Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник
XX вв.» үлэтигэр суруйарынан, бу сирдэргэ 1650–1652 сс. улахан уоспа туран, үгүс тоҥуһу эспит. Кураанахсыйбыт сирдэргэ Алын Бүлүүттэн уонна киин улуустартан сахалар кэлиилэрэ күүһүрбүт. Үөһээ Бүлүү симиэбийэтигэр 1667–1668 сс. 607 киһи дьаһаах төлүүр эбит буоллаҕына, онтон сахата – 321, тоҥуһа – 286 эбит. Сахалар манна 24 буоластан мустубуттара. Ордук хото Хаҥаластан (92 киһи), Бордоҥтон (63), Намтан (24). Улахан бөлөхтөр саҥа сирдэргэ көһөн тиийэллэригэр хайаан да ойууннаах буолалларын үһүйээннэртэн билэбит. Онон хаҥаластар да улахан ойууннардаах тиийбиттэрэ саарбаҕаламмат.
Биллэр учуонай Б.О. Долгих «Родовой и племенной состав народов Сибири в XVII веке» кинигэтигэр Сибиир норуоттара ханнык аҕа уустаахтарын үөрэтэн ырыппыта. Ити кинигэтигэр 1660 с. диэки Лүүчүн аҕатын ууһун киһитэ Баку Одукеев биэс дуу, алта дуу хамначчыттаах, 60-ча биэлээх уонна сурукка «первой человек в лучинах» диэн бэлиэтэммит диэн суруллубут. «Баку» диэн аат, Багдарыын Сүлбэ суруйарынан, сахалыыта «Бакы» диэн буолуон сөп. Бу сахаҕа тарҕаммыт аат эбит. Бакылар Горнайга уонна Үөһээ Бүлүүгэ олорон ааспыттар. Өссө Бакыйа, Бакынай, Бакынар, Бакыр, Бакыры, Бакырыйа, Бакырыыс диэн ааттар бааллар (Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003).
Өссө биир суруйууга тохтуубут. С.А. Токарев «Общественный строй якутов XVII–XVIII вв.» үлэтигэр «У Вилюйского тойона Баку в 1667 г. было 5–6 холопей» диэн суруллар. Тэҥнээн көрүүгэ 1648–1649 сс. дьаһаах кинигэтигэр 1497 киһи аата киирбит буоллаҕына, олор истэриттэн 57-тэ хамначчыт эбит. Ол иһиттэн Хаҥалас 26 буолаһыттан, Мэҥэттэн – 5, Намтан – 2, Бороҕонтон – 1 бааллара ыйыллыбыт. Оччотугар Баку төрүт-уус киһи ыччата эбит. Кини аатыгар сөп түбэһэр Тыгын бииргэ төрөөбүт убайа Ника баар. Кини аҕыс уолаттардаах, олор истэригэр Одукей уонна Селбясин бааллар. Аны А.И. Эверстов «Ньидьили былыргыта» кинигэтигэр Одукей өссө биир Тукунай диэн аата сурукка киирбит уоллаах этэ диэбит. Тукунай уолаттара Ньидьили дьонун төрүттэрэ буолбуттара диэн ылыннарыылаахтык дакаастаабыт. Оччотугар Одукей-Уһун Ойуун уола Баку, сиэннэрэ Тения, Тулааһын (Тукунай уолаттара), Сэлбээһин уола Быыгынас ойуун ыччаттара Үс Бүлүүнэн киэҥник тарҕанан олохсуйбуттар эбит диэн этии оруннаах буолан тахсар.
Улуу Айыы ойууна Уһун Ойуун нуучча докумуоннарыгар Одукей Никин диэн аатынан киирэ сылдьар. Кини хаҥаластар биир улахан религиознай уонна көҥүл иһин 1641 с. өрө турууларын салайааччыта этэ. 1642 с. хабараан бойобуода П. Головин бу өрө туруу салайааччыларын, 23 киһини күүскэ накаастаан, ким да истибэтэх ыар муҥнааһыннарын муҥнаан баран, барыларын ыйаан өлөрбүтэ. Сорохторо, ити араастаан кэбилээһини тулуйбакка, эрдэ өлбүттэрэ, олору эмиэ хостотон таһааран ыйаталаабыта. Уһун Ойуун сүгүн өлбөккө, өлөрүөхсүттэри салыннарбыта. Ыйаабыттарыгар уһаан, атаҕа сиргэ тиийбит. Кини аптаах-хомуһуннаах Улуу Айыы ойууна этэ. Өлүөн иннинэ: «Аар Айыы Итэҕэлин Сырдык Уота саха дьонугар эргиллэр кэмэ кэлиэҕэ», – диэбит. Үйэ-саас тухары Айыы Ойууна, бу сүүрбэ үс ытык дьон ааттарын-суолларын Аар Айыыларга үҥэн-сүктэн ахта