Киһи соҕотох сүрэхтээх…. Петр Захаров
итэҕэлгэ уонна мифологияҕа. Библияҕа олус элбэхтик сүрэх туһунан суруллар. Иисус Христос кэмиттэн Таҥара дьиэлэрин аҕабыыттара Иисус Таҥара Сырдык Сүрэҕин10 кытта алтыһар апостол үгэһин салгыыллар. 1765 сыллаахха Климент XIII Рим Папатын көҕүлээһининэн уонна дьаһалынан Иисус Христос Сырдык Сүрэҕэр анаммыт сулууспа – Иисус Сырдык Сүрэҕэ диэн таҥара бырааһынньыга литургия халандаарыгар киирбитэ.
Айыылартан айдарыллыбыт Мария Кыыс Сүрэҕин11 бэлиэтиир күн XVII үйэҕэ Таҥара уола Иоанн Эда уонна кинини утумнааччылар дьарыктарынан таҥара сүрэх туһунан үөрэҕин бигэргэтииттэн саҕаламмыта. Кинини Пий X Рим Папата «Сырдык Сүрэхтэр апостоллара» диэн ааттаабыта.
Сибэтиэй Валентин туһунан хас да үһүйээн баар. Биһиги эрабыт саҕаланыа III үйэ иннинэ Рим баһылыыр-көһүлүүр кэмиттэн саҕаланар. Бу кэмҥэ императордар христианнары бэйэлэрин античнай итэҕэллэрин ыллараары эккирэтиһэллэрэ. Ол кэмҥэ саллааттар кэргэннэнэр бырааптара суоҕа. Ойохтоох буойуннааҕар соҕотох эр киһи империяны быдан ордук көмүскүө, оҕолоох, сиэннээх буойун дьиэтин-уотун эрэ туһунан саныыр диэн өйдүүллэрэ. Субу кэмҥэ Сибэтиэй Валентин – христианнар таҥараларын үлэһитэ маннык ыар, куһаҕан быһыыланыыны көрөн, христиан итэҕэлин сиэринэн-туомунан саллааттары таптыыр кыргыттарын кытта кистээн холботолообут. Кинини, бу дьыалата арыллан, император Клавдий II дьаһалынан хаайаллар. Түрмэҕэ сытан Валентин хараҕа суох кыыстаах түрмэ үлэһитиниин билсэр. Кини Валентинтан кыыһын көрөр оҥороругар көрдөспүт. Онуоха, сөбүлэһэн, төрүөҕүттэн көрбөт кыыһы көрөр оҥорбут. Олунньу 14 күнүгэр, өлөрүөхтэрин иннинэ, Валентин хаайыы үлэһититтэн кумааҕы уонна бөрүө көрдөһөн ылбыт уонна ол кыыска тапталга билинэн суруйбут, «Эн Валентиҥҥыттан» диэн илии баттаабыт. Аны атын кэпсээнинэн, Валентин рим төрүттээх христианин этэ. кинини бэйэтин итэҕэлиттэн аккаастамматаҕын иһин уонна хаайыылаах христианнары күрэппитин иһин б.э. иннинэ 269 сыллаахха өлөрбүттэрэ. Сибэтиэй Валентин күнүн бырааһынньыга аан маҥнай 496 сыллаахха бэлиэтэммитэ, бу бырааһынньык Геласий I Рим Папатын дьаһалынан быһаарыллыбыта. Сүүһүнэн сыллар тухары Валентин тапталлаахтары араҥаччылааччынан, оттон «валентинка» тапталга тыла суох билинии бэлиэтинэн буолар. Маны тэҥэ, сүрэххэ ханыылаан, XIX үйэ саҥатыттан аккырыыккаларга таптал таҥаратын Купидону көрдөрөллөрө.
Сүрэх, кут-сүр (душа) уонна таптал туһунан эттэххэ, киһи сүрэҕэ былыргыттан хорсун быһыыланыы уонна таптал түһүмэхтэрэ буолара кинилэри туруктууллара. Биир оннук түҥ былыр үөдүйбүт шумер диэн норуот киһи кута-сүрэ сүрэххэ кииннэнэр диэн өйдөбүллээх этэ. Биһиги эрабыт иннинэ V үйэҕэ былыргы гректэр быраастара, медицина аҕата биллиилээх Гиппократ саҕаттан билиҥҥи медицина үөдүйбүтэ. Оччотооҕуга киһи кута-сүрэ ханна баарын билэ сатаабыттара. Гиппократ төбөҕө баар дии саныыра.
Грек филособа Платон (428–347 биһиги э.и.) кэпсэтии ньыматынан суруллубут «Федон» айымньытыгар киһи кута мэйиитигэр
10
Пресвятое Сердце Иисуса
11
Пренепорочное Сердце Девы Марии