Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник


Скачать книгу
хараҕын олорпотохтор диэн өйдүөххэ сөп. Эттэнэр киһи үс күн эттэнэр, хаттаан саманар. Ол кэмҥэ тамаҕын сиигирдэр киһи баар буолуохтаах эбит. Эттэниини тулуйбакка, өлөр түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Оттон үтүөрбүт киһини кырдьаҕас ойуун төһө күүстээҕин билээри чинчийэр, тургутан көрөр. Ойууҥҥа дүҥүрүн, таҥаһын туттарар. Ойууннааһын үөрэҕин чинчийбиттэр «ойуун буолуу бу – искусство» дииллэрин кытта сөбүлэһиэххэ сөп. Ойуун сир-дойду иччилэригэр киириитэ, бастакы олоххо кыырар айана, хас олох аайы хайдах хамсанара тус-туспа. Билиҥҥи өйдөбүлүнэн, кырдьаҕас ойуун режиссер оруолун толорор.

      Сэбиэскэй былаас саҕана, ойууннааһыны билиммэт, төрдүттэн эһэр кэмнэригэр, ойуун буолаары өлөр-тиллэр ыарыыга сытар киһини эмтээбитэ буолан иирэр бараахха сытыараллара. Билигин Саха сиригэр киэҥник биллэн эрэр Федот Петрович Иванов (Бүлүү, Дьөккөн) бэйэтэ кэпсииринэн, оҕо сырыттаҕына, чаллах тииккэ олорбут суор киһилии саҥарбытыттан куттанан улаханнык быарынан ыалдьыбыт эбит, онтон үтүөрэн отоһут буолбут.

      Саха ойууннара аптара-хомуһуннара күүстээҕин илэ хараҕынан көрбүт, I Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа, декабрист Матвей Иванович Муравьев-Апостол саха ойууна кыырбытын туһунан ахтыбыта баар. 1829 с. кулун тутарыгар Норвегия флотун лейтенана Дуэ диэн киһини кытта билсибит. Сыылкаҕа олорор киһи ыалдьытын кытта кэпсэтэн билбитэ Норвегия правительствота магнитнай полюстары үөрэтэргэ тэрийбит экспедициятын чилиэнэ эбит. Муравьев-Апостол бу кытыы дойдуга үөрэхтээх киһини көрсүбүтүттэн олус үөрбүт, үс күнү быһа кэпсэтэн элбэҕи билбит, истибит. Киһитэ саха ойууна кыырарын көрүөн баҕарарын эппит. Матвей Иванович бэйэтэ эмиэ ойуун кыырарын көрө илик буолан сөбүлэспит. Таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ ойуун куоракка киирэрин, кыырарын кытаанахтык боболлор эбит. Кинилэр үөрүүлэригэр Бүлүү уокуругун комиссара Михайлов сөбүлэспит уонна бэйэтинэн тэрийсибит. Муравьев-Апостол дьиэтэ таҥара дьиэтин аттыгар турар буолан, ойууннааһын олох сатаммат диэбиттэрин, хата Михайлов аҕабыыттан көҥүлүн ылбыт.

      Болдьоммут кэмҥэ элбэх арыалдьыттаах ойуун кэлбит. Элбэх куорат олохтоохторо мустубуттар. Мантан аллара Муравьев-Апостол ахтыытын биэрэбит: «Ойуун атаҕын кумуйан ууран муостаҕа олордо уонна таҥныбытынан барда. Имиллибит тирииттэн тигиллибит таҥаһыгар араас тимир кыаһааннар ыйаммыттара, хас хамсаннаҕын аайы тыаһы таһаараллар, араастаан кылыгырыыллар. Ойуун таҥаһа олус кыараҕаһын, нэһииччэ батар гына оҥоһуллубутун бэлиэтии көрбүтүм, этин ыбылы ылбыт этэ. Таҥас анныгар кини тугу да кистээн угар кыаҕа суоҕа. Ойууммут уһун баттаҕын ыһан кэбистэ уонна кыыран дьигиһийэн киирэн барда. Былаайаҕынан дүҥүрүн охсо-охсо, биир-биир салгынын, уутун, тыатын иччилэрин ыҥыран барда (Жирков диэн хаһаах ойуун тугу саҥарбытын тута тылбаастаан иһэр). Онтон ойуун араастаан ынчыктаан, онолуйан, үҥсэргээн киирэн барда: «Адьырҕа кыыл испэр киирэн сэймэктээн эрэр», – диэн уйа-хайа суох бараары гынна. Улам дүҥүрүн охсорун тэтимэ күүһүрэн түргэтээн барда,


Скачать книгу