрбэ6 дьайыытын үөрэтэннэр, Галлер түөрүйэтин саарбах өрүттэрин көрдөрбүттэрэ. Бу түөрүйэ олоххо хойут киирбитэ уонна туһаныллар туруктаммыта.
Жан Батист де Сенак (1693–1770) «Сүрэх ис тутулун, кини дьайыытын уонна ыарыытын туһунан трактат» кинигэтигэр сүрэх ыарыыларын клиническэй уонна паталого-анатомическай тутулларын сиһилии суруйбута. Кини перикардит туһунан олус кэрэхсэбиллээхтик ырыппыта, гидроторакс ыарыыта хаан эргиирэ кэһиллиититтэн үөскүүрүн дакаастаабыта. Жан Бруно (1796–1881) «Сүрэх ыарыыларын туһунан клиническэй трактат» кинигэтигэр сүрэх-тымыр систиэмэтигэр эндокардит уонна сүрэх ревматическай эчэйиилэрин туһунан сиһилии ырытар. Немец учуонайа Карл Людвиг (1816–1895) аан маҥнайгынан системнэй артерияҕа уонна тыҥа артериятыгар хаан баттааһынын кээмэйдээбитэ. 1866 сыллаахха кини Ционы кытта сүрэх үлэтигэр температура дьайыытын туһунан үөрэтиини киллэрбитэ. 1869 сыллаахха немец учуонайа Теодор Энгельман (1843–1909) сүрэх тэбиитэ быччыҥын иһигэр үөскүүр көҕүлүүр күүстэн саҕыллар диэн сырдаппыта. Вильгельм Гис II (1863–1934) Гис бөлөҕүн7 арыйбыта уонна бу бөлөх эчэйдэҕинэ сүрэххэ хайдах дьайарын үөрэппитэ. Биллиилээх чинчийээччи Алексис Каррел (1873–1944) тымырдары тигии
6
Блуждающий нерв
7
Пучок Гиса